Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын научнай-тиэхиньиичэскэй сэбиэтин мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр гидрометеорологическай быһыы-майгы, сааскы халаан уутун тула кэпсэттилэр. Мантан саас өрөспүүбүлүкэҕэ харыы тахсыан сөптөөх сирдэригэр мууһу кэбирэтэр үлэлэр ыытыллыахтаахтарын туһунан туһааннаах управление салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Петр Аргунов иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
Дьокуускайдааҕы метеосулууспа инженер-гидролога Максим Алексеев бу күһүн өрөспүүбүлүкэ өрүстэрэ 2 – 9 күнүнэн хойутаан турбуттарын туһунан эттэ. Тохсунньу бүтүүтэ Өлүөнэ мууһун кээмэйдээбиттэринэн, Өлүөхүмэ уонна Алдан аннынан муус халыҥа нуорматтан 5 – 10 см улахан. Онтон атын өрүстэргэ 10 – 40 см нуорматтан кыра эбит.
2019 сылы кытары тэҥнээтэххэ, Дьааҥы, Индигиир, Халыма өрүстэригэр муус халыҥа нуорматтан 10 – 25 см кыра. Онтон хаар саппааһа сорох сиринэн элбэх түспүт. Холобур, Үөһээ Халыма улууһугар Халыма өрүскэ уонна Уус Маайаҕа Югоренок бөһүөлэгин аттынан 200% элбэх хаар түспүт.
Халаантан көмүскэнэр, сэрэтэр үлэлэри ыытыы эрдэттэн ыытыллыахтаах. Таас чоҕунан, кумаҕынан хараардыы, мууһу эрбээһин үлэлэрэ муус устартан саҕалаан ыытыллыахтара. Холобур, Ленскэй оройуонугар Өлүөнэ өрүскэ 81 га, Өлүөхүмэҕэ 64 га, Хаҥаласка 44 га сир хараардыллыахтаах.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru