Иккистээн тыллыбыт сардаана

Ааптар: 
24.10.2021
Бөлөххө киир:

(Кэпсээн салгыыта)

Үөрэҕин бүтэрэр сылыгар саас кулун тутарга дэриэбинэтигэр тахсан түөлбэ күрэхтэһиитигэр кытта сылдьан атаҕын бүлгү үктээн, уҥа атаҕын улахан эчэппитэ. Өр көрдөрүммэккэ, уҥуоҕа сыыһа оспута. Ону тренерэ куоракка республиканскай балыыһаҕа киллэрэн, операциялыыр буолбуттара. Үс нэдиэлэттэн ордук балыыһаҕа сыппыта. Туох баар инники былаана барыта тохтообута, быраастар да, тренерэ да аны улахан спортан тохтуугун диэн ырааҕынан эргитэн аҕалан быһаарбыттара. Кини оннугар Россияҕа атын уол күрэхтэһэ барбыта…

Толя үөрэҕин бүтэрэн дойдулаабыта. Бастаан оҕо сылдьан дьарыктаммыт тренеригэр көмөлөһөөччүнэн, кэлин оскуолаҕа учууталынан көспүтэ. Учуутал, тренер быһыытынан олус табыллыбыта. Оҕолор эдэр учууталы сөбүлээбиттэрэ, дьарыктыыр оҕолоро улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ тута үчүгэй көрдөрүүлэммиттэрэ. Анатолий Сергеевич элбэҕи эрэннэрэр учуутал, дьоҕурдаах тренер, тарбахха баттанар эдэр специалист диэн үгүстүк хайҕанара, кэмиттэн кэмигэр аата ааттанар буолбута.

Улуус эдэр учууталлара сүрдээх көхтөөх этилэр. Сотору-сотору араас тэрээһиннэри тэрийэн бэйэ-бэйэлэрин кытары ыкса билсэллэрэ, хардарыта көмөлөсүһэллэрэ. Уопсайга бииргэ олорбут, Аанчыктаах үрдүлэринэн кууруска үөрэммит Валяны көрсөн ирэ-хоро кэпсэппиттэрэ, устудьуоннаабыт сылларын ахтыбыттара, ол олорон Толя эмискэ Аанчыгы ыйыппыта… Валя  Аанчык үөрэҕин бүтэрэригэр ыарахан буолбутун, дойдутугар тиийээт кэргэн тахсыбытын кэпсээбитэ. Оо, Толя олоҕор ол киэһэттэн ордук ыарахан күн баарын билигин да өйдөөбөт. Атаҕа иннинэн да, кэннинэн да барбат буолан хаалбыта. Валя тугу да өйдөөбөккө салгыы күлэ-үөрэ, оонньуу ыстаммыта. Толя таһырдьаны былдьаһан бииргэ үлэлиир доҕотторун хааллартаан үс көстөөх сиргэ сатыы дьиэлээбитэ. Санаатыгар, олох барыта тохтоон хаалбыт курдук буолбута. Дьиҥэр, кини бу саас хоту улууска бииргэ үөрэммит уолугар кустуу диэн барыахтааҕа уонна Аанчыгын көрсөн кэлиэхтээҕэ…Туохха да наадыйбат буолан, барытыгар аат эрэ харата сыһыаннаһан үөрэҕин дьылын түмүктээбитэ.

Куруук сайыны кэтэһэр бэйэтэ кэлбит сайынтан үөрбэтэҕэ, эбиитин олус тымныы, ардахтаах сайын буолан, барыта наар аанньа буолбута… Күһүн дэриэбинэҕэ икки саҥа учуутал уонна быраас кыыс кэлбиттэрэ. Арыылаах биирдэ сэргэхсийэ түспүтэ. Холостуой уолаттар ийэлэрэ кыргыттары көрө охсон, уолаттарын таҥастарын-саптарын тупсарар түбүгэр түспүттэрэ. Толя ийэтэ ээр-сэмээр кыргыттары маныыра, сылтах була-була балыыһаҕа барара элбээбитэ. Биирдэ ыалдьыбыта буолан сытынан кэбиспитэ уонна уолун бырааһы аҕал диэн соруйбута. Толя киэһэ баран эдэр үлэһиттэр уопсай дьиэлэриттэн быраас кыыһы мотоциклыгар тиэйэн аҕалбыта. Ис киирбэх, нарын, ып-ыраас туттунуулаах кыыһы Толя тута сөбүлүү көрбүтэ. Быраас кыыс Марина уолу көрөөт таптаабыта, онон, ийэтин былаана туолан, эдэрдэр чугастык билсэн, саҥа дьылга ыал буолбуттара. Киэҥ аймах Уйбаныаптар кулуупка үс сүүс киһилээх уруу тэрийбиттэрэ. Күһүөрү Мариналаах Толя уол оҕоломмуттара. Толя үлэлээбитэ бэһис сылыгар, эдэр учууталы санаатын көтөҕөөрү буолуо, Хабаровскай куоракка үлэ саҥа ньымаларыгар уһуйа, идэни үрдэтэр курска ыыппыттара. Икки нэдиэлэ устата өрөспүүбүлүкэ бастыҥ эдэр учууталлара түмсэн, үөрэнэн, сайдан кэлиэхтээхтэрэ.

Толя  Бүлүү, Горнай эдэр учуутал уолаттарын кытта квартираҕа түспүтэ. Россия араас муннуктарыттан үгүс үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ кэлэн, гостиницаҕа миэстэ тиийбэтэҕэ эбитэ дуу, эбэтэр өрөспүүбүлүкэ делегациятын салалтата маннык быһаарыммыта эбитэ дуу…Күнүһүн үөрэнэллэрэ, киэһэтин куораты кэрийэллэрэ, бэйэлэрэ ас астаналлара, ханнык эрэ түгэҥҥэ Толяҕа устудьуон сыллара эргийэн кэлбит курдук буолбута. Хабаровскай куоракка үгүстүк сылдьыбыт буолан, уолаттарын сирдээн куорат мааны сирдэрин көрдөрөр, төһө билэринэн кэпсиир, сырдатар. Уолаттара кэлин сырыылара кэҥээн, түүҥҥү кулууптарга сылдьаллар, хата ол кэмҥэ кини таптыыр Амурун кытылын устун дьаарбайар, сорох киэһэ сүүрэр, дьарыктанар. Биир оннук киэһэ ыкса түүн квартираҕа кэлбитэ, уолаттара харахтара көстүбэт гына үөрбүттэр: «Кулуупка землячкаларбытын көрүстүбүт, эбиитин коллегаларбыт эбит», — диэн Бүөккэ үөрэ-көтө, сибигинэйэ былаастаан кэпсии тоһуйда. «Балкоҥҥа бааллар, сотору киириэхтэрэ» — диэтэ. Толя көлөһүн буолбут таҥаһын уларыттаары залга кыргыттар балконтан кэлэн ааһалларын кэтэһэн олордо. Балкон аана аһылла биэрдэ, күһүҥҥү сип-сибиэһэй, ол эрэн уорааннаах салгын зал иһин толордо. Уп-уһун эриллибит суһуоҕа тыалга ыһылла, түннүгү саппыт үрүҥ түүлү намчы илиилэринэн арыйан, умса туттубут кыыс киирэн кэлбитэ. Толя бу түүл дуу, илэ дуу диэбиттии өр дөйөн турбута, кини Аанчыга олоҥхоҕо хоһуйуллар Туйаарыма Куо курдук сулустартан түһэн кэлбит курдуга. Бүөккэ «бу хоту дойду хоһуун кыыһа» диэн истэҕинэ, Аанчык Толяны эмиэ били остолобуой таһыгар көрсүбүт өһүөннээх хараҕынан көрөн туран: «Привет», — диэбитэ уонна тахсар ааны былдьаспыта.

Кэнниттэн дьүөгэтэ тугу да өйдөөбөккө: «Аня, Аня», — дии-дии эккирэппитэ. Бүөккэ бу кыл түгэҥҥэ туох буолбутун быһаарбакка турбута. Толя өй ылан, кыргыттары эккирэппитэ. Подъезка тахсыбыта кыргыттар кирилиэһи бэрт ыксалынан түһэн иһэр хобулуктарын тыаһа иһиллибитэ. Толик таһырдьа тахсан: «Аанчык, тохтоо, кэпсэтиэх», -диэбитэ. Аанчык ытаабыт харахтаах утары хааман кэлэн: “Эн миигин тоҕо эрдэ тохтоппотоххунуй? Тоҕо? Мин эйигин хаһан да таптаабатаҕым уонна таптаабаппын, кэргэннээхпин, оҕолордоохпун, толору дьоллоохпун, мин олохпор кыттыһыма, бырастыы гын! Пока! Пока буолбатах быраһаай!”- диэт араҥас өҥнөөх таксига олорон куорат уулуссатын биир уота буолан, сүтэн хаалбыта. Толик тугу гыныан булбакка, күһүҥҥү ардах анныгар соҕотох туран хаалбыта. Суох, кини ытаабатаҕа, хомойботоҕо… Ытыыра халлаан, хомойоро сайын аны быйыл эргийбэтиттэн, күһүн толору кэлбититтэн. Толик кэргэнин Маринаны уонна оҕотун олус да ахтыбытын өйдөөбүтэ.

Захар Никитин,

Дьокуускай.

Уруһуй: snob.ru ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0