Ил Дархан Егор Борисов ыам ыйын 24 күнүгэр Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиникатыгар сырытта. Кини бу поликлиникаҕа анаан сылдьар былаана суоҕун да иһин, куорат эбийиэктэрин көрө сылдьан, таарыйа киирэн ааста.
Надежда Егорова, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
Ил Дархан бу сырыытыгар бастакы этээскэ call-киин, регистратура үлэтин билистэ. Эмиэ былырыыҥҥы сырыытын курдук, поликлиникаҕа көрдөрүнэ кэлбит дьону уонна үлэһиттэри кытары сэһэргэстэ. Ыарыһахтар төһө өр күүтэллэрин ыйыталаспытыгар, дьон үксэ өр күүппэт буолбуттарын туһунан астына эттэ.
Кылаабынай бырааһы эмтиир үлэҕэ солбуйааччы ыарыһахтары регистрациялааһын уларыйбытын, электроннай көрүҥнэри туһаныы сайдыбытын, ыарыһах күүтэр бириэмэтэ биллэ кыччаабытын, поликлиника 8 чааска диэри үлэлиир буолбутун туһунан кэпсээтэ.
Санатан эттэххэ, Егор Борисов бу поликлиникаҕа ыарыһахтар үҥсүүлэрэ элбэҕиттэн былырыын кэлэктииби улаханнык сэмэлээбитэ уонна үлэһиттэри кытары көрсөн аһаҕастык кэпсэппитэ. Бу сырыыга дьон санаатын суруйар сурунаалы ылан көрбүтэ, биир да суруга суох кураанах буолан биэрдэ.
Арай, биир ыарыһах Ил Дарханы көрсөн, поликлиникаҕа невролог-быраас суоҕуттан эрэйдэнэрин туһунан эттэ. Онуоха Егор Афанасьевич иккис уонна үһүс этээстэргэ тахсан, кабинеттарга киирэн быраастары уонна ыарыһахтары кытары кэпсэттэ. Ыарыһахтар поликлиника үчүгэйдик үлэлиир буолбутун, уочарат аҕыйаабытын туһунан кэпсээтилэр. Невролог тиийбэтин туһунан ыйыппытыгар, поликлиника кылаабынай бырааһа Алевтина Эверстова икки ыстаапкаҕа икки исписэлиис үлэлиирин туһунан эттэ.
«Урут 1 №-дээх поликлиника үлэтигэр нэһилиэнньэ үҥсүүтэ олус элбэх этэ. Ол иһин, бу эмискэччи кэлэммин поликлиника үлэтин билистим уонна үчүгэй уларыйыылар тахсыбыттарын бэлиэтии көрдүм. Өрөспүүбүлүкэбит доруобуйатын харыстабылыгар хас да сүрүн сорук турар – «Эйэҕэс-сайаҕас медицина» («Вежливая медицина») бырайыагы олоххо киллэрии, поликлиникаларга нэһилиэнньэни хааччыйыы хаачыстыбатын тупсарыы, үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөҕө көһүү», – диэн, Егор Борисов 1 №-дээх поликлиника үлэтэ биллэ тупсубутун туһунан эттэ.
Манна даҕатан эттэххэ, поликлиникаҕа мин эмиэ бу күн сылдьыбыт эбиппин. Бу поликлиникаҕа сылдьыбатаҕым ырааппыт киһи балыыһа иһэ тосту уларыйбытын олус соһуйа көрдүм. Регистратура баар бастакы этээһэ кэҥээбит, хас муннук аайы кэриэтэ электроннай тэриллэр ууруллубуттар. Манна кэлбит дьон терминаллары үөрүйэхтээх бэйэлээхтик туһаналлар. Ким эмэ мунаардаҕына, тута чугас сылдьар үлэһит кэлэн ыйан-кэрдэр биэрэр. Дьиэ иһэ ып-ыраас. Техническэй үлэһиттэр бары биир анал көстүүмнээхтэрэ көрөргө да астык. Кабинеттарга (бэл, анаалыс туттарар кабинеттарга) уочарат аҕыйаабытын көрөн ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр отделение сэбиэдиссэйэ Ефросинья Дьячковскайаттан ыйыталастым. Кини үөрэ-көтө бэлиэтээбитинэн, диспансеризацияҕа сылдьар дьон анаалыстарын туспа кабинекка туттарар буолбуттар. Онон, уопсай уочаракка анньыһа-үтүрүһэ сатаабаккын. Биир күн иһигэр оннооҕор «узкай» исписэлиистэргэ сылдьарга толуоҥҥа тигистим. Этээс аайы ыарыһаҕы сирдиир, ыйан-кэрдэн биэрэр үлэһиттэр муннуктара баар буолбута кырдьаҕаска-кыаммакка туһалаах буолсу.
Ол эрээри, урут да элбэхтик суруллубутун курдук, поликлиникаҕа киирэр сир мэһэйдэри үөскэтэр. Массыыналар бэйэ-бэйэлэрин үтүрүһэ-үтүрүһэ кып-кыараҕас суолунан киирэллэр. Сатыы киһи аҥаардас поликлиникаҕа киирэр да суолугар кутталы үөскэтэллэр. Оттон онно кырдьаҕастар, оҕолорун үтэ сылдьар кэлээскэлээх ийэлэр-аҕалар эмиэ бааллар…
Надежда Егорова, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru