Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн эҕэрдэтэ

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Бу орто туруу бараан дойдуга биһиги чугас дьонноохпутунан күүстээхпит. Дьиэ кэргэн – таптал, үтүө санаа уонна кыһамньы биһигэ. Бигэ туруктаах, дьоллоох дьиэ кэргэн модун уонна дьоллоох дойду бөҕө тирэҕинэн буолар. Ол иһин Россияҕа дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ, оҕо төрөөһүнүгэр, дьиэ кэргэн олоҕун уйгутун тупсарыыга улахан болҕомто ууруллар.

Россия Федерациятын Конституциятыгар дьиэ кэргэн үгэс буолбут укулаатын, аймахтар үтүө сыһыаннарын, төрөппүттэр оҕо кэскилин түстүүр эппиэтинэстэрин уонна саастаах дьон кырдьар саастарын көмүскүүр олохпут тутаах бириинсиптэрэ суруллар.

Аныгы үйэ бары эйгэтигэр, чуолаан социальнай көмүскэлгэ, ипотека кредитин биэриигэ эбэтэр бэйэ биисинэһин тэриниигэ дьиэ кэргэҥҥэ ураты болҕомто ууруллар, социальнай чэпчэтиилэр көрүллэллэр.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр дьиэ кэргэҥҥэ туһуламмыт судаарыстыба өйөбүлүн кэҥэтэргэ дьулуһабыт. Ол курдук, иккис уонна үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ ийэ (дьиэ кэргэн) эрэгийиэннээҕи хапытаалын биэрэбит, элбэх оҕолоох ыаллары чиэстиибит уонна өйүүбүт, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ өйөбүл оҥоробут. Быйыл саҥа төрөөбүт оҕолоох ыалга “Үйэ оҕото” тус сыаллаах хапытаалы олохтоон төлүүбүт.

Саха сирэ нэһилиэнньэ айылҕа быһыытынан элбиир уонна оҕо төрүүр көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ бастыҥ буоларынан, бүтүн Россиятааҕы демографичекай рейтиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьарынан киэн туттабыт. Аҥардас бэс ыйыгар өрөспүүбүлүкэбитигэр 978 оҕо төрөөтө!

Саха сирэ өбүгэ саҕаттан халыҥ аймахтааҕынан аатырар. Биһиэхэ элбэх оҕолоох буолуу олохпут нуормата буолар, биир дьиэҕэ тапталга уонна өйдөһүүгэ бигэнэн хас да көлүөнэ аймах олороро сонун буолбатах. Ол түмүгэр дириҥ силистээх, өлбөт-сүппэт төрүт үгэстэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэллэр, өбүгэлэрбитин кытта ситим сүппэт, дьиэ иһинээҕи сыһыан бөҕөргүүр.

Күндү доҕоттор! Бу кэрэ-бэлиэ, ыраас иэйиинэн туолбут күҥҥэ ыал буолар уонна дьиэ кэргэн үгэһин өр сылларга харыстаан кэлбит, тапталынан уонна бэриниилээх буолуунан угуттанан ураты эйгэни тэрийэр, дойдуга дьоһун гражданины иитэн таһаарар биир дойдулаахтарбар барҕа махталбын биллэрэбин!

Эһиэхэ дьолу уонна чэгиэн туругу, тапталы уонна бэриниилээх буолууну баҕарабын! Дьиэ кэргэҥҥитигэр өрүү сылаас сыһыан, үтүөҕэ дьулуһуу арыалластын, чугастык саныыр, таптыыр, мэлдьи күүтэр дьонноох дьиэҕит сырдыгынан сыдьаайдын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                Айсен Николаев

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0