Нерюнгрига лаборатория үлэтин саҕалаата

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ суһал эрэсиим биллэриллибитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев бүгүҥҥү балаһыанньаны билиһиннэрдэ.

«Дойду үрдүнэн суһал балаһыанньанан муус устар 30 күнүгэр диэри харантыын уһаабытын иһитиннэрдэ. Коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыт дьон ахсаана өрөспүүбүлүкэҕэ бүгүҥҥү күҥҥэ — 11 киһи.

Маны сэргэ, бэҕэһээҥҥ күҥ иһигэр балтараа сүүс киһи анаалыс туттарбытын түмүгэ дьаҥ суоҕун көрдөрдө.

Итиэннэ Нерюнгрига саҥа лаборатория үлэлээн эрэр, этэҥҥэ буоллаҕына, дьиэҕэ хааччахтаан олоруу эрэсиимин тутустахпытына, биир нэдиэлэнэн эрэсиими чэпчэтэр миэрэлэри ылыахпыт«, —  диэн Айсен Сергеевич иһитиннэрдэ.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0