Уһук Илиҥҥэ эдэр ыалларга 2 %-наах ипотеканы киллэрии туһунан бүгүн федеральнай уокурук Сэбиэтин мунньаҕар быһаарыстылар. Бырайыак туһунан Саха сирин баһылыга Айсен Николаев санаатын үллэһиннэ:
— Уһук Илин эдэр ыалларыгар 2 %-наах ипотеканы киллэрии туһунан бырайыагы бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, Сэбиэт мунньаҕар Арассыыйа бэрэсидьиэнин Уһук Илин федеральнай уокуругар боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутневтыын кэпсэттибит. Бырайыак туһунан РФ уурааҕа сөбүлэһии бүтэһик түһүмэҕэр сылдьар. Чугастааҕы күннэргэ тугу быһаарбыттара биллиэҕэ. Билиҥҥитэ бу ипотека 35-гэр диэри саастаах ыалга бэриллэр диэн.
CИА.
Хаартыска — интэриниэттэн.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1