Бу быһылаан туһунан биһиги сайтпытыгар 2018 сыл балаҕан ыйын 19 күнүгэр «Саанан ытыалаан, икки киһини өлөрбүт» диэн иһитиннэриигэ суруйбуппут. СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бу дьыалаҕа СӨ Үрдүкү суута бириигэбэр таһаарбыт.
Суут быһаарбытынан, 2018 сыл балаҕан ыйын 17 күнүгэр, сарсыарда 05.00 чаастан 07.29 мүн. диэри бириэмэ иһигэр, Томпо улууһун Мэҥэ Алдан сэлиэнньэтин 53 саастаах олохтооҕо итирэн баран, 4 №-дээх баһаарынай чааска тиийэн, «Вепрь-223» харабыынынан биир киһини алтаттан итэҕэһэ суохтук, иккис киһини иккиттэн итэҕэһэ суохтук ытыалаабыт.
Эмсэҕэлээччилэртэн биирдэстэрэ тута тыына быстыбыт, иккис киһи балыыһаҕа өлөөхтөөбүт…
Быһылаан буолаатын, оччолорго СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бу киһи урут холуобунай да, административнай да эппиэккэ тардылла сылдьыбатах. Өр кэм устата арыгылаан, «гэрээчкэлээбит» диэн быһаарбыттара.
Суут мунньаҕар сууттанааччы буруйун сороҕун эрэ билиммит.
СӨ Үрдүкү суута кинини икки киһини соруйан өлөрүүгэ буруйдааҕынан билинэн, 17 сылга кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут.
Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, өрүттэр ааһыныахтарын сөп.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.