Биһиги ийэбит Анастасия Степановна Ксенофонтова быйыл 90 сааһын томточчу туолла. Төһө да сааһырдар, билигин да сэргэх, өйө-санаата чэгиэн. Сааһын тухары элбэх эрэйи, кыһалҕаны көрүстэр да, сүөм түспэт, дьылҕатыгар суламмат. Саҥа үүммүт күнү туох эрэ сонуну, кэрэхсэбиллээҕи күүппүттүү сэргэхтик көрсөр. Бэйэтин сааһыгар сайдыылаах киһи. Туох баар саҥаны, аныгыны барытын сэргиир, түргэнник өйдөөн, ылынан, күннээҕи олоҕор туттубутунан барар. Суотабай төлөпүөнэ, тэлэбиисэрэ, араадьыйата, микроволновай оһоҕо суох кини күннээҕи олоҕо толорута суох.
Ийэбит барахсан аттыбытыгар баар буолан, бэйэбит сааһырбыт дьон, билиҥҥэ диэри оҕо курдук сананабыт. Туох баар үөрүүбүт-хомолтобут, түһүүбүт-тахсыыбыт, үтүө да, мөкү да сэһэн буолан маҥнай киниэхэ кэпсэнэр. Дьиҥнээх истиҥ истээччибит, ылыннарыылаах тыллаах, үтүөкэннээх сүбэһиппит кини буолар. Сааһын тухары элбэҕи көрөн-истэн буолуо, хобдоҕу-куруһу да хайдах баарынан ылынар. Санааны сааһылаан, бэйэни өрө тардынан, быыс-хайаҕас көрдөөн, сөптөөх суолу буларга өй угар.
Былыргы алпаабытынан баара-суоҕа икки эрэ кылаас үөрэхтэннэр да, эдэригэр сахалыы хаһыаты көҥүл ааҕара, ыраата барбыт оҕолоругар сурук суруйан ыыталыыра. Кыра эрдэхпитинэ, үксүгэр киэһэ өттүгэр оһох иннигэр түмэн олорон, оҕо кинигэтин аа-дьуо ааҕан иһитиннэрэрэ саамай истиҥ өйдөбүл буолан иҥэн хаалбыт. Төһө да аҕабынаан иккиэн үлэлээтэллэр, элбэх иитимньилээх буолан, үп-харчы куруук кэмчи этэ. Арай ийэбит сатабыла бэрт буолан, иис арааһын дьоҥҥо тигэн биэрэн, хамнастарын сыыһа хаһан кэлиэр диэри эмиэ салҕана түһэллэрэ. Түүлээх бэргэһэ эгэлгэтин, тайах, таба, сылгы да тыһыттан этэрбэстэри, дьикти дьэрэкээн ойуулаан-мандардаан тигэрэ. Күнүскү түбүктээх үлэтин үмүрүтэн, киэһээҥи аһылык кэнниттэн кыра оҕолорун сытыартаан баран, ииһин дьэ, илиитигэр тутара. Түүн хойут эмискэ уһуктан кэлэн, ийэм эрэйдээх өссө да утуйбакка иистэнэ олорорун көрөн уолуйа саныырбын билигин да умнубаппын. Бырааһынньык аайы хас биирдиибитин ааҕа саҥа таҥас тигэн кэтэрдитэлээн, бурдук ас эгэлгэтин астаан, эт-балык арааһыттан буһаран, остуол хотойорунан ас тарда охсон күндүлээн, чахчы да барыбытын дьоллуура. Ииһин олох хойут, хараҕа улаханнык мөлтөөбүтүн эрэ кэннэ тохтоппута. Оннооҕор 80 сааһыгар бэйэтигэр былаачыйа быстан, тиктэн, сайбаччы кэтэн кэбиһэн дьону сөхтөрбүтэ. Хотон муҥунан ынах сүөһүнү төрөтөн-ууһатан, кууруссатыгар-хааһыгар, сибиинньэтигэр-хоруолугар тиийэ иитэн үйэтин моҥообут, эдэригэр оһуордьут, быысыбайдьыт бастыҥа, түүлээх эгэлгэтин тигэринэн тэҥнээҕин булбатах дьиҥнээх Далбар Хотун диэн кини буолар.
