Ийэтин уган биэрэн, харчы уордарбыт

Бөлөххө киир:

Мииринэй олохтооҕуттан социальнай ситим нөҥүө 12500 солкуобайы сойбоппуттар.

Эмсэҕэлээччи дьахтар 15 саастаах уола»В контакте» саайтка олордоҕуна, аймаҕыҥ буолабын диэн биир киһи суруйбут. Дьиҥ аймахпын кытта кэпсэтэбин дии санаан, уол суруйсан барбыт. Арай, «аймаҕа» уолтан ийэтин төлөпүөнүн нүөмэрин көрдөөбүт. Уол ийэтин нүөмэрин эппитигэр, аны, онно кэлэр СМС- тары этэригэр соруйбут. Уол уһуну толкуйдуу барбакка, төлөпүөҥҥэ кэлбит куодтары этэн биэрбит. Нөҥүө күнүгэр ийэтин  каартатыттан 12500 солк. сүппүт.

Кэлиҥҥи кэмҥэ маннык быһыылаах түөкүннээһиннэр дэлэйдилэр. ИДьМ Мииринэйдээҕи салаата дьону сэрэхтээх буоларга ыҥырар.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0