Бүдүрүйбүт көммөт? Бүдүрүйбүт көнөр!
Киһи олоҕо эриэ-дэхси суол буолбатах. Олоҕун тухары, үөрүүнү эрэ буолбакка, араас моһоллору-моһуоктары эмиэ көрсөр. Сорохтор киһи тулуйуо да суох иэдээннэрин самныбакка көрсөллөр, атыттар син кыра да кыһалҕаны кыайбакка, ыһыктынан кэбиһэллэр. Тоҕо оннук буоларый? Туох күүс биири бөҕөргөтөрүй, атыны самнарарый? Бу ыстатыйаҕа икки дьылҕаны тэҥнээн көрүөххэйиҥ, төһө даҕаны икки суруллубут дьон бэйэ-бэйэлэриттэн чыҥха атын дьылҕалаахтарын иһин.
Олоххо тардыһыы күүһэ
Геннадий Петров, 56 саастаах
Бу киһини икки сыл анараа өттүгэр “Триумф” спорт киинигэр бэлиэтии көрбүтүм. Тымныы кэмҥэ онно сарсыарда алтаттан аҕыска диэри сүүрэр дьону босхо киллэрэллэр. Сорох сүүрэр, сорох “скандинавскай” хаамыынан дьарыктанар. Оттон Геннадий олох атын ньыманан сүүрэр этэ – түөрт атах буолан. Ыарахан сүһүөх ыарыылааҕа тутатына көстөр этэ: биллэ доҕолоҥнуура, аҥаар өттө туора соһуллара. Сүр дьаныардаахтык дьарыктанара – кэннинэн, иннинэн, ойоҕоһунан сүүрэн баран, түөрт атах буолан сүр түргэнник хамсанара. Мин чаас кэриҥэ сүүрэн баран дьиэлиирбэр, Геннадий дьарыга өссө да бүппэккэ хаалар этэ. Кэпсэтэн билсибэккэ, туораттан көрөр эрэ этим.
Онтон сүүрүүбүн тохтотон, хаамыыга көһөн, спортзалтан тэйэ сылдьан баран, бу сайын эмиэ кыралаан сүүрэр буолбутум. Арай ол сылдьан Геннадийы аны “Юность” стадиоҥҥа көрсө түстүм. Киһибин хата экипировкатынан уонна кимҥэ да суох ньыматынан эрэ биллим ээ! Били содьороҥнуура олох биллибэт буолбут, этэ-сиинэ былчыҥнанан, олох атын киһи буолбут. Бу сырыыга анаан тиийэн дьэ билистим. Хата элэккэй, кэпсэтинньэҥ киһи буолан биэрдэ.
— Дьиҥэр, ити ыарыым туһунан кэпсиэхпин баҕарбаппын. Кылгастык эттэххэ, маннык – төрүөхпүттэн баар, генетическэй хабааннаах. Олох кэнники билбитим ону, анаалыс туттараммын. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, физкултуураҕа саамай мөлтөхтөрө буоламмын, спорт диэни олох сөбүлээбэт этим. Сааһыран истэхпинэ ыарыым бэргээн испитэ, ол иһин кыһалҕаттан сүүрэн эҥин көрөр буолбутум. Ол эрээри, көннөрү сүүрүү улаханнык сатаммат этэ, уҥа атаҕым уллуҥаҕа наар туора үктэнэн хаалар этэ. Үс сыллааҕыта батсаапка оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолорум бөлөхтөрүгэр биир видеоролигы көрбүтүм. Онно кытай кырдьаҕастара түөрт атах буолан сүүрэн, өрүттэр ньымалаахтар эбит. Ону үтүктэн көрөргө санаммытым.
Интэриниэт ситимигэр көрдөххө, түөрт атах буолан сүүрүү Кытайга уонна ордук Дьоппуон дойдутугар былыр-былыргыттан баар эбит. “Эбисийээнэ сүүрүүтэ” диэн ааттаах ньыманы сүһүөх ыарыытын эмтииргэ, доруобуйа уопсай туругун көннөрөргө анаан туһаналлар эбит. Билигин түөрт атах буолан сүүрүү аан дойдуга кытта тарҕанан эрэр эбит. Европа дойдутугар, дьээбэ курдук, “ат буолан сүүрүүнэн” араас саастаах дьон үлүһүйэр буолбут. Оттон дьоппуон спортсмена Кенити Ито 100 миэтэрэни 17,47 сөкүүндэнэн сүүрэн, аан дойду рекордун олохтообут, Гиннесс кинигэтигэр киирбит. Кини олоҕун сыала – бу дьикти ньымалаах сүүрүүнү олимпийскай спорт көрүҥэр киллэрии.