Анастасия Степановна ыам ыйын 9 күнүн улуу бырааһынньыгынан, сибэтиэй күнүнэн ааҕыан ааҕар. Кыайыы 70 сылыгар үбүлүөйдээх мэтээллэрин тэҥэ, «Тиит Арыы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» диэн үрдүк ааты ылан улаханнык дуоһуйбута. Чахчы да, харыс да сири халбарыйбакка төрөөбүт түөлбэтигэр үйэтин тухары олорон кэллэ. Чэрдийбит илиилэринэн үлэ саамай ыараханын, үрүҥүн-харатын барытын үлэлээн, нэһилиэгин инники сайдыытын туһугар киллэрбит кылаата улахан.
Ийэм кэпсиир:
«Ааспыт олохпун куруук кэриэтэ санаан тахсабын. Кырыйдаҕым дии. Мин 1927 с. Өлүөнэ өрүс хабыллар хаба ортотугар Бүлтэгэр кырдала диэн сиргэ төрөөбүтүм. Бу манна бэрт өрдөөҕүттэн түөлбэлээн олорбут Силиппиэнтэп аҕа ууһуттан сыдьааннаахпын. Аҕам Анна Николаевна Исакованы кытары Дохсун диэн аатырбыт сүүрүк атынан сиэллэрэн тиийэн, аҕабыыкка сүрэхтээбиттэр. Ол кэмҥэ арҕаа Сүрэх иһэ диэн сиргэ чочуобуна курдук кыра таҥара дьиэтэ баар эбит. Эһиилигэр, мин биир саастаахпар, аҕабын Степан Иннокентьевич Ксенофонтовы нэһилиэгэр ревком бэрэссэдээтэлинэн олордоҕуна, «ксенофонтовщина» дьыалатыгар кыттыгастааххын диэн, куоракка тутан киллэрэн ытан өлөрбүттэрэ. «Норуот өстөөҕүн ыамалара», «кулаак, бандьыыт сыдьааннара» дьаралыктанан, түөрт оҕо уонна ийэм буоламмыт, өр кэмҥэ элбэх эрэйи көрсүбүппүт. Үгүстүк убайдарым Макаардаах Лука үтүрүллүүгэ сылдьыбыттара. Дьон саҥата, өһө-кырыга сүрэ бэрт этэ. Мин олох хойукка, эргэ тахсан оҕолонуохпар диэри дьон хараҕын утары көрбөт муҥкук этим. Саҥарыллыбатарбын ханнык диэбиттии, толло-куттана уонна «ээҕи» хоту сылдьан харса суох үлэлии сатыырбын өйдүүбүн.
Тулаайах хаалыы
Ийэм Анисия Слепцова Петр Николаевич Слепцов—Күүстээх Бөтүү бииргэ төрөөбүт балта. Ийэм мин 4 саастаахпар ыалдьан өлбүтэ. Ити курдук, биирдээхпэр аҕабыттан, түөртээхпэр ийэбиттэн матан, төгүрүк тулаайах хаалбытым.
Улахан убайым Макар Степанович Ксенофонтов «Микоян» холкуоска суотчутунан сылдьан, 1942 с. бэс ыйыгар сэриигэ ыҥырыллыбыта. Пехотаҕа сылдьыбыт этэ. Фронтан аҕыйах сурук кэлбитэ. 1943 с. Украинаҕа, Харьков куорат таһыгар дойдутугар хаһан да эргиллибэттии, өстөөх буулдьатыттан охтубута. Киниттэн оҕо хаалбатаҕа. Сырдык сэбэрэлээҕин, миэхэ амарах сыһыаннааҕын уонна үксүн өр, уһун айаҥҥа баран хааларын эрэ өйдөөн хаалбыппын. Айаны-сырыыны кыайар эр киһи хоһууна, сытыыта буолан Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар үгүстүк сылдьыбыта.
Иккис убайым Лука Степанович Ксенофонтов, эдэр киһи диэтэххэ, күүстээх-уохтаах, бэйэтин лаппа үчүгэйдик кыанара диэн хайҕаан кэпсииллэрэ. Сэрииттэн босхолоон бронь биэрэннэр, Хачыкааттан Алдан диэки хайысханан түҥ тыаны солоон, суол оҥоһуутугар үлэлээбитэ. Ол сылдьан, 1944 с. сүүрбэччэлээх эрэ уол маска оһоллонон, тута тыына быстыбыта. Хата, биир дойдулааҕа үтүө киһи Уйбаан Семенов (Үрүҥ Баттах) оҕонньор аттыгар баар буолан, Улуу диэн сиргэ көмүс уҥуоҕун харайбыт этэ. Лука кэргэнэ, оҕото суоҕа.
Эдьийим Маайыс 15 сааһыгар ыалдьан өлбүтэ. Мин онно уончалааҕым эрэ.
Дьэ, ити курдук, үс бииргэ төрөөбүппүттэн барыларыттан матан, тула эргичиҥнээн хааллаҕым ити. Бу саҥа улаатан эрэр оҕоҕо ыар сүтүк этэ. Сэрии иннигэр убайым Макар дьиэ кэргэнигэр сыстан олорбутум. Онтон ыалтан-ыалга уларыта сылдьан олорон син улааппытым. Ийэлээх-аҕабын уонна бииргэ төрөөбүттэрбин суохтаан, аһыйан ытыырым-соҥуурум да быһыылааҕа. Аһыныгас санаалаах дьон көмөлөрүнэн иһим көппөйдө, сылааска утуйан турдум да, эмиэ оҕо-оҕо курдук сүүрэрим-көтөрүм, күлэрим-үөрэрим. Ол сут сылларга туох элбэх аһа кэлиэй? Ыал барыта иитимньилээх, бэйэлэрэ нэһиилэ инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олороллоро.
Харыйалаахха, биһигиттэн биир көстөөх сиргэ оскуола баара. Убайым Макар сэриигэ барыан иннинэ күн аайы сатыы хааман, баара-суоҕа икки кылаас курдугу үөрэммитим. Эмиэ бэйэм курдук оҕолору кытта сүүрүү-хаамыы былаастаан тиийэн, син үөрэннэҕэ буоларбыт. Күһүҥҥү кэмнэргэ төннөрбүтүгэр атахпыт тоҥорун сылаас ынах сааҕыгар үктэнэн туран ириэрэрбит, дэлби ситэн минньийбит ньалыктаны, дөлүһүөнү тото-хана сиэн, олох хойут төннөрбүт. Кыһыныгар үөрэммэт этим. Ичигэс таҥаһым уонна ыалга дьиэлэнэн олоруохпун өйүө аһым да суоҕуттан буолуо.
Үлэ ыараханын билбитим
Холкуоска 13 сааспыттан илии-атах үлэҕэ сылдьыбытым. Сэрии саҕаланыытыгар 14 сааспын саҥа туолбут этим. Эр дьон эдэрэ-сэнэҕэ утуу-субуу сэрии хомууругар ыҥырыллыбыттара. Өр-өтөр буолбатаҕа, холкуос туруу үлэһиттэринэн биһиги оҕолор, дьахталлар, оҕонньоттор уонна биир эмэ доруобуйатынан сыыллыбыт эбэтэр босхоломмут эр киһи буолан хаалбыппыт. Дьэ, үлэ ыарахана мантан ыла саҕаламмыта.
Саас ыһыы үлэтин саҕана бэйэбит оҕуһунан бааһынаны тиэрэн, бараналаан баран, бурдук ыһарбыт. Бурдук бааһынатыгар кыһын аайы тибии типтэрэллэрэ. Ол аата, тиэргэн күрдьэр курдук бүтүн бааһынаны күрдьэҕин. Ол кэннэ балбаах бөҕөнү тиэйэн илдьэн сааһылаан, туруору кэчигирэччи анньыталаан кэбиһэҕин. Халлаан сылыйдаҕына, ол балбааҕы тарҕатаҕын.
Устар сайыны быһа от үлэтигэр сылдьарбыт. Бу оппутун бэйэбит илиибитинэн охсон, кээһэн, күрүөлээн кэбиһэрбит. Саас ыспыт бурдукпут күһүөрү дьэ ситэн, аны бурдук хомуура саҕаланара. Үүнэн турар бурдугу атынан от оҕустарар курдук оҕустараллара. Биһиги уончалыы түүтэх оҥортоон, баайа-баайа туруору мунньуталаан, оҕуһунан тиэйэн илдьэн биир сиргэ от курдук кээһэрбит. Ол бурдукпутун Өктөөп бырааһынньыгар диэри молотилкаҕа астатарбыт. Ол кэннэ дьэ, маҥхааһай диэн ааттанар, 2 этээстээх, 4 ааннаах ампаарга кутарбыт. Бурдуктаах кууллары бэйэбит санныбытыгар сүгэн өрө-таҥнары таһан, оннуларын буллартыырбыт. Үксүн былаан быһыытынан судаарыстыбаҕа туттараллара, сиэмэҕэ хаалара. Ордубутун, ону да ханныгы эмэ, үлэ күнүнэн ааҕан ыалга үллэрэллэрэ. Үлэбит барыта былаан быһыытынан барара, күргүөмнээхтик үлэлээн бастаабыт үлэһит оройуон хаһыатыгар тиийэ суруллан хайҕалга сылдьара.
Кыһын аайы «далгычыак» диэн ааттааннар, борокуокка оттуллар маһы бэлэмнэтэллэрэ. Бу булгуччулаах сорудах этэ. Маспытын өрүс уҥуор илин кытылга тахсан бэлэмниирбит. Үүнэн турар маһы кэрдэн, үөһэ хайаттан аллара төкүнүтэн түһэрэрбит. Миэтэрэ курдук уһуннаан эрбии-эрбии биэрэккэ саһааннаталаан кэбиһэрбит. Миигиттэн икки-үс сылынан аҕа Сэмиэнэбэ Даарыйалыын иккиэйэх эрэ кыыс буолан, эр дьону кытта тоҥуу хаары кэһэ сылдьан кэрдэрбит. Бу үлэбитин күн аайы биригэдьиир бэрэбиэркэлиирэ.
Сэрии маҥнайгы сылларыгар от да, бурдук да аанньа үүммэтэҕин курдук өйдүүбүн. Ардах түспэккэ хас да сыл үргүччү курааннаабыта. Тыаҕа баһаардар тахсаннар, буруо бөҕө буолара. Арай сэрии бүтэрин диэки, сайынын син ардаан үүнүү баара. Эмиэрикэлэр сэрии кэмигэр биһиэхэ аһынан-таҥаһынан көмөлөһөллөр дииллэрэ. Бурдуктарын куула дьэ, бөҕө таҥас этэ. Куул ырбаахыны, ыстааны, халтаҥ сону кэтэн ол кэмнэргэ абыраммыппыт. Ардыгар күөх сииҥкэҕэ уган кырааскалыыр этибит. Сайын куйааска абытай итии таҥас буолара. Дьадаҥыбыт бэрт буоллаҕа, дьонноох оҕолор куул таҥаһы кэппэтэхтэрэ.
Оонньоммотох оҕо саас
Оонньооботох оҕо саастаах оҕолор диэн биһиги көлүөнэ буолабыт. Эрэйи-кыһалҕаны, аччыктааһыны, оҕо күүһүн эһэр ыарахан үлэни, өлүүнү-сүтүүнү, элбэх харах уутун эппитинэн-хааммытынан толору билбиппит. Бииргэ үөскээбит доҕотторум барахсаттар бары кэриэтэ билигин суохтар. Оҕо саастарыгар тоҥон-хатан, тымныйан, доруобуйаларын айгыратан кылгас үйэлэннэхтэрэ. Эмиэ мин курдук чиэскэ-бочуокка тиксиэхтэрэ хааллаҕа. Санаатахпына, хараастабын.
