Алаас Уолун ийэтин туһунан ахтыы-кэпсээнин манна ааҕыҥ.
Сыбаҕа түспүт балаҕан эркинин хайаҕаһынан күн сардаҥата тыкпытыттан кыыс уһукта биэрдэ. Таһырдьа Дараҕар оҕус айаатыыр. Ынахтар маҥыраһаллар. Ыраах хотон диэки ньирэйдэр ийэлэрин сайыһан минньигэстик мэҥирэһэллэр. Мааркап уол сөҥ куолаһынан сүөһүлэри үүрэр саҥата иһиллэр. Ити убайа. Кини куруук эрдэһит. Ийэтигэр туох да соруттарыыта суох көмөлөһөр. Маайа тыыллаҥнаан ылла. Уута тута көттө. Сылаас куобах суорҕанын арыйан сөрүүн сиргэ үктэннэ. Аттыгар быраата Байбал утуйа сытар. Уһуктуох курдук эргиллэн баран, төттөрү эргийэн биир тэҥник тыынан барда. Быраата утуйда. Кини хойутуу турааччы. Маайа таҥна охсоот ааны аһан таҕыста. Таһырдьа күн да күн буолбут. Кинилэр бу сайылыктарыгар кэлбиттэрэ үс хонно. Аҕата Дьэкиим бэҕэһээ андылыы Бооҕуда күөлгэ барбыта. Маайа ат тыбыырарын истэн ол диэки көрбүтэ аҕата Элэмэһин миинэн иһэр эбит. Ат бэрэмэйдэрэ көппөһөн көстөллөр. Чугаһаан эрэр ат түргэнник бидилгэхтээн хааман, куруук бааллар сэргэтигэр кэлэн турунан кэбистэ. Аҕата ыҥыырыттан тутуһан аргыый түстэ. Көһүйбүт киһи тыыллаҥнаан ылла. Аҕатын көрбүт Мааркап сүүрэн кэлээт, аҕата өндөтөн эрэр бэрэмэдэйдэрин түһэристэ. Маайа икки ыаҕайалаах кэлиитэ, аҕалара балаҕаҥҥа киирбитин биллэрэн аан лип гына сабыллынна. Уол бэрэмэдэй быаларын сүөртэлээтэ. Биир баайыы кытаанахтык ыйыллары бааллыбытын тардыалыы турдаҕына, кыыс иккис бэрэмэдэйи түргэнник арыйда. Мааркап куһаҕаннык көрөр буолан, баҕар ыксаабыта дуу, баайыы икки быатын бутуйан атынын тардан ыйылыннаран кэбистэҕэ. Ыксаан тииһинэн түһэн ыга бааллыбыта холкутатта. Дьэ, бэрэмэдэйдэр аһылыннылар. Маайа аспыт бэрэмэдэйигэр хап-хара түүлээх кустар эбиттэр. Биир биир таһааран тэлгэтэн истэ. Ыарахан ыйааһыннаах кустар. Кини муннулара уратытынан бу андылар буолалларын билэр.
— Хайа, балтыам, хас куһу хостоотуҥ? Миэнэ соболор. Ити ыаҕайаҕын миэхэ чугаһат эрэ, — диэн хараарбыт-молооруйбут сирэйэ мичээринэн сыдьаайда.
Маайа убайыгар ыаҕайалары чугаһатта. Мааркап киниттэн алта сыл аҕа. Төттөрү кэлэн андыларын кэккэлэтэ уурталаата. Бу кэмҥэ аан кыыкынаан аһылынна. Аан уһуннук аһылларынан быраата буоларын тута биллэ. Сырдыктан хараҕа саатар уолчаан убайдаах эдьиийин көрөөт тута сүүрэн кэллэ. Кэллэ-кэлээт биир андыны соһоору төбөтүттэн туппутугар Маайа: “Тохтоо, билигин ааҕыахпыт. Бэҕэһээ киэһэ утуйаары сытан ахсааны үөрэппиппит, дьэ бэрэбиэркэлиэхпит. Утуйаарыгын сүрэҕэлдьиир этиҥ. Ол да буоллар түргэнник билбитиҥ. Чэ эрэ, аах. Ахсаанньыт быраатыам”.
— “Биир, икки, үс” — уол ааҕан барар, чочумча тохтоот, дьээбэлэниэх санаата киирэн – “биэс, алта, сэттэ…”
— “Көтүттүҥ-көтүттүҥ, хаттаан аах” — умайыктана түстэ эдьиийэ.
