СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ, Ил Түмэн III, IV ыҥырыылаах мунньаҕын депутата, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Нам уонна Өлөөн улуустарын бочуоттаах гражданина Ньургун Тимофеев орто дойдуттан букатыннаахтык барбытынан кини чугас дьонугар Ил Дархан кутурҕанын тиэртэ.
«Егор Борисов сүтүктээхтэргэ кутурҕанын тиэрдэр, аһыыларын тэҥҥэ үллэстэр. Ыарахан кэми кытаатан тулуйалларыгар баҕарар», — диэн регион салайааччытын официальнай сайтыгар суруллар.
Политигы үтүө тылынан бүгүн Конституционнай суут бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн, Ньургун Семеновичтыын Ил Түмэҥҥэ бииргэ үлэлээбит салайааччылар Александр Подголов, Ольга Балабкина аҕыннылар.
Ньургун Тимофеев 55 сааһыгар, барыллаан быһаарыынан, сүрэҕинэн ыалдьан күн сириттэн букатыннаахтык барда.
ЫСПЫРААПКА
Тимофеев Ньургун Семенович
1963 с. олунньу 7 күнүгэр Дьокуускай к. күн сирин көрбүтэ. Нам улууһун I Хомустаах сэлиэнньэтигэр учуутал дьиэ кэргэнигэр улааппыта. 1985 с. Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрбитэ. 1989 с. Томскайдааҕы политехническай институту, 2000 с. Норуот хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрбитэ. Техническэй наука хандьыдаата.1989-1990 сс. Томскайдааҕы материаловедение проблемаларын институтун младшай научнай сотруднига.
1990-1991 с. Саха судаарыстыбаннай университетын ыстаарсай научнай сотруднига.
1991-1992 сс. “Туймаада-Даймонд” АК техническэй дириэктэрэ.
1992-1993 сс. “Саха Даймонд” АК генеральнай дириэктэрэ.
1993-1996 сс. “АЛРОСА” АК ЯПТА дириэктэрэ.
1996-2005 сс. Москва куоракка “АЛРОСА” АК батарыыга тэрилтэтин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы.
2005 с. ыам ыйын 19 күнүттэн 2008 с. диэри – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ.
2012 с. от ыйын 14 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин сүбэһитинэн анаммыта.
“Саха сирэ Россияны кытта 380 сыл “ үбүлүөйдээх бэлиэнэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин грамотатынан, Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сэбиэтин бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.