Ийэлээх аҕам тэҥэ көрөн, истиҥник санаан улааппыт дьоммор Лука Васильевич Архиповка уонна кини бастакы кэргэнигэр Ольга Игнатьевнаҕа (Уолкаҕа) махтана саныыбын. Үтүө дьон ыччаттара дьоллоох-соргулаах буоллуннар диэн ис сүрэхпиттэн этиллибит алгыс тылбын аныыбын.
Үлэм ыстааһа барыта холбоон 60 сыл буолла буолуо.
61 сыл бииргэ
Олоҕум аргыһа, биһиги дойдуттан төрүттээх Дмитрий Павлович Соловьевтыын 61 сыл бииргэ ыал буолан олорбуппут. Кини төрөппүттэрдээх буолан, Харыйалаах сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. Оскуола кэнниттэн сэбиэт суруксутунан, холкуос суотчутунан, хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Кэлин өр кэмҥэ «Орджоникидзевскай» сопхуоска каадырабай булчутунан сылдьан, биэнсийэҕэ тахсыбыта. Сэрии, тыыл бэтэрээнэ, 1951-1953 сс. Хотугу уонна Соҕурууҥу Кореялар икки ардыларынааҕы сэрии кыттыылааҕа. Аҕыс сылы быһа босхоҥноон сытан баран, 2008 с. күһүнүгэр олохтон туораабыта. Оҕонньорбунаан барыта аҕыс оҕону төрөтөн, кыра саастарыттан үлэнэн иитэн, барыларын үөрэттэрэн, ыал буолууларыгар уруу тэрийтээн, сиэннэрбитин төһө кыайарбытынан көрсөн көмөлөһөн, төрөппүт эбээһинэһин куһаҕана суохтук толорбуппут дии саныыбын.
Ийэ-аҕа ууһуттан чороҥ соҕотох хаалан, мин эрэ удьуору тэниттим. Аҕыс оҕоттон билиҥҥинэн 30-тан тахса сиэн, хос сиэн баар. Кэнчээри ыччаттар өссө да кэлэ турдуннар. Дьонум ситэ олорботох олохторун ситэрэн, уһун үйэлэнним дии саныыбын. Сааһыран баран олохпор улахан охсуулары ылбытым, үс хаарыаннаах уолбун кэмнэрин иннилэригэр сүтэртээн, кутурҕаннаах, санаа түһүүлээх кэмнэри ааспытым. Онон эрэйдээх-муҥнаах да, дьоллоох-соргулаах да олоҕу олорон кэллим. Киһи олоҕо биир кэм көнө буолбат: сырдык да, хараҥа да кэмнэрдээх буолар эбит.
Эдэр дьоҥҥо кэс тылым, сүбэм диэн: үлэни-хамнаһы өрө тутуҥ, үлэһит киһи хаһан да өлөн-охтон биэрбэт, дьоҥҥо сирдэрбэт. Үтүө санаалаах, үтүө майгылаах буолуҥ. Кырдьаҕаһы, кыамматы аһыныҥ».
х х х
Кырдьыга да, биһиги күн-күбэй киһибит Анастасия Степановна Ксенофонтова уһун үйэтигэр өрөгөйдөөх да, кутурҕаннаах да түгэннэрдээх олоҕу олорон кэллэ.
Сырдыкка, кэскиллээххэ тардыһарга дьулуур, мындыр өй, суобас-майгы үтүөтэ, дэгиттэр сатабыллаах буолуу – бу үтүө киһи бастыҥ хаачыстыбалара барыта киниэхэ түмүллүбүт эбиттэр. Ийэбит барахсан сирдээҕи дьоло ыччаттарыгар буоллаҕа.
Ийэбит барахсан, өссө да бу сандал күннээх орто туруу дойдуга олорбохтуу түс дуу! Ытык сааһыгар тиийбит киһи толору олоҕу олорбут дьоллоох диэн буолар. Ийээ, биһиги эйигин күүскэ да күүскэ таптыыбыт.
Евдокия СОЛОВЬЕВА, edersaas.ru