— Биир, икки, үс, түөрт — уол сөпкө ааҕан иһэн кини билэр уонун лаппа ааһыаҕын өйдүү охсоот, үнүрүүн ийэтэ Огдооччуйаҕа быйыл улахан уолум уон сэттэтин туолар диэн эппитин өйдөөт — уон сэттэ диэтэ.
— Эмиэ биири эрэ буолбатах, иккини ситэ аахпатыҥ. Уон тоҕус. Хата, быраатым алҕаһа кыра. Ахсааны түргэнник ылынар киһи эбиккин. Убайгын аҕата куруук мөҕөөччү сылгы үөрүн сатаан аахпаккын диэн.
Хайҕаммыт киһи Байбал андылары хоспох диэки соһуста. Бу кэмҥэ Мааркап аты сыбыдахтаан баран, бэрэмэдэйтэн күөх окко сууламмыт соболору ылаттаан ыаҕайаҕа угаттыы турара. Бөдөҥ соболор мөхсөн бэрэмэдэйтэн бүтэҥи тыас иһиллэр. Маайа убайыгар көмөлөһөн барда. Кини төгүрүк, сырдык сирэйэ төҥкөйөн олороруттан өссө тупсубут. Сүүмэх баттаҕа иэдэһигэр түспүтүн, дыыгыныыр кумаардары үргүтэн, уоһун энньэтэн үрэ сатаата. Син биир табыллыбата. Ыксаан илиитин көхсүнэн далбаатаата, баттаҕын киэр эстэ. Тэтэркэй имнэрэ кыыһан кини өссө кыраһыабай көрүҥнэммит. Бэйэтэ да кумаардаах этэ, билигин аттыларыгар ат турар буолан, аны инчэҕэй собоҕо иҥээҥнээн кумаар өссө эбиллибит. Аны мааҥын суох да курдуга, сахсырҕа хойдубута сүрдээх. Кыыстаах уол ыаҕайаларын толорон уҥучахха илтилэр. Саҥардыы үүнэн эрэр күөх отунан саптылар. Бэрэмэдэйгэ орпут соболорун эргэ тымтайга куттулар. Маны Маайа ийэтинээн ыраастыахтара. Бу үлэлии сылдьан кыыс балаҕан иннигэр баар түптэттэн аҕатын атын аттыгар түптэ оҥоруохха наада эбит диэн санаата. Мааркап балаҕан оһоҕун оттуо. Балаҕаннара собо буһар ураты сытынан туолуо. Байбал андылары хоспоххо таста. Ийэлэрэ тиэтэйэ-саарайа икки ыаҕайа үүттээх кэлэн умуһахтаах хоспоҕор ааста. Маайа ийэтин наһаа таптыыр. Кини курдук кыайыгас буолуон баҕарар. Ийэтэ да кыыһын сөбүлүүр. Ордук кыыһа ураты көрсүө майгылаах. Маайа туох да соруттарыыта суох кыайар-кыайбат үлэни барытын толоро сатыыра сөхтөрөр. Кыыс, таһынааҕы ыалларын кыргыттара утуйа да сыттахтарына кэлэн киниэхэ титииккэ ынах ыаһан бардаҕына үөрэрэ дэлэлээх буолуо дуо?! Кыыһа оннооҕор ыаҕайаны соһо да сылдьан ыаһаары гынан соһутара. Ол иһин кыыһыгар кыра ыаҕайа тигэн биэрбитэ. Ол онтун кып-кыра атахтарыгар кыбыта ууран сымнаҕас Маҥааччыйатын ыата үөрэппитэ. Үлэттэн куттаммат, өссө тууһугуран туран үлэҕэ сыһыамах кыысчаана күн-түүн үөрүйэҕэ улаатан испитэ. Уола Мааркап ыарахан үлэҕэ сыстаҕас. Аҕатыгар улахан көмө киһитэ. Онтон Байбал сааһынан кыра, Маайаттан үс сыл балыс, ол да буоллар, мас тутуурдаах сүөһүлэри үүрдэҕинэ, саҥата-иҥэтэ элбиирэ сүрдээх. Таһынааҕы ыаллара оҕолоргут улгум, туох да соруттарыыта суох үлэһит буола улаатан эрэллэр диэн хайҕаан кэпсэттэхтэринэ Бороскуобуйа үөрэ истээччи. Кинилэр түөрт уонча сүөһүлээхтэр, аны икки үөр сылгылаахтар. Онон үлэ элбэх. Хата, оҕолор улаатан, туһа буолан эрэллэр диэн үөрэр. Бороскуобуйа чугас эргин суох, ис киирбэх сэбэрэлээх кыраһыабай дьахтар. Кэргэнэ төрүт олохтоох, Арҕаа Муоһайдартан тардыылаах. Бу ортону үрдүнэн уҥуохтаах, этиргэн эттээх-сииннээх киһи. Хайа да үлэни кыайа-хото тутар. Кини Боккуойаны ыһыахха көрбүтэ. Кыыһы тута сөбүлээбитэ. Эдэр оҕо дьон туспа оонньообуттара. Ол онно курбуу курдук уһун уҥуохтаах кыыс чэпчэкитик сүүрэн элэстэнэрэ. Биирдэ оонньуу кэмигэр кыыс кини аттынан сүүрэн иһэн сир иҥнэритигэр