Бэйэтин кэккэтигэр 4000-ча кэриҥэ кэрэ киһини—ийэлэри түмэр “Арассыыйа ийэлэрэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта, тапталлаах ийэ, эйэҕэс эбээ, үтүө хаһаайка, Ил Дархаммыт Егор Афанасьевич кэргэнэ Прасковья Петровна Борисова – биһиги ыалдьыппыт.
— Прасковья Петровна, кыыс оҕону ийэтин курдук буоларга дьулуһар, ийэтиттэн холобур ылар дииллэр. Бүтүн Саха сирин ийэлэрин түмэр, салайар киһи, эн бэйэҥ ийэҥ хайдах киһиний, оҕо эрдэххитинэ, бастатан туран, эһигиттэн тугу ирдиирэй?
— Мин ийэм Александра Фоминична, боростуой саха дьахтара. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Анаан-минээн, оҥостон, оҕолорун иитэ-такайа, ыйа-кэрдэ сылдьар үгэһэ суох. Элбэх оҕолоох ийэҕэ түбүгэ-садьыга үгүс буоллаҕа. “Оонньуу таарыйа мас сыыһына хомуйан аҕалыҥ, уута баһан кэлиҥ”, — диирэ. Хаһан даҕаны, уруоккутун ааҕыҥ, иһиккитин сууйуҥ, диэн ыкпат-түүрбэт этэ. Барытын бэйэбит этиппэккэ оҥорорбут. Биэс оҕоттон улаханнара мин. Эрэнэр эбит. Хайдах эрэ, туохха барытыгар бэйэбит быһаарыныы ылынарбытын ситиһэрэ. Мин санаабар, оҕону иитиигэ ити сөптөөх хайысха эбит.
Оттон билиҥҥи оҕолор, үксүгэр, ийэ-аҕа ыйыытын-кэрдиитин кэтэһэ үөрэммит курдуктар. Төрөппүт сороҕор, оҕо бэйэтин кыһалҕатын бэйэтэ быһаарынарыгар кыах биэрбэт.
Аһыыр остуол суолтата, биитэр “доширак” ыалы түмпэт!
— Ийэм туһунан өссө эттэхпинэ, кини асчытынан үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта. Онон, дьиэбитигэр итии, тотоойу аһылыгы өрө тутуу уруккуттан баара. Ити үгэһи биһиги үс кыыс үчүгэйдик ылыммыппыт. Хас сарсыарда аайы эрдэ туран, үлэҕэ-үөрэххэ барыах иннинэ, дьиэ кэргэҥҥэр остуолга итии аһылыгы бэлэмниигин. Билигин сорох эдэр ыалтан сонньуйабын. Сарсыарда аанньа аһаабаттар, күнүс эмиэ… Оттон киэһээҥҥи аһылыкка улахан остуол тула бары мустан олорон сэһэргэһии, сүбэлэһии эмиэ суох буолла. Ити араас фаст-фуд, “доширак” дьиэ кэргэни түмпэт. Ыалга киирээт, остуолларын көрөөт, бу дьиэ кэргэн хайдаҕын быһаарыахха сөп… Боростуой да буоллун, итии, тотоойу ас күүтэрин билэр, онно эрэллээх буоллаҕына, оҕо да, эр киһи да мэлдьи дьиэтигэр дьулуһуоҕа.
Дьиэ кэргэн — судаарыстыба тирэҕэ
— “Арассыыйа ийэлэрэ”. Эһиги сүрүн сыалгыт?
— Биһиги сыалбыт-сорукпут – ийэ оруолун үрдэтии, дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүү буолар. Кистэл буолбатах, дьиэ кэргэн олоҕор бэлэмэ суох буолуу, арахсыы, ыал ийэтэ аһыы утахха ылларыыта, оҕоттон аккаастаныы, тыыннаах тулаайахтарга кубулутуу – бу барыта баар кыһалҕалар.
Дьиэ кэргэн диэн тугуй? Бу – уопсастыба төрүтэ, судаарыстыба тирэҕэ. Дьиэ кэргэн төһө туруктаах буолуутуттан дойду уопсай балаһыанньата тутулуктаах. Онон, ыал ийэтигэр олус улахан оруол бэриллэр. Мин санаабар, кыыс оҕону – кэнэҕэһин ийэ буолар киһини иитиигэ туох эрэ итэҕэстээхпит, көтүтүүлээхпит.
