Ил Дархан: 2022 сылга АН-24 сөмөлүөттэр ИЛ-114 көтөр аалынан солбуллуохтара
Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрин сүрүн эрэдээктэрдэрин кытта көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ кэскилигэр, сайдыытыгар туһааннаах бары боппуруостары таарыйда. Ол иһигэр, көтөр аалга, авиапорду тупсарыыга тохтоото.
Авиапорт туһунан
—Бу барыбытын таарыйар кыһалҕа. Мин Юрий Трутневтан көмөлөһөрүгэр көрдөспүтүм. Дойду Тырааныспарын министиэристибэтиттэн анал пандус тутуутугар 170 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх үбү эбии көрдүү сылдьалларын туһунан хоруй кэлбитэ.
Билигин көтөр ааллар түһэр сирдэрин уһуна 2 200 миэтэрэ. Балаһа эһиил сайын өрөмүөҥҥэ сабылыннаҕына, 1 650 миэтэрэ эрэ хаалыа. Биһиги “Боинг” сөмөлүөттэри оҥорор собуокка ыйытыы сурук ыыппыппыт: “ Бу маннык кылгатыллыбыт суолга билигин киин куораттарга көтө сылдьар «Боинг 737-700” түһүөн уонна көтүөн сөп дуо?» — диэн. Кинилэр “сөп” диэн хоруйдаабыттара. Арай хаар түһэн тоҥор кэмигэр, халтараан буоллаҕына, көтүү-түһүү кылгас болдьоххо тохтуон сөп диэбиттэрэ.
Көтөр ааллар тустарынан
2022 сылга бары АН-24 сөмөлүөттэр уһуллан, ИЛ-114 көтөр аалларынан солбуллуохтаахтар. Дойдуга оҥоһуллубут мотуордаах бу көтөр ааллар 2023 сылга собуоттан тахсыахтара диэн күүтэбит. Маны Арассыыйа Бырамыысыланнаска уонна эргиэҥҥэ министиэристибэтэ уонна “Росавиация” бигэргэтэллэр. Соругу дойду бэрэсидьиэнэ туруорбута, онон толоруохтара диэн эрэнэбин.
Тырааныспар судаарыстыбаннай лизинговай хампаанньатын кытта сыһыаны саҥаттан көрдүбүт. Биһиги ааспыт кэм сыыһаларын хатылыа суохтаахпыт. «Суперджеттар» үгүстүк алдьанан, көппөккө турар кэмнэригэр “Якутия” АК лизинг төлөбүрүн толору кээмэйинэн төлүүр этэ. Мантан ыла оннук буолуо суоҕа. “Суперджет” көтөр эрэ кэмигэр төлөбүр барыаҕа, алдьанан турар кэмин аахсыбат буолуохтара.
Родион КРИВОГОРНИЦЫН, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru