“Саха сиригэр устудьуоннар этэрээттэрэ сайдар кэскиллээҕиттэн, эдэр дьон бу хамсааһыҥҥа күүскэ кытталларыттан тус бэйэм киэн туттабын”, — диэн иһитиннэрдэ Ил Дархан Егор Борисов бүгүн устудьуоннар этэрээттэрин бүтүн Россиятааҕы слеттарын үөрүүлээх аһыллыытыгар.
Санатан эттэххэ, бу күннэргэ Саха сиригэр устудьуоннар этэрээттэрэ тэриллибитэ 50 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ буола тураллар. Ол чэрчитинэн, Дьокуускайга 58-с үлэ симиэстирин түмүктүүр бүтүн Россиятааҕы слет бэҕэһээҥҥиттэн саҕаламмыта. Слет үөрүүлээх аһыллыыта «Триумф» спортивнай комплекска буолла
“Устудьуоннар этэрээттэрэ дойдубут сайдыытын кытары быһаччы сибээстээх. Алта уонча сыл устата төһөлөөх элбэх ыччат баараҕай тутууларга кыттан дойду сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрсибитэ буолуой? Ити бэйэтэ хорсун быһыы”, — диэн бэлиэтиир Ил Дархан слет кыттыылаахтарын эҕэрдэлииригэр.
Салгыы кини Саха сирин устудьуоннарын этэрээттэрэ тэриллибитэ 50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиирин, өрөспүүбүлүкэҕэ Ыччат сыла биллэриллибитин этэн туран, быйылгы слет Дьокуускайга ыытыллара ураты суолталааҕын иһитиннэрэр.
“Кэлиҥҥи сылларга Саха сиригэр устудьуоннар этэрээттэрэ биллэ сайынна. Эдэр дьон бу хамсааһыҥҥа кыттыһалларыттан тус бэйэм киэн туттабын. Устудьуон этэрээтэ – олох оскуолата. Дойдуга, сөбүлүүр дьарыкка тапталы үөскэтэр, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга үөрэтэр. Бу эдэр саас эрэ буолбакка, бу биһиги кэлэр кэскилбит. Саха сирэ Россияҕа саамай улахан сирдээх-уоттаах регион. Билигин Уһук Илин регионнар сайдыылара Россияҕа бастакы күөҥҥэ тутуллар. Этэрээттэр бу регионнарга тардыһыахтарын баҕарабыт. Ол иһин биһиги Саха сиригэр бу слету ыытарга быһаарыммыппыт”, — диэн бэлиэтиир.
Уонна түмүккэ: “Устудьуон этэрээтэ киһи личность быһыытынан сайдарыгар төһүү күүс буолар. Бэҕэһээ тас дойдулар дьыалаларын миниистирин Сергей Лаврову кытары көрсүбүтүм. Ол көрсүһүүгэ кини “этэрээт байыаһын быһыытынан Саха сириттэн үүнэн-сайдан тахсыбытым” диэн киэн тутта этэр. Билиҥҥи кэм чулуу бэлиитигин курдук үүнүҥ-сайдыҥ, барыгытыгар ситиһиини баҕарабын”, — диэн туран, Егор Борисов устудьуоннар этэрээттэрин слетун аһыллыбытынан биллэрдэ.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.