Итини барытын санаан туран, биһиги, “Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын — Саха сирин ийэлэрэ көҕүлээһиммитинэн, СӨ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан 2014 сыллаахха “Кыыс оҕо күнэ” олохтоммута. Билигин хас сыл аайы алтынньы 11-гэр бу Күнү бэлиэтиибит. Волонтердардаахпыт – мединститут, медколледж устудьуоннара. Кинилэр Дьокуускай куорат оскуолаларыгар сылдьан кыыс оҕо доруобуйатын араҥаччылыырга аналлаах лиэксийэлэри ааҕаллар. Хомойуох иһин, мөлтөх доруобуйалаах кыыс оҕо ахсаана уоллааҕар 10 бырыһыанынан улахан. Онон, кыыс оҕоҕо болҕомтону күүһүрдэр наада.
Уол оҕо, биллэн турар, эмиэ ураты болҕомтону эрэйэр. Биһиги 2015 сылтан туруорсан, “Уол оҕо күнүн” олохтууру көҕүлээммит, өрөспүүбүлүкэбитигэр 2017 сылтан бэлиэтиибит. “Уолбар сурук” диэн аахсыйа ыыттыбыт. Манна төрөппүт уолун хайдах киһи буолан үүнэн-сайдан тахсыан баҕарарын, ис сүрэҕиттэн суруйар. Мин санаабар, бу ыччакка олус дьайыылаах аахсыйа.
2017 сылга үөрэнээччилэргэ 4 пууннаах блиц-ыйытык ыыппыппыт. Ол түмүгүнэн, улахан кылаастар түөрт боппуруостан “ыал буолуу” диэн графаны үөрэх, үлэ, карьера кэнниттэн бүтэһигинэн туруорбуттар этэ. Бу үчүгэйэ суох көрдөрүү.
Дьиксиннэрэр сыыппара
— Прасковья Петровна, Cаха сиригэр “Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын 4-с сылын үлэлиир, туох эрэ түмүктэр, үчүгэй өттүгэр уларыйыылар бааллар дуо, холобур, ыал арахсыыта аччыыр диир кыахтаахпыт дуо?
— Биһиги уопсастыбаннай хамсааһын буолабыт. Көдьүүспүт сонно тута ааҕылла, көстө түспэтэ буолуо. Биһиги кыыс оҕоҕо, бу Орто Дойдуга туох аналлаах кэлбитин тиэрдэргэ, сүрэхпит баҕатынан кыһаллабыт. Онон, инникигэ үлэлиибит.
Кыһалҕа баар. Биһиэхэ сылга 8000-тан тахса кэриҥэ эдэр ыал үөскүүр, онтон 4000 кэриҥэ – арахсар! Бу сыыппара барыбытын дьиксиннэриэхтээх. Быйыл, 2017 сыл түмүгүнэн эрэ, арахсыы арыый аччаата. Биһиги ЗАГС иһинэн “Эдэр ыал оскуолата” диэни аспыппыт. Тоҕо диэтэххэ, ыал хайдах дьылҕаланарыгар бастакы сыла улахан оруоллаах. Көмө, сүбэ-ама наада.
“Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн Саха сиригэр “Об ответственном родительстве” сокуон ылыллыбыта 2-с сылыгар барда. Бу сокуон уратыта – төрөппүт эппиэтинэһин үрдэтэргэ тустаах министиэристибэлэр, муниципальнай былаас, уопсастыбаннас, төрөппүт – бары биир ситимнээхтик үлэлиэхтээхтэр. Билигин ол механизма оҥоһуллуохтаах. Быйыл “Эппиэтинэстээх төрөппүт” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуоланы астыбыт. Бастакы дьарыкпытын Дьааҥыга ыыппыппыт. Бу ыам ыйыгар, Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүгэр, Дьокуускайга үһүс дьарыкпытын тэрийэбит.
Араас кыһалҕалаах төрөппүттэр биһиэхэ кэлэллэр… Бэйэбит харчыбыт суох буолан, спонсор көрдүүбүт. Иккис сылын “Үүнэр көлүөнэ фондатын” кытта үлэлэһэбит. Былырыын Муомаҕа, Абыйга, Үөһээ Халымаҕа медицинскэй «узкай» исписэлиистэри илдьэн, оҕо, ийэ доруобуйаларын көрдөрдүбүт. Быйыл эмиэ быраастаах, психологтаах, Дьааҥыга сырыттыбыт.
