ИЛ ДАРХАН АЙСЕН НИКОЛАЕВ АРАССЫЫЙА БЭЧЭЭТИН КҮНҮНЭН ЭҔЭРДЭТЭ
Ытыктабыллаах с у р у н а л ы ы с т а р , бэчээт, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа үлэһиттэрэ уонна салаа үлэһиттэрэ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Тылы
кытта үлэлээччилэри барыгытын – Арассыыйа бэчээтин күнүнэн
эҕэрдэлиибин!
Арассыыйа бэчээтин күнэ үс үйэттэн ордук кэми хабар. Улахан устуоруйа!
1703 сыллаахха Петр Великэй ыйааҕынан «Ведомости» – Арассыыйа бастакы бэчээтинэй таһаарыыта саҕаламмыта. 1887 сыллаахха «Якутские епархиальные ведомости», онтон 1892 cыллаахха «Якутские областные ведомости» бэчээттэнэн саҕаламмыттара. Өскөтүн бастакы хаһыаттары дьиктиргии көрбүт буоллахтарына, сотору кэминэн киһи аймах бэйэтин олоҕун бэчээттэммит хаһыата суох сатаан санаабат буолбута. Уопсастыба сайдыытыгар бэчээттэммит таһаарыылар суолталарын өйдүүр буолбуттара. Хаһыаттарга тахсар иһитиннэриигэ улахан араастаһыы
тахсара, кэпсээччи эбэн-сабан кэпсээһиннэрэ тарҕанара.
Эһиги эрэ биһиги олохпут бары өрүтүн
сырдатаҕыт, дойдубут дьиҥнээх, киэҥ
өрүттээх уонна дьиҥ мөссүөнүн түстүүгүт. Эһиги эрэ былаас уонна уопсастыба икки ардыларыгар кэпсэтиини тэрийэҕит, бу кэпсэтиигэ дьоһун ситим буолаҕыт.
Сонуннары суһаллык уонна хаачыстыбалаахтык иһитиннэрэн, олох бары хайысхаларыгар ырытыы – эһиги соруккут уонна
бу соругу бэртээхэйдик толороҕут.
Билиҥҥи кэмҥэ Саха сиригэр сонуннары киэҥник тарҕатар сүүһүнэн сириэстибэ регистрацияламмыт, интэриниэт-таһаарыылар ахсааннара элбиир.
Саха сиригэр аныгы пресса үчүгэй
тэтимнээхтик сайдар, үрдүк идэтийбит
таһымҥа, маныаха үтүө үгэстэри сайыннаран.
Саҥа былаһааккалары, сонуннары биэриини баһылаан, эһиги аан дойду саҥа устуоруйатын төрүттээн, сайдыыны
иннин диэки хамсатаҕыт.
Биһиги эһигинниин биир уопсай сыал
туһугар туруулаһабыт – Саха сирин олохтоохторо тупсаҕай олохтоноллорун уонна хас биирдиибит бэйэтин төрөөбүт Ийэ дойдутунан киэн туттарын туһугар. Бары уопсай күүспүтүнэн биһиги үгүһү ситиһиэхпит диэн эрэнэбин. Барыбытыгар сүҥкэн
суолталаах сылга — биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын устуоруйаҕа киирбит
саҥа сүүс сыла саҕаламмыт сылыгар.
Ураты махтал — Сонуннары киэҥник
тарҕатар ситимнэр бэтэрээннэригэр!
Күндү доҕоттор! Бу үөрүүлээх бырааһынньык күн эһиги ыллыктаах тылгыт-өскүт төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит уонна Саха сирин бары олохтоохторун тупсаҕай олохтоноругар көмөлөстүн!
Эһиэхэ өрө көтөҕүллүүнү, эйэни, бары
үтүөнү, чэгиэн доруобуйаны уонна чугас
дьоҥҥутугар баҕарабын!