этэрбэһэ халтарыйан охтон эрдэҕинэ Дьэкиим сылбырҕа муҥутаан хабан ылбыта, охторботоҕо. Кыыс тэбэнэттик күлээт, уолу халты анньаат салгыы сүүрэ турбута. Дьэкиимҥэ ол кыл түгэнэ көстөн ааспыт түгэн олоҕор маҥнайгы көрбүт тыыннаах кэрэ хартыына этэ. Уол туҥуй сүрэҕэ толугуруу мөхсүбүтэ. Киэһэ оһуохай буолбута. Эдэр дьон оһуохайга көхтөөхтүк кыттыбыттара. Харатаантан ордук этээччи суоҕа. Кэрии тыаҕа кэҕэ тохтообокко этэрэ. Онтон манна Харатаан оһуохай тылын таһаарара. Ийэ сир силигилээн тупсан турара. Дьэкиим киниэхэ утары Мэхээлэ кэҕис гынарын көрбүтэ. Ити хамсаныы тугу этэрин тута өйдөөн, кини тахсан барбыта. Ыһыах буолар сириттэн чугас кыра ырааһыйаҕа эдэр дьон мустан эрэллэрэ. Дьэкиимнээх кэлиилэригэр биллэ элбии түспүттэрэ. Бүгүн санаата эгди буола сылдьарыттан соһуйа сылдьар Дьэкиим оһуохайы маҥнайгынан саҕалаабыта. Бэйэтэ сөҕүөн этэр тылын ким эрэ көстүбэт киһи, кини кулгааҕар сибис гынан этэрэ. Ол ону сыыс түһэрбэккэ Дьэкиим эттэр этэн барбыта. Аттыгар атын сымнаҕас илии биллибитигэр эргиллэн көрбүтэ, били маарыыҥҥы кыыс Боккуойа эбит. Дьэкиим оһуохайы өрө көтөҕүллэн саҕалаабыт киһи, ол оннук тэтиминэн уһуннук эппитэ. Эдэр дьон оһуохайтан астыммыттара. Онтон Дьэкиим Боккуойаны өссө күүскэ сөбүлээбитэ. Ыһыах бүтэн тарҕаспыттара. Дьэкиим өйүттэн-санаатыттан кини сүппэт этэ. Арай күүстээх үлэ кэмигэр ол саныыр санаата сүтэн ылара. Киэһэ утуйаары сытан кини, кинини санаабытынан барара. Сороҕор кини хайдах дьүһүннээҕин умнан кэбиһэрэ. Оччоҕо отой табыллыбакка, утуйар уута аймалҕантан көтөрө. Ол өйдүү сатаан эргичиҥнии сытан, эмискэ кини Боккуойата бу көстөн кэлэрэ. Дьэ, уоскуйан кини хайдах хаампытын тугу саҥарбытын, хайдах күлбүтүн, элэстэнэ сүүрэрин санаатыгар көрөн уоскуйара. Устунан мичээрдээбитинэн утуйан хаалар. Дьоно уоллара эмтэммэт ыарыыга ыалдьыбытын билбиттэрэ. От үлэтэ бүтүүтэ, сайылыктан кыстыкка көһөн баран оҕолорун добдурҕа саҕана ыал оҥорбуттар. Дьэкиим төрөппүттэрэ саастаах дьон этилэр. Онон уолларын туспа ыалынан атын өтөххө ыыппатахтара. Аҕыйах сылынан утуу-субуу ыалдьан өлөн хаалбыттара. Дьэкиимнээх дьоннорун өтөхтөрүгэр үчүгэйдик олорбуттара. Үс оҕоломмуттара. Сүөһү-сылгы элбээн барбыта. Орто сэниэ ыал ахсааныгар киирэллэрэ. Бөөлүүн Бооҕуда күөл уҥа тоҕойугар, андыга сыппыта. Бооҕуда улахан күөл, аҕыс тоҕойдоох. Сааскы кус тумнан ааспат, сорохторо хаалан уйа туттан, сайын ортото оҕолорун киллэрдэхтэринэ күөл ортотугар болуот уста сылдьарын курдук буолааччы. Улахан күөл уута куруук толору буолар. Киниэхэ арҕаа өттүнэн Толоон диэн от үрэх түһэр. Оттонор ходуһата элбэх буолан былыр былыргыттан дьон сэргэ сөбүлээн олохсуйбут сирэ. Кини өтөхтөрүгэр Маттаҕайааннаах, Сынныйдар, Мэхээлэлээх, Сиидэрдээх, Баапалаах олороллоро. Дьэкиим куска сылын аайы куруук сытар. Анды күөлгэ сөбүлээн түһэр. Киэһэ аайы өтөхтөргө баар саалаах дьон бары киирэллэрэ. Эбэлэрэ барыларын матарбат гына бултатар. Аны собото дэлэй күөл, куруук эмис, орто үтүлүк саҕа лэһигирэс буолар. Кыра киниттэн тахсар да киирэр сээннэргэ ардьа туу уганнар мунду, күөнэх ылаллар. Дьон бэртэрэ уот отто охсон ол сыралҕаныгар соболорун үтэн ылааччылар. Онтон бөдөҥ мундуну үтэһэҕэ куруук үөлэлэллэр. Дурдаҕа олорон аһыылларыгар бэртээхэй ас.
