Икки ойуур баһаара умуруорулунна, үс бохсулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа икки ойуур баһаара умуруорулунна, үс бохсулунна.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 222 тыһ. га иэннээх сиргэ 29 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. 104 тыһ. 306 гект. сиргэ икки ойуур баһаара умуруоруллубут, үс бохсуллубут. Бу туһунан бүгүн, балаҕан ыйын 6 күнүгэр, брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Сергей Сивцев иһитиннэрдэ.
Уус Маайа оройуонугар биир ойуур уота бохсуллубут, билиҥҥитэ икки хаалбыт. Маны сэргэ Чурапчы улууһугар биир бохсуллубут. Бүгүн Мииринэй уонна Ньурба оройуоннарыгар ойуур баһаардарын бохсор, умуруорар былааннаахтар.
Ойуур баһаардарын умулларыыга 145 киһи, 7 тиэхиньикэ үлэлиир. Ааспыт хонукка Эдьигээҥҥэ икки ойуур баһаара бэлиэтэммит.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0