«Иккис Лөгөй» кинигэ күн сирин көрдө

25.03.2017
Бөлөххө киир:

Эдэр көлүөнэҕэ үйэттэн-үйэҕэ үтүө өйдөбүнньүк буолан хаалар «II Лөгөй” диэн ааттаммыт нэһилиэк кинигэтэ кулун тутар 17 күнүгэр сүрэхтэннэ. Сүрэхтэниини  Уус Алдан улууһун Тулуна олохтоохторо тэрийдилэр.


Кинигэ оҥоһуллуутун туһунан «II Лөгөй” кинигэ эппиэттиир эрэдээктэрэ, СӨ уонна РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, бэчээт туйгуна Мария Сергеева маннык кэпсээтэ:

– Нэһилиэк историятын билиһиннэрэр «Албан аат» мусуой-хос сабыллан, Розалия Дегтярева уонна Дария Никифорова салайбыт, Петр Бурнашев архыыпка үлэлэспит хомуйууларыттан хайдах эмэ кинигэ оҥорторбут киһи диэн былааннаммыттара. Онон, илиинэн суруллубут ахтыылары төрүт оҥостон, кинигэни 11 сыл сыралаһан оҥорон таһаардым. Кинигэбитин «үһү» диэҥҥэ олоҕурбакка, барыта чуолкайдааһыннаах, мэктиэлээх бэртээхэй кинигэ таҕыста диэн тыл этээччилэр сыаналаатылар.

Кэнники 5 эрэ сыл устата ыалларынан сылдьан, атах тэпсэн олорон кэпсэтиибинэн, биир да киһини хаалларбакка, кинигэҕэ киллэрэргэ кыһалынным. Киһи бэйэтин эрэ кэпсээниттэн суруйара кэрэгэй буолар эбит. Онон үчүгэйдик билэр икки-үс киһи уонна оччотооҕу салайааччылар бигэргэтиилэринэн, онтон уруккуну архыыбынан, мусуойтан ылыллыбыт саһарбыт суруйууларынан, үйэлэрэ уһаабыт дьоммут кэпсээннэринэн чуолкайданнылар. Атын нэһилиэк кинигэтин тыл үөрэхтээхтэрэ, суруналыыстара, суруйааччылара үллэстэн оҥороллорун билэбин. Оннук дьоно суох буоламмыт, туох да киһиргээһинэ суох,  саҕаланыаҕыттан соҕотоҕун эрэдээксийэлээн, чочуйан, саҥа суруйуулары киллэртээн оҥордум. Арай, Юрий Васильев, историк Петр Троев уо.д.а тарбахха баттанар дьоммут суруйуулара, сиппит-хоппут матырыйааллар киллэриллибиттэрэ дьоһуннаах.

Ордук артыаллар, холкуостааһын саҕаланыыларын бэрт эрэйинэн чуолкайдаатым. Бэйэм булан уонна ахтыылары тэнитэн суруйуум элбэх. Өбүгэлэрбит олохторун салҕааччылары кытта ситэрэн, хасыһан оҥоруунан сибээстээн, күн бүгүҥҥэ диэри сиэннэрин ахсаана кытта киирэн, үгүс дьиэ кэргэн 5-с, 6-с көлүөнэҕэ диэри төрүччүтүн билиэ. Архыыпка төрөөбүт сылларын чуолкайдаан уонна кэҥэтэн төрүччү оҥосторгутугар олук уурулунна дии саныыбын. Элбэх ахтыылары киллэрээри, ис хоһоонун сүтэрбэккэ киэргэтэр-ойуулуур тыллартан босхолонон, тылы оонньотон, этиилэри кылгатан оҥорбутум үрдүнэн, кинигэбит А4 кээмэйинэн, хаартыскалардыын 760 сирэйдэннэ.

Манна Афанасий Мигалкин Лөгөй Тойон туһунан 27 сирэйдээх улахан суолталаах архыыпка үлэтэ биһиги кинигэбит нөҥүө аан бастаан таҕыста. Филолог-учуонай Василий Протодьяконов историческай чахчыларга олоҕуран, Василий Леонтьевы сүдү киһи буоларын дакаастаан суруйуута эмиэ бастаан бу кинигэҕэ бэчээттэннэ. Юрий Васильев бырааттыы Габышевтары, Сыромятниковтары олус үчүгэйдик суруйуулара, байыаннай лүөччүк Николай Сыромятников бэйэтин харыстамматах дьоруойдуу сулууспата улаханнык арылынна. Аны, холкуос төрүттэниэҕиттэн, бөдөҥсүйбүт, миллионер холкуос, онтон сопхуос буолуор диэри 40 сыл тухары аатын илдьэ сылдьыбыт партизан Заболоцкайбыт туһунан сурулунна. Саха сирин биллэр-көстөр салайааччылара Петр Аммосов, Афанасий Мигалкин уо.д.а. дьоммутун сиһилии билсиэххит.

Историяны аанньа ахтыбат буолуу кэмэ туоратыллан, билигин нэһилиэк аайы маннык кинигэлэр тахсалларын айхаллаан туран, оҕолорго нэһилиэктэрин историятын билсиһиннэрэн үөрэтэллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Розалия САВВИНОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0