Иккис олох баар дуо?

Ааптар:  Мария ЧУКРОВА
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Мин дьон кэпсээниттэн киһи өлөн баран иккистээн тиллэрин туһунан, хаста да истэн турабын. Ол туһунан суруйуохпун баҕарабын. Дьэ, маннык.

Таайым кэргэнин аҕата ойуун эбитэ үһү.

Бастаан өлөн баран, эппитин курдук, үс хонон баран тиллибит, иккис өлүүтүгэр эмиэ. Онтон үсүһүн өлүөн иннинэ эппит: «Тоҕус хонукка сытыарыҥ, көмпөккө эрэ. Оччоҕо тиллиэм»- диэн. Ону дьоно үс эрэ хоннороот көмөн кэбиспиттэр. Кини уҥуоҕа Эбээн-Бытантай улууһун Кустуур бөһүөлэгэр көмүллэ сытар.

Уонна бу кэннэ өссө биир дьикти кэпсээни истэн турабын. Кэбээйи улууһун бөһүөлэгэр биир ыал ийэтэ өлбүт. Ийэлэрин сууннаран-хайаан хоруопка сытыарбыттар. Хос иһигэр остуол бэлэмнээбиттэр. Дьэ, арай биир дьахтар остуолга килиэп быһа турбут. Арай, көрдөҕүнэ өлбүт эмээхсин хараҕа хамсыыр эбит.

Онтон эмискэ эмээхсинэ хараҕын аһа биэрээт олоро түспүт уонна: «һуу, өр да утуйдум», — диэбит. Били килиэп быһа турбут дьахтар сарылыы түһээт таһырдьа ойон иһэн, боруокка уҥан охтон түспүт.

Дьэ, ол курдук эмээхсиннэрэ тиллибит уонна маннык кэпсээннээх үһү: «Миигин аннараа дойдулар төттөрү ыыттылар. Кинилэр этэллэринэн, үөһээ дойдуга эдэр дьон наадалар үһү, тоҕо диэтэххэ аннараа дойдуга улахан сэрии буолаары турар үһү». Дьэ, итинник дьикти кэпсээннээх буолбут. Ол кэнниттэн ол эмээхсин аймахтарыттан хас да киһи эдэрдэригэр өлбүттэр. Оттон эмээхсин бу кэнники адьас кырдьан баран өлбүтэ үһү.

Оттон үһүс кэпсээним маннык.

Биир ыал хас да оҕолоохтор эбит. Ийэлэрэ наһаа ыарыһах үһү. Саамай улахана уончалаах кыыс эбит уонна бары кырбас курдук кыра оҕолор.

Арай биир сарсыарда оҕолор уһуктубуттара дьиэ иһигэр киһи бөҕөтө мустубут, бары ботугураһан кэпсэтэллэр. Онтон аҕалара оҕолоругар эппит: «Дьэ, оҕолорум. Ийэбит куһаҕан буолла. Куттанаайаххытый» — диэн. Көрдөхтөрүнэ ийэлэрэ оронугар көбүс-көнөтүк, куп-кубархай сирэйдээх сытар эбит. Оҕолору ампаарга таһааран утуппуттар. Онтон көмөр күннэригэр сарсыарда аҕалара оҕолоругар эмиэ эппит: «Дьэ, оҕолорум куттанаайаххытый. Ийэбит тилиннэ. Дьиэҕэ киириэххэ,» — диэн. Киирбиттэрэ ийэлэрэ оронугар олорор эбит уонна маннык диэн кэпсээннээх буолбут: «Миигин аннараа дойдулар үс күнү биэрэн ыыттылар. Оҕолоргун туохха да үөрэппэккэ тулаайах хаалларан эрэр эбиккин, онон улахан кыыскын иистэнэргэ, таҥаһы-сабы тигэргэ үөрэтэн баран кэлээр диэн төттөрү ыыттылар».

Дьэ уонна үс күнү быһа тохтоло суох уончалаах кыыһын иистэнэргэ, дьиэ ис-тас үлэтигэр үөрэппит.

Ол курдук үс хонук үөрэтэн баран өлбүт. Ол уончалаах кыысчаан бырааттарын, балтыларын барыларын кини таҥыннартаан, киһи-хара оҥорон улаатыннарбыт. Бу кэпсээни эмээхсин бэйэтэ мин билэр киһибэр кэпсээбит этэ.

Онон маннык кэпсээннэри истэн баран, кырдьык, өссө иккис олох баара буолуо дуо диэн санааҕа кэлэбин. Дьикти…

«Эдэр саас» архыыбыттан, 22.05.1996

+1
16
+1
0
+1
0
+1
0
+1
10
+1
0
+1
2