Үөрэх дьыла түмүктэнэн эрэр. Оскуоланы, орто анал үөрэҕи бүтэрээччилэр саамай эппиэтинэстээх кэмнэрэ үүннэ. Ким эрэ орто үөрэххэ туттарсар, ким эрэ үрдүккэ холонон көрөр.
Соторутааҕыта биир төрөппүт: “Оҕом быйыл орто үөрэҕи бүтэрэр. М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Мэдиссиинэҕэ институтугар эбэтэр Мэдиссиинэ кэллиэһигэр туттарсар былааннаах. Эксээмэн туттарар дуо?”, — диэн ыйыппыта.
Бастакытынан, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка иһитиннэрбиттэринэн, орто үөрэх кэнниттэн үрдүк үөрэххэ туттарсааччылар биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн эбэтэр ХИФУ (үрдүк үөрэх кыһата) бэйэтэ ыытар эксээмэннэрин туттаран киириэхтэрин сөп.
Иккиһинэн, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, “РФ Үөрэх туһунан” 273 №-дээх федеральнай сокуонун 5-с ыстатыйатын 3-с чааһыгар олоҕуран, өскөтүн гражданин үөрэх тустаах таһымын (данный уровень) аан бастакытын ылар буоллаҕына, орто анал үөрэххэ босхо үөрэнэрин РФ мэктиэлиир.
Судургутук быһаардахха, бу иннинэ орто анал үөрэҕи бүтэрбит түгэнигэр, иккис орто анал үөрэххэ үөрэниитэ төлөбүрдээх.
Үрдүк үөрэххэ эмиэ ити курдук. Бастакы үрдүк үөрэҕэ босхо, иккиһэ – төлөбүрдээх. Онон төһө баҕарар орто үөрэҕи ылыахпытын сөп диэн толкуйдуур сыыһа. Манна даҕатан эттэххэ, орто үөрэх Саха сиригэр ортотунан 70 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru