Нам улууһун II-с Хомустаах нэһилиэгин олохтоохторо бэҕэһээ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр анаан, сэлэлээн хаамтылар. Тэрээһиҥҥэ 200-тэн тахса киһи сахалыы таҥнан таҕыста.
—Улуустар кииннэрин аахпакка туран, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэриттэн бастакынан биһиги нэһилиэкпит оҕото-уруута, ытык кырдьаҕастара, үлэлиир араҥата уонна эдэр ыччата буолан, бары биир санаанан салайтаран, хаамтыбыт, оһуохайдаатыбыт, сахалыы тыыннаах кэнсиэри бар дьоммутугар бэлэхтээтибит. 1922 сыллаахха саха чулуу уолаттара, Былатыан Ойуунускай, Махсыым Омуоһап, Исидор Бараахап Саха сирин автономиятын туруорсубуттара. 1992 сыллаахха киэҥ Арассыыйа эрэгийиэннэрин биир маҥнайгынан Саха сирин конституциятын ылыммыт өрөспүүбүлүкэ буолабыт. Ону үүнэр көлуөнэҕэ өйдөтөр эбээһинэстээхпит. Ыччаттарбыт улуу убайдарбыт курдук сырдык санаалаах буолалларын, сайдыыга уонна дириҥ билиигэ тардыһалларыгар баҕарабыт. Үөрүүлээх бэлиэ күнүнэн Сахам сирин олохтоохторун үөрэн-көтөн туран эҕэрдэлиибин, — диэтэ Нам улууһун II Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Лев Новгородов.