Иккис оҕоҕо туох көмө бэриллэрий?

Бөлөххө киир:

Босуобуйалар, төлөбүрдэр кээмэйдэрэ сыллата индексацияланан, кыралаан үрдүүр, эбиллэр. 2022 сыл олунньу 16 күнүнээҕи туругунан, оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр миэрэлэр үрдээбит кээмэйдэрин таһаарабыт.

Федеральнай Ийэ хапытаалын суотуттан ыйдааҕы төлөбүр (2018 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт (иитиллэ ылыллыбыт) оҕолоох ыалларга):

1 зона – 23 229 солкуобай (Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай, Айхал бөһүөлэгэ, Удачнай куорат);

2 зона – 19 457 солкуобай (Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, МэҥэХаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус-Алдан, УусМаайа, Хаҥалас, Чурапчы, Дьокуускай куорат).

Ийэ хапытаала – 693 144 солкуобай (бастакы оҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт буоллаҕына).

Ийэ хапытаалыгар эбии төлөбүр — 168 616 солкуобай (дьиэ кэргэн бастакы оҕотугар Ийэ хапытаалын ылбыт буоллаҕына).

Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаала 157 358 солкуобай (2020 сыл тохсунньу 1 күнүн иннинэ ылар быраап үөскээтэҕинэ). 207 943 солкуобай — (2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн ылар быраап үөскээтэҕинэ). Оҕо 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт буоллаҕына, бэриллэр.

— «100 сыл оҕолоро” хапытаал – 100 000 солкуобай (2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр төрөөбүт оҕолорго).

Уһук Илин уокуругар олорор, 2018 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ ипотека намыһах бырыһыана – 5%.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0