Тыл боппуруоһун тула кэпсэттилэр

Ааптар: 
30.09.2017
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр Саха уопсастыбаннай киин Арчы дьиэтигэр түмсэн, чопчу икки тыҥаан турар боппуруос тула кэпсэттэ.

edersaas.ru

Тус бэйэм, ити мунньахха сылдьыбатах буолан, эйиэхэ, ааҕааччыга көрөн олорбут, эт кулгаахпынан истибит курдук суруйар кыаҕым суох. Ол эрээри, тустаах мунньахха кыттыбыт дьон уопсай санаатын уонна туох түмүккэ кэлбиттэрин тиэрдэр соруктаахпын.
Манна даҕатан бэлиэтээтэххэ, уопсастыбанньыктар, араас түмсүүлэр ити курдук бэлиэ күннэргэ сөп түбэһиннэрэн, сылга хаста даҕаны көрсүһэллэр. Онон бу түмсүүнү уочараттаах даҕаны диэтэххэ улаханнык сыыспатым буолуо. Ол эрээри, ити күн кинилэр хаарыйбыт тиэмэлэрэ хас биирдии Саха сирин олохтооҕор быһаччы сыһыаннаах, ол да иһин, “дуораана” ыраахха иһилиннэҕэ.
Мунньахха бүгүҥҥү күҥҥэ тыҥаан турар икки сүрүн боппуруоһу көрбүттэр. Бастатан туран, “Өлүөнэ туруук хайалара” тула кэпсэппиттэр. Кылгастык быһааран биэрдэххэ, аан дойдутааҕы “ЮНЕСКО” нэһилиэстибэтин испииһэгэр киирбит “Өлүөнэ туруук хайалара” паарка билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ статустаах. Ону федеральнай бас билиигэ биэрээри гыналлар. Манна мустубут үгүс дьон итини утарар санааны этэр буоллахтарына, сорохтор төттөрүтүн, өйүүллэрин биллэрбиттэр.
Иккиһинэн, күн бүгүн тыҥаан турар тыл боппуруоһун ырытыспыттар. Ол курдук, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Йошкар-Олаҕа Национальнай сыһыаннаһыылар Сэбиэттэрин мунньаҕар тыл туһунан эппит этиититтэн сиэттэрэн, Башкортостаҥҥа уонна Татарстаҥҥа тахсыбыт түгэни билиһиннэрбиттэр.
“Викиновости” суруйарынан, элбэх буолан кыттыбыт РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун учуонайдара уонна преподавателлэрэ, судаарыстыба, эрэгийиэн тылларыгар тымныы сыһыаныттан дьиксиниилэрэ күүһүрэн иһэрин биллэрбиттэр.
Мунньахха кыттыыны ылбыт дассыан, филологическай наука хандьыдаата Валентина Семенованы кытта төлөпүөнүнэн сибээстэһэн, санаатын тиэрдэригэр көрдөстүм. Онуоха кини уопсастыбаннаска улаханнык кыттыбатын, ол эрээри, кэм кэлбитин, институттан хаһыа даҕаны буолан тиийбиттэрин этэр. Итиэннэ ханнык баҕарар бэйэтин ытыктанар норуот ийэ тылын харыстыырын, култуурабытын, тылбытын сайыннарыахха диир кэмҥэ соччо тарҕамматах дьаһаллар диэн быһаарда.
Онтон Ил Түмэн дьокутаата Иван Шамаевка эрдэттэн болдьоһон баран, үлэтигэр тиийбитим. Кини, биһиги төрөөбүт тылы үөрэтиибитигэр уонна татаардар бэйэлэрин өрөспүүбүлүкэлэригэр тылларын булгуччу модьуйан үөрэтэ олороллоругар туох даҕаны сыыһаны булан көрбөтүн биллэрдэ. Төттөрүтүн, Федеральнай судаарыстыбаннай ыстандарка олоҕуран, төрөөбүт тылынан үөрэтэрин дуу, үөрэппэтин дуу оскуола бэйэтэ быһаарарын, баҕар, букатын даҕаны төрөөбүт тылынан үөрэппэт барыйааны талбыт буолуохтарын сөбүн иһитиннэрдэ.
Ити курдук, уопсастыбанньыктар киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕы тэрийиэххэ, Ийэ тыл хамсааһыны сөргүтүөххэ, дойду бэрэсидьиэнигэр сурукта суруйуохха, башкирдары, татаардары өйүөххэ диэн этии көтөхпүттэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0