Мөлүйүөн буолуохпут дуо?
— 2022 сылы, Автономиябыт 100 сыллаах үбүлүөйүн, 1 мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх көрсөргө Ил Дархаммыт сорук туруорбута. Бу төһө кыаллыан сөбүй?
— Билигин 90-с сылларга күн сирин көрбүт оҕолорбут төрүүр-ууһуур саастарыгар сылдьаллар. Кинилэр ахсаан өттүнэн аҕыйахтар, ол дьайар… 2018 сылтан бастакы оҕоҕо босуобуйа анаммыта үчүгэй. Ийэ хапытаала эмиэ көмөлөһөр. Былырыын Ил Дархан элбэх оҕолоох ийэлэри кытта көрсүһүү ыыппыта, “Дьоруой-Ийэ” бэлиэ олохтоммута — 1 мөлүйүөн солкуобай суумалаах биир кэмнээх харчынан бириэмийэлээх. Итиэннэ “Ийэ Албан аата” бэлиэлэр туттарыллыбыттара. Биһиги, “Арассыыйа ийэлэрэ”, аны төрдүс оҕоҕо өйөбүл хайаан даҕаны наада диибит. Биһиэхэ түөрт оҕолоох ыаллар бааллар, ол эрээри кинилэргэ судаарыстыбаттан туох да өйөбүл суох. Ол иһин, 4-с оҕоҕо босуобуйа туруорса сылдьабыт. Бу олоххо киирдэҕинэ – өрөспүүбүлүкэбит нэһилиэнньэтин ахсаанын мөлүйүөҥҥэ тириэрдэр суоллартан биирдэстэринэн буолуох этэ.
Аммаларга көмөлөһөбүт
—Халаан уута дьоҥҥо алдьархайы аҕалла. Бу, аммаларга, элбэх оҕолоох ыалларга аадырыстаах көмөнү оҥороору, бэлэмнии сылдьабыт. Бука бары түмсэммит, бүттүүн көмөлөөтөхпүтүнэ эрэ кыайыахпыт.
Сэмсэ тыл
Агафья ПТИЦЫНА, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ:
— Бастатан туран, Прасковья Петровна киһи олус эрэнэр, итэҕэйэр киһитэ. Разведкаҕа кими илдьэ бараҕын, дииллэрэ буоллар, мин аан бастакынан кинини ылабын диэх этим. Оттон үлэһитин туһунан этэ да барыллыбат. Мин 1984-1991 сылларга партия Чурапчытааҕы райкомун идеологияҕа сэкирэтээринэн үлэлиир кэммэр кинилиин элбэхтик алтыспытым. Эдэркээн эрдэҕиттэн, сорудаҕы хаһан да хаттаан этиттэрбэккэ, барытын кэмигэр, хаачыстыбалаахтык толорор. Хайа баҕарар киһиэхэ үчүгэй өрүтүн хайаан даҕаны булар, бэлиэтиир. Дьоҥҥо болҕомтолоох. Бииргэ үлэлээбит дьонун төрөөбүт күннэрин өйдүү сылдьар, истиҥник эҕэрдэлиир. Ыал ийэтин быһыытынан эҥкилэ суох үчүгэй киһи. Түргэн туттуулаах, дэлэй, минньигэс астаах хаһаайка. Киниттэн киһи элбэххэ үөрэнэр.
Татьяна Маркова.
Олоҕун олуктара
Борисова Прасковья Петровна
1955 с. тохсунньу 28 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
1972 с. Ньурбатааҕы 2 №-дээх орто оскуоланы бүтэрбитэ.
1980 с. Новосибирскайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын институтун үөрэнэн бүтэрбитэ.
1980-1992 сс. —Чурапчы оройуонугар комсомольскай, партийнай салайар үлэҕэ буспута-хаппыта.
1992-1996 сс. — Дьокуускай куорат мэриятигэр үлэлээбитэ.
1996-2015 сс. — СӨ бэрэсидьиэнин уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын Делопроизводствоҕа уонна документацияҕа управлениетын салайааччы.
2014 сылтан “Арассыыйа ийэлэрэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта.
Кэргэннээх, оҕолордоох, сиэннэрдээх.