Икки уонна онтон элбэх оҕолоох ийэлэр биэнсийэҕэ эрдэ тахсаллар

Бөлөххө киир:

2019 сылтан биэнсийэҕэ тахсар саас уһаан, кэккэ уларыйыылар күүтэллэр. Саха сиригэр дьахталлар 55, эр дьон 60 саастарыгар тахсыахтара. Икки уонна онтон элбэх оҕолоох ийэлэр, хотугу ыстаастара баар буоллаҕына, 50 саастарыгар тахсар бырааптаахтар.


Бу туһунан сиһилии Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Георгий Степанов кэпсээтэ.

Дьахтар икки уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт (иитэ ылбыт), 12 сыл хотугу ыстаастаах, эбэтэр 17 сыл Уһук Хоту усулуобуйатыгар тэҥнэһэр сирдэргэ олорон үлэлээбит буоллаҕына, биэнсийэҕэ 5 сыл эрдэ тахсар бырааптаах. Уопсайа 20 сыл үлэ ыстаастаах буолуохтаах (манна оҕону көрөн олорбута эмиэ киирэр).

Ол эбэтэр, ыстааһа хапсар буоллаҕына, Саха сиригэр олорор, икки уонна онтон элбэх оҕолоох  ийэлэр бары эрдэ тахсаллар.

Ону сэргэ, дьахтар икки чэпчэтиинэн тэҥинэн туһаныан сөп. Холобур, дьахтар икки оҕолоох уонна, өскөтүн,  ыарахан усулуобуйаҕа үлэлиир (табаһыт, булчут, машинист, шахтер, о.д.а.) буоллаҕына, 45 сааһыгар биэнсийэҕэ тахсыан сөп.

Иккиттэн элбэх оҕолоохтор чэпчэтиилэринэн төһө дьахтар туһаныан сөбүй? Биэнсийэ пуондатын салаатын ааҕыытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ 381179 оҕолоох дьахтар баар. Олортон 196 тыһ. дьахтар (51,4%-ра) иккиттэн элбэх оҕолоохтор. Бу сотору тахсаары сылдьар, 45-49 саастаах, икки уонна онтон элбэх оҕолоох дьахтар ахсаана – 26,1 тыһыынча.

Инбэлиит оҕо төрөппүттэрэ, эбэтэр эпэкииннэрэ эмиэ 5 сыл эрдэ тахсар бырааптаахтар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0