— Хара маҥнайгыттан табыллан барбыта диир кыах суох, кистээбэккэ эттэххэ, ыарахан этэ. Саамай уустуга, илиим тарбахтара итинник сүүрүүттэн тутатына бааһыран тахсаллар этэ, хаан оҕуолуор диэри тириилэрэ сотуллан хаалар этэ. Онон бөҕө бэрчээккэ айарга күһэллибитим. Бастаан бэрчээккэлэри чараас эрэһиинэнэн бөҕөргөтөн көрбүтүм, сатамматаҕа. Түргэн баҕайытык элэйэн хаалаллар этэ, тарбахтарым син биир эчэйэллэрэ. Аны били садоводтарга аналлаах, тыҥырахтаах бэрчээккэлэри туһанан көрбүтүм – эмиэ сүр түргэнник тыҥырахтара элэйэн хаалбыттара, иккис дьарыкпар туллубуттара. Биир-икки эрэ дьарыкка туһаныах диэтэххэ, наһаа ороскуоттаах этэ. Онтон улам, дьэ бу кэтэ сылдьар бэрчээккэбин айбытым.
Геннадий бэрчээккэтэ маннык оҥоһуулаах: өрүү бэрчээккэ уон тарбахтарын уһугар кэтиллэр пластик турбатын кэрчиктэрэ, баппаҕайдарыгар массыына көлүөһэтин эрэһиинэлэрэ.
— Бу турба кэрчиктэрэ үйэлээх матырыйаал эбит, маҥнайгыттан уларыта иликпин, син аалыннылар эрээри, өссө даҕаны өр барар туруктаахтар. Бастаан утаа тарбахтарбын аалар этилэр, онтон улам үөрэнэн, билигин олох мэһэйдэппэппин.
Геннадий бу ньыманан сүһүөхтэрэ ыалдьар дьон туһаналларыгар сүбэлиир:
— Бу ньыма судургу сүүрүүттэн уратыта диэн, үлэлээбэт былчыҥнары уһугуннарыыга сытар. Эбиитин маннык сүүрэргэ киһи мэйиитэ күүскэ үлэлиир. Сүүрүү уопсайынан толкуйдуур дьоҕуру атыннык үлэлэтэр, координацияны сайыннарар, оттон түөрт атах буолан сүүрээһин ону өссө күүһүрдэн биэрэр. Тус бэйэм олус улаханнык туһанным, бэйэҥ көрөҕүн дии, хайдах курдук уларыйбыппын!
Сүүрүк хоту устуу
Уйбаан, 49 саастаах
Бу киһини аатын уларытан, хантан сылдьарын кистээн кэпсиирбитигэр тиийэбит. Төһө даҕаны “олохпун сирбэппин” диэн өттөйдөр даҕаны, кэпсэтэн бүтэн баран, “ааппын ааттаама” диэн усулуобуйа туруорбута. Онон киһибин судургутук “Уйбаан” диэн ааттыым.
Бу саас Сайсары күөл кытыытынан хааман иһэн, сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр билсэр киһибин көрсө түспүтүм. Билэр куолаһым: “Быраат, дорообо, ноо!” — диэбитигэр, тохтообутум, ону-маны кэпсэппиппит. Киһим лаппа холуочук, ол да буоллар, таҥаһа-саба сэнэх, сирэйэ сырдык. “Тыаттан командировкаҕа киирэ сылдьар быһыылаах, дьыалатын ситиһэн, сынньана сырыттаҕа”, — дии санаабытым.
Онтон сайын саҕаланыыта, киһибин кууһунан атыылыыр маҕаһыыннар аттыларыгар көрүстүм. Аҕыйах ый иһигэр киһим улаханнык уларыйбыт этэ. Сирэйэ “уолан” хаалбыт, таҥаһа кирдээх, били үөрбүтэ-көппүтэ ханна да суох. “Быраакка, абыраа, биэс уон солкуобайынан салҕаа эрэ, өлөттөрүү буолла”, — диэтэ. Харчы биэрбиппэр, сүр түргэнник антах диэки тиэтэйбитэ.
