Арассыыйаҕа Ийэ күнүн чэрчитинэн бээтинсэҕэ Дьокуускай к. дьаһалтатын Улахан саалатыгар элбэх оҕолоох ийэлэргэ анаммат «Саамай чугас уонна истиҥ» диэн үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.
edersaas.ru.
Дьоро киэһэ дьоллоохторун куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Владимир Федоров уонна куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова эҕэрдэлээтилэр.
– Судаарыстыба дьиэ кэргэн бэлиитикэтин өйүүрэ мэлдьи бу курдук салҕанан бара туруохтун, олоххо дькти элбэх, ол эрээри, олортон саамай улаханнара, дьоһуннаахтара – оҕо төрөөһүнэ буолар, – диэтэ Евдокия Ивановна.
Салгыы элбэх оҕолоох ыаллар норуот оҕону иитэр үгэстэрин илдьэ сылдьар, тустаах үлэлэрин таһынан уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кыттар буоланнар, куорат ыалларыгар үтүө холобур буолалларын бэлиэтээтэ. Кинилэр оҕолоро оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэллэр, айар куруһуоктарга дьарыктаналлар, спортивнай күрэхтэһиилэргэ уонна научнай-пракическай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кытталлар диэтэ.
Ийэлэргэ анаммыт тэрээһин үөрүүтүн үрдэтэн, биэс уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт ийэлэргэ «Ийэҕэ Албан аат» бочуоттаах бэлиэлэр, ону таһынан куорат дьаһалтатын итиэннэ куорат Дууматын Махтал суруктара туттарылынна. Элбэх оҕолоох ийэлэр ааттарыттын харда тылы Киин уокурукка Дьахталлар сэбиэттэрин көхтөөх чилиэнэ Саргылана Васильева эттэ. Бу туһунан мээрийэ пресс-киинэ иһитиннэрдэ.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru