Икки Бе-200 сөмөлүөт Саха сиригэр кэлэн үлэлииргэ бэлэмнэр

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын  28 күнүттэн эрэгийиэннээҕи ойуурдарга  ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ.  Ордук тыҥааһыннаах балаһыанньа Мииринэй, Томпо, Уус Маайа улуустарыгар үөскээтэ.

Бу улуустарга муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ.  Чугастааҕы кэмҥэ  икки  Бе-200 сөмөлүөт уонна ЫБММ  МИ-26  бөртөлүөтэ үлэлии кэлэллэрэ күүтүллэр.

Бэҕэһээ ыытыллыбыт сүбэ мунньах кэмигэр Ил Дархан  Айсен Николаев:

«Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, балаһыанньа билигин өссө этэҥҥэ. Былырыын  баччаларга  уопсайа  308 969,9 га иэннээх 315 ойуур баһаардара бэлиэтэммит эбит буоллахтарына, күн бүгүн  64 658 га иэннээх 57 ойуур  баһаардара турдулар. Ол гынан баран, балаһыанньа син биир  тыҥааһыннаах», — диэн бэлиэтээн эттэ.

Итиэннэ Айсен Николаев     икки  Бе-200 сөмөлүөт уонна ЫБММ  Ми-26  бөртөлүөтэ  Саха сиригэр ойуур  баһаардарын умуруорууга кэлэн үлэлиир боппуруостарын  чугастааҕы кэмҥэ олохтоох бырабыыталыстыба  быһаара охсоллоругар  сорудахтаата.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0