Билэр киһибиттэн истибитим, Уйбааным дьикти адьынаттаах киһи эбит. Бэйэтэ, дьиҥэр, сүрдээх уус туттуулаах, этэргэ дылы, маһы хаамтарбат эрэ маастар. Тупса сылдьар кэмигэр орто киһи ымсыырарын курдук, үчүгэй дьиэлээх, хаһаайыстыбалаах эбит. Онтон биир кэмҥэ эмискэ “буорайан” турар эбит. Дэлби “аһаан-сиэн” баран, онтон букатын даҕаны дьиэтин хаалларан, куоракка киирэн “бииһирэн” хаалар эбит. Икки-үс ый оннук дьаабыланан баран төннөн, олоҕун-дьаһаҕын саҥаттан сааһылыыр. Онтон хас да сыл киһи быһыытынан олорон баран, эмиэ баран хаалар.
Ол көрсүбүт “оптовкабар” аҕыйах хонуктааҕыта Уйбааны көрсөн, тоҕо инник буоларын туһунан кэпсэтэн турардаахпын. Кыратык “тыаһаан” баран сылдьар буолан, киһим саҥата-иҥэтэ элбэх:
— Быраат, ити ыйытыыгар эппиэтин бэйэм даҕаны чуолкай билбэппин. Төрүөхпүттэн инник буоллаҕым дуу? Кыра сылдьан эмиэ куотар адьынаттаах этим ээ. Сылайан хаалабын. Тыаҕа барыта биир да биир, күнтэн күн туох даҕаны уларыйыы суох. Уонна дьахтарга дьоло суохпун, наар күүлэйдьит, иһээччи чүөчэлэргэ түбэһэн хаалабын. Бастаан үчүгэйдик олоробут, онтон барыта буорту буолан хаалар. Оччоҕо кыһыйбытым, сылайбытым мунньулуннаҕына, дьахтарбыттан арахсан, дьиэбин хаалларан, баран хаалабын, “уоппускалыыбын”. Хара үлэттэн куттаммаппын, умналыыртан кыбыстыбаппын, араас дьону кытта кэпсэтэри сатыыбын. Эн миигин өйдөө — тыа сирин үлэтиттэн чаҕыйбаппын, буор арыгыһыт буолбатахпын. Мин… көҥүлү таптыыбын. Биир сиргэ бүгэн олорортон дууһам муунту буолар.
“Арыгыһыт буолбатахпын” диир эрээри, өйдөөҕүн кэнники үс көрсүһүүбүтүгэр көрбөтөхпүн сэрэнэн этэбин. Киһим кыыһыран турар:
— Доо, оттон олох испэппин диэбэппин ээ! Уонна доруобуйам көҥүллүүр буоллаҕа дии, көр ээ, иһээччи курдукпун дуо? Дьиҥэр, чөл олох туохха туһалааҕый? Оҕонньор буолан тоҥхоҥнуохпар диэри тиийэр былааным суох! Үчүгэй барахсаттар, мин курдук, син биир биир дириҥнээх ииҥҥэ тиийэбит, төһө даҕаны харыстаммыккыт иһин. Чэ, икки мөһөөхтө “иэһээ”, аҕыс чаас ааһара кэллэ!
Түмүк тыл
Дьиҥэр, бу икки кэпсээн бэйэ бэйэлэригэр ханан даҕаны майгыннаспат, тус- туспа олохтоох, санаалаах дьон тустарынан. Тоҕо иккиэннэрин биир балаһаҕа таһаарда диир буоллаххытына, хоруйум маннык. Олоххо сыһыан санаа чычааһыттан, дириҥиттэн чочуллан тахсар. Олох устун утарыласпакка устар дуу, эбэтэр сүүрүгү утары өксөйөр дуу, ону хас биирдии киһи бэйэтэ талар. Ол эрэн, ити Уйбаан этэрин курдук, түмүк биир буолбатах. Бэйэҕэ убаастабыл, олоххо таптал туораттан да көрөргө астык. Оттон ыһыктынан кэбиспит киһи, төһө даҕаны олоҕун быһаарара-кэпсиирэ судургутун иһин, бөрүкүтэ суоҕа көстөр.
Сүрдээх судургу түмүк эрээри, күннээҕи олоххо ыллара сылдьан, сороҕор итини өйдөөбөккө хаалыахха сөп. Оттон икки дьиҥнээх киһи олоҕун холобуругар тэҥнээн көрдөххө, лаппа дьэҥкэрэн көстөр курдук.
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru