Толик биир да переменаҕа аудиторияттан тахсыбатаҕа, Аанчыгы көрүөн олус куттанара. Сүүрэр икки хаамар икки ардынан гардеробтан таҥаһын ылаат, дьиэлээбитэ. Санаатыгар хас муннук аайыттан Аанчык тахсан кэлиэх курдуга.
Сарсыҥҥы күнүгэр остолобуойга киирэн иһэн, Аанчыгы уун-утары көрсө түспүтэ. Оо, онно долгуйбутун билигин да умнубат… Уҥуохтара халыр босхо барбыт курдуга, эппэт кэлэҕэй буолбута, иһиттэн нэһиилэ ороон «при-и-вет» диэхтээбитэ. Аанчыга өссө тупсубут, кырааската өссө элбээбит, хобулук, кылгас дьууппа кэппит, олох таҥара табатын курдук буолбут. Толяны өһүөннээх хараҕынан батары көрөн, биир да тыла суох тыал курдук кыыһырбыттыы ааһан хаалбыта. Толик Аанчык батары көрөн турар харахтарыгар «эн биһикки наһаа үчүгэй доҕордуу этибит, ону эн тапталга билинэн алдьаттыҥ. Мин эйигин убайым курдук таптыыбын, аны билигин доҕор да, таптыыр кыыһыҥ да буолар кыаҕым суох! Аны миигин эккирэтимэ» диэн тыллары аахпыта…
Хайыаҕай, бастакы тапталым табыллыбата дии санаабыта… Сүөм түспүтэ… Биир көрүү умайа турбут кутаа уоту умулларбыта… Кыра эрдэҕиттэн куруук ытыс үрдүгэр сылдьыбыт Толя манныкка түбэһэн хайдах да буолуон билбэтэҕэ. Кини таптала хардата суоҕар бэлэмэ суох буолан биэрбитэ. Санаатыгар, күн ахсын Аанчыктан сурук күүтэрэ да, мэлийбитэ. Үгүстүк оҥорон көрөрүнэн, Аанчык киниэхэ хардаран тапталга билинэн сурук суруйуохтааҕа, онтон буоларын курдук түннүккэ дуу, муннукка дуу өйөнөн туруохтаахтара, куорат устун күүлэйдиэхтээхтэрэ, саҥа дьылы көрсүөхтээхтэрэ… Кырдьык, онтон атыҥҥа бэлэмэ суоҕа. Бэйэтин кэмигэр кыайан көппөтөх кус оҕотун курдук санаммыта…
Толя уопсайга киирбитэ да, түптээн олорбото. Сотору-сотору сборга барара, эдьиийэ куоракка дьиэ куортамнаабыта, бэйэтэ киирэ-тахса турар буолан, ону харабыллыы, үксүн онно хоноро. Эдьиийэ эт-арыы атыылыыра, ол дьиэтэ ыскылаат курдуга, эргиччи морозильник этэ. Күннэтэ сибиэһэй ас аһаан абыраммыта. Эдьиийим этэ баар буолан Уһук-Илиҥҥэ чөмпүйүөн буоллум диэн үгүстүк кэпсиирэ. Биирдэ уолаттар Толигы үлтү хаайан ЯПУ-2 дискотекатыгар илдьэ бардылар. Орто үөрэх кыһаларын доҕордоһуу киэһэтигэр. Онон-манан чыпчыҥныыр аҕыйах уоттаах фойеҕа ыччат лыык курдук. «Йа йа йа коко дьамбо йа йа йее» диэн ырыанан бары хаһыытыы-хаһыытыы үҥкүү бөҕө. Толя үгэһинэн истиэнэни өйөөн турда. Уолаттара үҥкүү-битии, кэлии-барыы, билсии-көрсүү бөҕөлөр. Ыытааччы уол ону-маны үгүһү саҥарда уонна: «Ыллыыр Аня Васильева», — диэн биллэрдэ. Толя бэйэтэ да билбэтинэн дьон быыһынан кыбылла-кыбылла ыллыыр кыыс диэки дьулуста. Кып-кыһыл былааччыйалаах, уп-уһун кыыс микрофоҥҥа куба курдук устан кэлэн, баттаҕын көннөрүннэ. Толя онно өйдөөн көрбүтэ, кини Аанчыга эбит. Толя өр дөйөн турбута, хараҕа көрөрүн итэҕэйиэн баҕарбатаҕа. Аанчык наҕыл, курус ырыаны ыллаан барбыта. Кини сардаана сибэкки тэҥэ кэрэ дьүһүнэ, оргууй устар үрүйэ сүүрүгүн курдук дьикти, кэрэ лыҥкынас куолаһа бу саалаҕа баар бары уол сүрэҕин долгуттаҕа буолуо…
Аанчык көрөөрөй диэн хараҕын араарбакка одуулуу турдаҕына биир кыыс кэлэн: «Привет, мин Лена диэммин, үҥкүүлүүбүт?» — диэт илиититтэн сиэтэн, Толя ээх да, суох да дии илигинэ үҥкүүлээн киирэн бардылар.