Бүгүн Дьэкиимнээхэ үөрүүлээх киэһэ. Ийэлэрэ кэргэнэ бултаан аҕалбыт андыларын хаһы да буһара сылдьар. Мааҕыан сарсыарда үөлүллүбүт мундуну, быччыкыны онтон күнүс собону миннээн сиэбиттэрэ.
Маайыс түөртүүр саҕана түптэ оҥоро сылдьыбыта. Кини түптэтин эргэ былырыыҥҥы сүөһү сааҕынан мунньан оҥорооччу. Быраата Байбал көмөлөһөр. Арҕаа диэки куттаммыт моҕотой саҥата иһилиннэ. Өр-өтөр буолбата, хотон муннугуттан саҕаланар күрүө алын сиэрдийэтин үрдүнэн, сүүрэн кутуруга хоройон эрэр эбит. Оччону көрөөт Байбал, ат гына миинэн кэлбит маһын ылаат эккирэтэ турда. Чугас соҕус Маҥааччыйа иһэбит диирдии маҕырыыра иһилиннэ. Маайыс кыыс ынахтар киирдиннэр диэн күрүөнү аста. Атыыр оҕус мөҥөрүү-мөҥүрүү кэлбитин, куттаннар да маһынан далбаатаан үүрэн көрдө. Хата, Дараҕар айаатаабытыгар эн бу баар эбиккин диирдии кини диэки эргийэн, киирэр аантан дьалты хаамта. Маайыс сөбүлүүр Маҥааччыйата бу иһэрэ көһүннэ. Атын ынахтар бары Маҥааччыйаны истэллэр, онон кини ханна барар да батыһаллар. Сүөһүлэр кэлэн кумаар, бырдах сүрдэннэ. Били, харсыан баҕарар Маттаҕайааннаах оҕустара хараҕын хааннааҕынан көрбүт, томтор сири туйахтарынан табыйан барда. Мөҕүрээ да мөҕүрээ ол быыһыгар төбөтүн өндөтөн айаатаан ылар. Ардыгар тобуктаан туран төбөтүнэн, муоһунан үллэрээт сири бурҕаҥнатар. Дараҕар кинитээҕэр уҥуоҕунан улахан эбит.
— Бу туох буоллуҥ, мин сирбэр, чэ бэйи — диэн сымнаҕас майгыта уларыйан өҥүн дьүһүн буолан барда. Моҕотой эккирэтэ барбыт Байбал бу сүүрэн, мэҥийэн кэллэ. Маайыс улахан харсыһыы буолаары гынна диэн сүрэҕэ куттанан, толугуруу мөҕүстэ. Хата, кыл мүччү ыанар ынахтарын киллэрээт аанын саппытыттан үөрэ санаата. Онтон өй ылан:
— Байбаал, убайгын ыҥыр, түргэнник, оҕустар харсыһаары гыннылар, — диэн соруйда. Быраата сонно тута убайын ыҥыра сүүрдэ. Оҕустар урут да харсыһа сырытталлар, бэйэ- бэйэлэрин билистэллэр, эдэр Маттаҕайааннаах оҕустара ньоҕойун киллэрбитэ сүрдээх. Арҕаһа бүтүннүү ноһуом, буор бөҕө буолбут. Дараҕар сэниэлээх соҕустук хаһыйбыт буора хотон истиэнэтигэр табыгыраата. Бу кэмҥэ улаханнык хаһыытыы- хаһыытыы Мааркап суон тоһоҕо мастаах иһэрэ көһүннэ. Кэлээт да түргэн үлүгэрдик күрүө биир өттүгэр баар буола түстэ. Улахан мастаах, өссө хаһыытыыр киһини көрөөт, туора оҕус суһаллык халты дьаадьайан биэрдэ. Убайынаан кэлбит Байбал, оҕустар харсыспатахтарыттан хомойон саҥа аллайда. Маайыс быраатын тута дьарыйда.
— Былырыын Аҥаардаммыт маннык курдук харсыһа сылдьан аҥаар муоһун тоһуппута. Чэ, ынахтар күнүскү итииттэн, кумаартан сынньанныннар. Сотору ийэбинээн ынахтары ыахпыт. Хата, эн Эриэнчикэйи самыытын тарбаар эрэ. Мин ыаҕым. Ынаҕы ыы үөрэнним. Аны Эриэнчикийи эбии ыам этэ.
Сотору ийэтинээн ынахтарын ыабыттара. Ситии быалаах ньирэйдэри ийэлэригэр аҕалар биир көр этэ. Ньирэй ийэтин эмэ охсоору муҥ күүһүнэн түһүнэрэ. Ийэтэ хаппыт ситии быата хас ньирэй аайы моонньугар эриллэн баалла сылдьара. Быйыл саас күн уһаабыт, балаҕан итийбит кэмигэр ийэтэ ситии быа хатарыгар көмөлөспүтэ. Ийэтэ этиитинэн кыллары сүүмэх- сүүмэх наардаабыта. Ийэтэ онтон ылан буутугар сыһыаран төкүнүтэ баттаатаҕына, эриллибит сиэл түрдэстэн атын эриллибит сүүмэхтиин эрийсэн соноон быаҕа кубулуйан барара. Төһөнөн элбэх итинник сүүмэхтэри холбуугун да быаҥ соноон иһэрэ. Сүүмэҕи сүүмэххэ холбоон быаҥ төһө наадалаах уһунун оҥорорго үөрэппитэ. Быа элбэх наада буолара, онон буут кытарыар дылы үлэлэһэллэрэ.
Киэһээҥҥи аһылыктара тотоойу буолбута. Ким төһө кыайарынан анды эмис этин сиэбиттэрэ. Маайыс аһаан бүтэн баран иэдэһин, анды кытархай арыытынан бистибитэ. Кэрэ бэйэтэ тута тупса түспүтэ. Киэһэ аҕалара атын миинэн андылыы барбыта.
Кини билбэтэ, аны аҕыйах сылынан бу маннык биир тэҥ дьоллоох олоҕо быстыаҕын. Ол курдук аһаабыт аһа улам-улам барбат буолан барбыта. Аһыыр аһы көрөн олорон хоргуйуу буолбута. Этэ убаан, уҥуох да тирии хаалбыта. Бу маннык курдук дьоннор ыалдьар этилэр. Олор өлөллөрө. Дьэкиим өрүттүбэт ыарыыга хаптарбытын билбитэ да, хайыыр да кыаҕа суоҕа. Онон өлүү кинини күөгэйэр күнүгэр сылдьар киһини кылгас кэмҥэ эмэн, эһэн, охторон ылан барбыта.
Кыра уол аҕата өлбүтүн кэннэ Хампаҕа үөрэнэ барбыта. Байбал үөлээннээхтэрэ сорохтор үөрэххэ кыһамматтар этэ. Онтон кини үөрэххэ барартан аккаастамматаҕа. Үөрэхтээх киһи буолуон баҕарара. Ол санаатын толорон Хампаҕа түөрт кылааһы бүтэрбитэ. Холкутук ааҕар, суруйар буолбута. Убайа, эдьиийэ үөрэммэтэхтэрэ. Аҕалара өлөн уруккулуу булт-ас кэмчи буолан барбыта. Таһынааҕы өтөхтөргө олорор, билсэр дьонноро кинилэргэ бултарыттан бэрсэллэрэ. Ол син биир аҕалара тыыннааҕар курдук дэлэй, өлгөм буолбата.
Маайыс ситэн ийэтинээҕэр ордук үлэһит буолбут. Бороскуобуйа уруккутунуу кыайара-хоторо кэргэнэ өлүөҕүттэн сыыйа мөлтөөн барбыт. Саатар кэмиттэн кэмигэр этэ бааһырара. Ордук айаҕын иһигэр баас аһыырыгар мэһэйдиирэ, аһыйара. Ол оннук сылдьан эмиэ да ааһан хаалар. Оччоҕо уруккутунуу үлэлээн барара. Ол да буоллар, мөлтөөбүтэ биллэр. Бу кэмҥэ кинилэргэ тэйиччи олохтоох огдообо киһи, Содьоох Борокуоппай уола Өндүрэй киирэн кэлбитэ. Маайыс кинини былырыын ыһыахха көрбүтэ. Курбуу курдук уһун уҥуохтаах киһи барыларыттан үрдүгэ харахха тута быраҕыллара. Ол онно кини кэргэннээх дииллэрэ. Ити итинэн ааспыта. Кыһын Өндүрэй ойоҕо иккиһин оҕолоноору өлбүт диэн ыар сурах чугас эргин иһиллибит. Билигин ол киһи кинилэргэ кэлбитэ. Өндүрэй уһун уҥуоҕар сөп эттээҕэ-сииннээҕэ. Көбүс көнөтүк туттан хаамара. Сырдык, ыраас хааннаах, ньолоҕор сирэйдээҕэ. Улахан төбөтүгэр өрүкүйэ сылдьар будьурхай хара баттахтаах. Киирбит киһи талах олоппоһу ылан үс атахтаах остуол кытыытыгар олорбута. Бороскуобуйа кутан биэрбит быырпаҕын иһэн барбыта. Хоторуллубут эттэн этэрбэһин оһугар укта сылдьар быһаҕын кыыныттан ылан, эмис эттэн элийэ быһан ылан, аһаан барда. Тугу кэпсэппиттэрэ сэрэйиллэр эрэ. Кыыһын бу киһиэхэ эргэ биэрбитэ. Маайыс тута ийэ буола түспүтэ. Аҕата өлбүтэ хас да сыл буолбута. Онон олорор, туттар тутуулара бары эргэрэн ыһыллыах курдуктара. Убайа Мааркап үлэһит киэнэ бэрдэ да, тутуу өттүгэр салаҥ этэ. Өндүрэй кэлэн аа-дьуо хамсаннар да, кини тугу туппута барыта табыллан олоҕун булан иһэрэ. Маайыстаах Өндүрэй сүөһүлэрин холкуоска холбообуттара. Утуу-субуу икки оҕоломмуттара. Сотору сэрии саҕаламмыта. Өндүрэйигэр бэбиэскэ туттарбыттара. Сэриигэ барар диэн санаабыта, сотору киһитэ төттөрү дьиэтигэр киирэн кэлбитэ. Оннук тас көрүҥэр ыалдьар, бэйэтэ да онтум-мантым ыалдьар диэбэт киһини аармыйаттан сыыйан кэбиспиттэрэ. Убайын сэриигэ ылбыттара. Хараҕа куһаҕан диэн үлэ боруонугар барбыт сураҕа иһиллибитэ. Быраата үөрэхтээх киһи буолан улахан дьону ааҕарга, суруйарга үөрэтэрэ. Устунан Кэбээйи улууһугар үлэлии барбыта. Ол да буоллар, кэлэ-бара билсэ сылдьара. Сотору ыал буолбутун истибитэ. Сэрии кэмигэр үһүс оҕото, Никииппэр төрөөбүтэ. Маайыс ийэтэ ыарытыйара, оҕолоро кыралара, ол да буоллар дьиэҕэ олорбото. Бырабылыанньа биэрэр сорудахтарын барытын толороро. Биригэдьиирдэр бары Маайыс толоругаһын билэллэрэ, сөҕө да саныыллара. Кинилиин алтыһар бары дьон кинини сөбүлүүллэрэ. Хаһан кимниин эмэ этиһэрэ, эбэтэр онон-манан быраҕаттанара, кыйаханан, кыйыттан турбута суоҕа. Дьон устунан таптаан Маайыска, Маайыкка диир буолан барбыттара.
Сэрии бүппүтэ. Биир сылынан төрдүс оҕотун оҕоломмута. Оҕолоноот, тута хотон үлэтигэр тахсыбыта. Оҕолорун ийэтэ төһө да ыарыйдар көрсөрө.
Олох тупсан барбыта. Дохуот аахсар буолан барбыттара. Үчүгэй үлэһит буоланнар балачча элбэх дохуокка тиксэллэрэ. Биир күн кэргэнэ өтөх ыалларын аттыларынан тыаттан эт сүгэн кэлбитэ. Эмис кыыл, байтаһын табаны өлөрбүт. Эттэриттэн чугастааҕы ыалларыгар бэрсибитэ. Аҕыйах хонугунан кинилэр дьиэлэригэр алдьархай ааҥнаан киирбитэ. Хампаттан байыаннай таҥастаах киһи киирэн кэлбитэ. Киирбит киһини Маайыкка чэйдэппитэ. Чэйдии олорон милиисийэ
— Биһиэхэ үҥсүү баар. Эйигин холкуос табатын өлөрбүт диэн суругунан донуос киирдэ,- диэн этээт Өндүрэй диэкк көрөн ылла.
— Мин ити этэр табаларын өлөрбөтөҕүм. Балыыр буолла. Хампаҕа киирэн кырдьыгынан кэпсиэҕим, ол итээбит табалара эрдэ сүппүтэ. Хайдах буолбут дьонноруй, –диэт балаҕан иһин эргиччи көрөн ылла.
— Бу дьыала түргэнник быһаарыллар болдьохтоох, онон эн миигин кытта барсаҕын, аймахтаргар хонуоҥ, – диэт турда, мин таһырдьа кэтэһиэҕим. Буруйуҥ суох буоллаҕына сарсын төннүөҥ буоллаҕа, — диэн этээт тахсан барда.
Өндүрэй үгэһинэн сып-сап хомунаат, ааны төҥкөйөн тахсан иһэн:
–Сарсын кэлиэҕим, Нэкэй уолугар хонуоҕум, — диэтэ. Аан сабылынна. Сарсын аһыллыахтаах аан алта сылынан аһыллыбыта. Ону да атын сиргэ. Били, бу кэлиэм диэбит киһилэрэ кэллэр кэлбэт. Онтон төрүт да Бүлүүгэ киллэрбиттэр үһү диэн сурах иһиллибитэ. Өндүрэй ийэтэ Батаап кинээс кыра кыыһа. Сааһырбыт дьахтар майгытынан кытаанаҕа. Күҥҥэ көрдөрбүт соҕотох уола балыырга барбытын кытаанахтык ылыммыта. Тойон курдук дьону кытаанахтык саҥартаабыта. Суруйар дьону көрдөһөн уолун көмүскэһэн сурук суруттаран, Бүлүү куоратыгар ыыталыыра. Туох да иһиллибэтэ. Сэмээр кэлиэҕэ диэн кэтэһэллэрэ. Ама, хайдах киһини нүдьү-балай балыйыахтарай диэн санааларын бөҕөксүтэ саныыллара. Сотору Өндүрэйдэрин аҕыс сыл хаайыыга ыыппыттар диэн ыар-нүһэр сурах кэлбитэ. Итинник үөрэҕэ суох көнө майгылаах, кытаанах киһини балыырга түбэһиннэрэн хаайыыга ыыппыттара. Маайыккаҕа ыарахан кэмнэр бүрүүкээбиттэрэ. Оҕолорун аҕата, таптыыр кэргэнэ эмискэ дьиэттэн, соторунан эргиллибэттии барыыта ыарахан да этэ. Сотору быраата Баҕадьаттан кэлбитэ. Кини онно олохсуйан кэргэннэнэн, үчүгэйдик олороро. Бу манна табыллыа суоххут диэн эдьиийин дьиэ кэргэнин, ийэтин, күтүөтүн ийэтин көһөрөн барбыта. Көспүт дьон Алааска олохсуйбуттара. Манна Маайыкка аймахтара бааллара. Бары үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Ийэтэ бааһа бэргээбитэ. Кини Байбаллаахха олорбута. Айаҕа эмиэ бааһырбыта. Эмтэнэ сатаабыта да, туох да туһалаабатаҕа. Баастарыттан этэ-сиинэ сытыйан кини өлбүтэ. Маайыкка ийэтин наһаа истиҥник саныыра. Ити баас буулаабатаҕа буоллар, миигиннээҕэр кыайыылаах-хотуулаах үлэһит бэрдэ буолуо диэн саныыра. Ийэтэ онон үлэтин үгэнигэр сылдьан итинник хомолтолоохтук бу олохтон барда диэн санаата киниэхэ сүппэттик иҥпитэ. Кэргэнэ суох киһиэхэ кыра да көмө наадата. Хотоҥҥо үлэлиирэ. Икки улаатан эрэр оҕолорун Баҕадьаҕа оҕо тэрилтэтигэр биэрэргэ эппиттэрэ, оннук да дьаһайбыттара. Оҕо тэрилтэтигэр ис дьаҥа туран икки хаарыан оҕото түргэнник өлөн хаалбыттара. Маайыкка бу кэлиҥҥи сылларга кинини буулаабыт кыһалҕалартан ытаа да ытаа буолан аймамматаҕа. Эрдээхтик тулуйбута. Арай кэрэ сирэйигэр маҥнайгы мыччыгастар баар буолан барбыттара. Көнө таһаата ыарахан үлэттэн нүксүйбүтэ. Киэһэ утуйаары сытан урукку олоҕун санаан уйадыйан ылара. Кистээн ытаан хараҕыттан уу тахсара. Аттынааҕы дьоннор олохторо барыларын да киэнэ ыарахана. Барыта бирикээс, былаан, хайаан да толоруллуохтаах үлэ. Көнө сымнаҕас майгыта уларыйбатаҕа. Дьоҥҥо эйэлээх сыһыаннааҕа. Бу маннык олохтоох буолан кинини ким да туораппата. Ол онно төрүт дьиэк биэрбэтэ. Төһө да бэйэлээх ыарахан үлэ буоллун, кини бүтэрбитэ баар буолара. Холкуос биир бастыҥ үлэһитинэн куруук буолара.
Кэргэниттэн биирдэ эмэтэ сурук кэлэрэ. Кини Ааллаах-Үүҥҥэ үлэ лааҕырыгар сылдьарын туһунан дьонунан суруйтарара. Көмүс хостооһунун ыарахан үлэтигэр сырыттаҕа. Өндүрэйэ күүстээх үлэһит киһи. Онон ханнык да ыарахан, киһи эрэ үлэлиир буоллаҕына ол ону кыайыа диэн эрэнэрэ. Муоһайга хара үлэҕэ кимиэхэ да иннин биэрбэтэ. Онон да туораттахтара дуу диэн санаан ылара. Биирдэ Өндүрэйиттэн сурук кэлбитэ. Ол онно хаартыскатын уган ыыппыт этэ. Суругу ааҕааччы кыыс ол хаартысканы эргитэн маннык диэн аахпытын төрүт умнубат ,”Таптыыр доҕорбор, убаастабылы кытта, Өндүрэй”. Маайыкка ким да көрбөтүгэр хаартысканы имэрийэн ылбыта, сыллаан ылбытыттан бэйэтэ да соһуйбута. Хайдах эрэ санаата чэпчээбит курдук буолбута.
Сарсыарда эрдэ турбута. Бэйэтэ сөптөөх кэмҥэ эрдэ турара. Никииппэрдээх, Өлүөсэтэ хоонньоһон сыталлара. Сороҕор атахтаһан да утуйаллара. Аттыларыгар туран ылбыта. Кыра уола атаҕа хайдах эрэ туора сытарын көннөрөн биэрбитэ. Өлүөсэ мөлтөхтүк хаамара биир атаҕа тобугунан ыалдьара. Чэҥинэн аҥылыйар истиэнэ өттүгэр бэйэтин суорҕанынан хайан сабан биэрбитэ. Умайар тымтыга бүтэн илиитин салаары гынна. Тобоҕун оһоххо бырахта. Хабыс хараҥа бүрүүкээбитэ. Арай уота уостан эрэр оһоххо кыһыл чохтор кытаран көстөллөр. Аан таһыгар сытар мастартан ылан чохтор үрдүлэригэр уурталаан биэрдэ. Таҥна олорон атаҕар эбии куобах кээнчэ кэттэ. Бэҕэһээ тиктибитэ. Үнүрүүн ынахтарын уулата сылдьан хотонугар нэһиилэ кэлбитэ. Инчэҕэй этэрбэһэ тымныыга тордоччу тоҥон хаалбыт. Үлэ бүтэрээри барыта ыксал. Кэлэн тугу да билбэт буолан эрэр атаҕын нэһиилэ итиппитэ.
Күннэр дьыллар ааһан испиттэрэ. Ыстаалын өлбүт дьылын сайыныгар кини дьиэ кэргэнигэр улахан үөрүү буолбута. Кэргэнэ, Өндүрэйэ, хаайыыттан болдьоҕун иннинэ босхоломмут. Сымыйанан буруйданан хаайыыга сылдьыбыта биллэн, буруйа боруостанан, ырааһыран кэлбитэ. Барытын бэйэтэ дьаһана сылдьыбыт киһи, дьэ өрө тыыммыта.
Маайыкка олоҕо сыыйа тупсан барбыта. Аҕыс сыл арыттаан уолламмыта, онтон утуу субуу икки кыыстаммыта. Кыра кыыһыгар ийэтин аатын биэрбитэ. Кэргэнэ уус киһи киэҥ дьиэ туппута. Маайыкка 1986 сыллаахха өлбүтэ. Билигин кини аатын ааттатар элбэх сиэн, хос сиэннэр дойду араас муннугар олороллор, үлэлииллэр, сайдаллар.
Маайыкка олоҕо салҕанар.
Алаас Уола.
+1
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
1