Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ таҕыста

Бөлөххө киир:

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, быһа эпииргэ тахсан бастатан туран өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Судаарыстыбаннас күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Быһа эпииргэ Ил Дарханы кытта өрөспүүбүлүкэ дьокутааттара, улуус баһылыктара, министиэристибэлэр бары киирбит ыйытыыларга быһаччы эппиэттииргэ бэлэм онлайн олороллорун эпиир экраныгар көрдөрдүлэр. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо ыйытыыларын төлөпүөн нөҥүө эрийэн эбэтэр бассаап ситимигэр суруйан биэрэллэр.
Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиири үс сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэбит ситиһиилэрин бэлиэтээн саҕалаата. Ол курдук социальнай экэнэмиичэскэй сайдыыга, бырамыысыланнас сайдыытыгар Уһук Илиҥҥэ иккис миэстэҕэ сылдьарбытын, Арассыыйаҕа биэс бастыҥ иһигэр киирбиппитин бэлиэтээтэ. Бу барыта өрөпүүбүлүкэ олохтоохторо туруктаах, үрдүк дохуоттаах, баайдык олороллорун туһугар туһуланарын ыйда.
Быһа эпиир ыытааччылара бастакы ыйытыыны балаҕан ыйын 19 күнүнээҕи Ил Түмэн уонна нэһилиэк баһылыктарын быыбардара хайдах быһыылаахтык ааспыттарын ыйытан саҕалаатылар.
Ил Дархан Айсен Николаев бу ыйытыыга маннык хоруйдаата:
— Төһө да ардах, хаар, тымныы буоллар, өрөспүүбүлүкэбитигэр быыбар холкутук ааста диэн бэлиэтиэххэ наада. Саха дьонуттан биэс киһи Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарынан талылыннылар. Бу дьон төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин сайдыытыгар үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин, — диэтэ.
Быыбар түмүгүнэн СӨ бырабыыталыстыба састааба уларыйыа дуо?
Ил Түмэҥҥэ уларыйыы буолар, ол курдук Сахамин Миланович, Анатолий Анатольевич боломуочуйаларыттан босхолонон сайабылыанньа суруйбуттара. Оттон бырабыыталыстыбаҕа уларыйыы туһунан этэр буоллахха, былаас норуот саҥатын истиэхтээх, олох таһыма сайдан иһиэхтээх.
Горнай улууһун Бэс Күөлэ чөлүгэр хаһан түһүөй?
Ойуур баһаарын түмүгүнэн Горнай улууһун Бэс Күөл сэлиэнньэтигэр 34 дьиэ уокка былдьаммыта. Ити баһаар кэмигэр мин Бэс күөлүгэр баарым. Эмсэҕэлээбит дьон санааларын көтөҕөн кыстыкка киириигэ чөлүгэр түһэриэхпит диэн мэктиэ тылбын биэрбитим, дьон ити тылбын ыараханнык итэҕэйбитэ. Ол эрээри РФ бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин көмөтүнэн 25 мөлүйүөн көрүллэн, ону сэргэ өрөспүүбүүкэ олохтоохторун күүстэринэн, биир сомоҕо буолан бары күүһү-санааны уураммыт бастакы толору хааччыллыылаах дьиэ үлэҕэ киирдэ. Ону таһынан кэтэх ыал хотонноро, сүүс ынах турар улахан хотоно эмиэ тутуллан билигин үлэ күүстээхтик бара турар. Мин сарсын Бэс Күөлгэ тиийэбин. Алтынньы 15 күнүгэр Бэс Күөл нэһилиэгэ чөлүгэр түһүөҕэ диэн этэбин.
Ойууру харыстааһын туруга хайдаҕый?
Саха сирэ наһаа киэҥ сирдээх, биһиэхэ ойууру харыстааһыҥҥа 250 мөлүйүөн көрүллүбүт буолаҕына, ол аата биир гектар сиргэ алта солкуобай диэн ааҕыллар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлиир Авиалесоохрана тэрилтэ 200 байыастаах. Улахан баһаардар тураннар бүтүн Арассыыйа бары көмөлөһөн 19 эрэгийиэнтэн анал сулууспалар, баҕалаах волонтердар, олохтоох дьон-сэргэ, РФ ЫБММ, оборуона министиэристибэтэ бары күүс-көмө буолан биһиги маны кыайдыбыт. Биллэн турар, бачча киэҥ иэннээх тыалардаах Сахабыт сиригэр ойуур баһаара турар этэ, туруоҕа даҕаны. Бу баһаардар улахан ойуур баһаардарыгар кубулуйумуохтарын наада.
Коронавирус дьаҥа хаһан ааһыай? Оскуола оҕолоро эмиэ дьиэттэн олорон үөрэнэр буоллулар.

Өрөспүүбүүкэ үрдүнэн дьаҥ билигин да баар. Күннэтэ 190 киһи ыалдьар. Сүрүннээн Дьокуускайга ыалдьыы ахсаана элбэх. Оттон оҕолору дьиэттэн олодон үөрэтии сүрүн биричиинэтэ – орви, гириип бырыһыана икки төгүл үрдээн харантыыҥҥа ыыттыбыт. Оттон вакцинаны ылыыга биһиги эрэгийиэммит ахсыс мисэтэҕэ сылдьар, өлүү ахсаанынан кэнниттэн аахтахха алтыс миэстэҕэ сылдьабыт. Улуустарга билигин стационардар толорулар. Наада буоллаҕына эбии куойкалары аһыахпыт. Билигин биһиги дьаҥы кыайар кыахпыт вакциналаныы эрэ буоларын өйдүөхтээхпит. Коронавирус дьаҥын утары эмп суох.вакцина уонна ревакцинация эрэ көмөлөһөр кыахтааҕын умнуо суохтаахпыт.
Өрөспүүбүлүкэҕэ авиация сайдыытын туруга хайдаҕый?
Өрөспүүбүлүкэ иһигэр дьоҕус авиация боппуруоһун субсидирование эрэ көмөтүнэн быһаарар кыахтаахпыт. Дьокуускайтан Баатаҕайга эбэтэр Орто Халымаҕа көтүү сыаната ыарахан. Бу субсидирование үбүн Арассыыйа Федерациятын эрэ көмөтүнэн уйунар кыахтаахпыт. Икки күн аранаа өттүгэр Егор Афанасьевичтыын уонна Александр Акимовы кытта субсидирование кыһалҕатын туһунан кэпсэппитим.
Билигин аэропуортары реконструкциялааһын үлэтэ бара турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 14 аэропорт хапсар. Нерюнгригэ самолет түһэр полосата оҥоһуллан сэтинньи 1 күнүгэр Москваттан Нерюнгригэ диэри самолет көтөн кэлиэхтээх.

Хаҥалас улууһун нэһилиэктэрин икки ардыларынааҕы Тумул, Булгунньахтаах, Тиит Арыы суоллара хаһан оҥоһуллуохтарай?
Суол- сайдыы хорук тымырын кэриэтэ. Суол баар буоллаҕына сайдыы баар. Тиит Арыы уонна Тумул суола оҥоһуллуоҕа. Билигин симиэтэ уонна бырайыак докумуона ооҥоһулла сылдьар. 11 км усталаах суолга 700 мөлүйүөн солкуобай наада. Сыаналаах тутуу, ол эрээри бу суол салгыы Саха сирин соҕуруу өттүгэр Өлүөхүмэҕэ тиийэ барыахтаах.
Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0