— Эн первай курскун? Ол да иһин аж хотон сыта кэлэр курдук, шучу-шучу…- кыыс үҥкүүлүү сылдьан күлэн тоҕо барда. Красавчик, аатыҥ ким диэний?
— Толик…
Кыыс эмиэ күлэ-күлэ:
— Толя, бу дискотека кэннэ “Стелска” барабыт, онно барсыый…
Толя “Стелс” диэн тугун улаханнык өйдөөбөтө, сарсыарда эрдэ дьарыктаахпын диэн куотуммут саҕа сананна. Аанчыктыын харахтара дьэ көрсө түстэ… Толя атын кыыстыын үҥкүүлүү сылдьарыттан сүрдээҕин кыбыһынна. Аанчык били улуу тапталбыт ханнаный диэбиттии, кэлэйбиттии атын сир диэки туора көрөн кэбистэ. Үҥкүүлэспит кыыһа үгэһинэн күлэ-күлэ тугу эрэ эттэ, эбиитин тоҕо эрэ иэдэһиттэн сыллаан ылла. Эмиэ тэтимнээх музыка холбонон бары үҥкүүлээн бардылар.
Толя таһырдьаны былдьаста. Тахсан тымныы салгынынан толору тыынна, халлааҥҥа сулустары одууласта. Ити үгүс мөлүйүөн сулустан тоҕо хараҕым ол биир эрэ сулуска хатанар, үгүс кыыстан тоҕо сүрэҕим Аанчыкка эрэ талаһар… Билигин бытаан үҥкүү тыаһаатаҕына хайаан да Аанчыгы үҥкүүгэ ыҥырыам диэн эрэллээх төттөрү киирэн истэҕинэ, Аанчыга атын уоллуун бэрт ыксалынан таҕыстылар да, хара иномаркаҕа олорон баран айанныы турдулар. Толя букатын иэдэйдэ. Уолаттарыгар даҕаны эппэккэ, 17 кварталга эдьиийин дьиэтигэр сатыы барда. Баран иһэн ис-иһиттэн кыйаханна, уоскуйа сатыыр да, сатаан уоскуйбат. Киирээт сууммута-тарааммыта буолан баран сыппыта. Утуйар уута көппүтэ, иэдэһин устун сып-сылаас хараҕын уута сүүрбүтэ. Толик Аанчыга таптыырын дуу, абааһы көрөрүн дуу сатаан быһаарбата. «От любви до ненависти один шаг» дииллэр даҕаны, кини таптыаҕынааҕар, абааһы көрүөҕүнээҕэр ордук күнүүлүүр быһыылааҕа. Маннык тоҥуй күнүү кинини ис-иһиттэн кэрбиирэ, Аанчыкка чугаһаппата, эппэт кэлэҕэй оҥороро.
Толя аҕата үстээҕэр быраҕан барбыта… Эдьиийдэрин, таайдарын тылларын тамаҕыттан истэринэн, олус күнүүлээн ийэтин сорун сордоон арахсыбыттар диэн өйдөбүллээх улааппыта. Киэҥ аймах үгүс убайдар, таайдар, абаҕалар аҕатын суохтаппатахтара, хаһан да итэҕэстээх курдук санамматаҕа.
Бу түүн кини Аанчыгын умнарга санаммыта, туох баар күүһүн-күдэҕин спорка уурарга быһаарыммыта. Бэйэтэ-бэйэтигэр андаҕар биэрбитэ. Күннэтэ дьүккүйэн күүскэ үлэлээбитэ, араас сбордарга, дьарыктарга көлөһүнүн үгүстүк тохпута. Күүстээх дьаныар, тулхадыйбат дьулуур үтүө түмүктэринэн бэйэтин эрэ буолбакка аймахтарын, доҕотторун үөрдэрэ, киэн тутуннарара. Ол курдук, бу үс сыл үөрэнэр кэмигэр өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх, Уһук-Илин үс төгүллээх чөмпүйүөнэ буолбута, бэл, Россияҕа, олох кыранан кыайтаран, кыһыылаахтык иккис миэстэҕэ тахсыбыта. Арай кини үөрүүтүн үллэстэр кыыс доҕоро суоҕа, Аанчыгын хам-түм көрөрө, үксүгэр ол хара иномаркалаах уолга олорсон иһэр буолара.
(Салгыыта бэчээттэниэ)
Захар Никитин,
Дьокуускай.
Хаартыска: egeriya.ru