Утуйа сытан сарсыарда уһуктан кэлэрим… Күн аайы… күн аайы… биир истиҥ, ыраас тыас миигин уһугуннарара…
Биир кэмҥэ, биир түгэҥҥэ! Ол… ол мин Ийэм сарсыарда аайы күөрчэҕин ытыйар “тыс-тыс-тыс” тытыгырас намчы тыаһа! Былыргы саха ууһа дьүһүйбүт үрүҥ көмүс биһилэҕэ ийэм нарын-намчы тарбаҕыттан, хатыҥ маһынан оҥоһуллубут сыа-кугас ытык угар аалсыһар хомус дьүрүлүн санатар имэҥнээх тыаһа!
Аптаах тыас!
Алыптаах тыас!
Үтүө тыас!
Дьикти тыас!
Дьэ, ол иһирэхчэй тыас, ол имирэҥ тыас… бу сыллар аастахтарын аайы наһаа да күндүтүйэн иһэр эбит, киһи этин сааһынан киирэн, сүргүн-куккун уһугуннаран, сүрэҕиҥ-быарыҥ сылаанньыйан, дьоллоох оҕо сааскын санатар күүһэ сүдүтүөн!
Ийэм! Ийэм барахсан тутта сылдьардыын, таҥнардыын-саптардыын, саҥарардыын-иҥэрэрдиин олус уран-намчы, сып-сылаас, ып-ыраас, сып-сырдык этэ… Чахчы, саха дьахтарын Кэрэ Куота, Туйаарыма Куота этэ… Оннук өйдөбүл, чиҥ эрэл миэхэ иҥмит… Харахпын симэн санаан ыллахпына, наһаа холкутук, долгулдьуйа мичээрэ, күөрчэҕин ытыйа турара бу баарга дылы…
Ийэм: “Тоойуом, турууй… Чаас сөп буолла… Чэ, кытаатыый… күөрчэххин сии охсон оскуолаҕар барыаҥ этэ буоллаҕа дии. Чэй…иий, уолчаа-ныам”, — диэн хас сарсыарда аайы айылҕа биэрбит ийэ иһирэх, намыын куолаһа күөрчэҕин ытыйар куолаһын кытта дьиктилээхэй муусука буолан силбэһэн уһугуннарара… Оо, саныырга үчүгэйиэн, долгутуулааҕыан! Оҕо сааскар сип-сибилигин, субу кэмҥэ төннө охсуоххун баҕаран кэлэҕин!
«Тохсунньу – саха ыала…
Саха сарсыардата –
Оттуллубут оһох
“тыс-тыс” тыаһа…
Күөрчэх – лэппиэскэ…
Сүөгэй – дьэдьэн…
Үүттээх чэй – сылаас мичээр…
Ийэлээх-аҕам – балтыларым…
Олус да сылаас, ыраас,
Сырдык кэмҥэ
Оҕо сааспыт ааспыт эбит:
“Ийэ, аҕа истиҥ таптала!
Олоххо, кырдьыкка талаһыы күүһэ!
Бары барыта баар!
Бары барыта дьэҥкэ!
Аһаа уонна үөрэн!
Сылаас таҥас, сылаас сыһыан!
Эчи, үчүгэйин!
Кыһалҕата суох оҕо саас!
Махтанабын ол кэмҥэ!
Махтанабын ийэлээх аҕабар!
Махтанабын учууталларбар!
Махтанабын дьылҕабар!»
Маннык ийэм туһунан санаа, өйдөбүл миигин күн аайы үүйэ-хаайа тутар. Ийэ буоллаҕа дии, бу күн сиригэр күндүттэн күндү, истиҥтэн истиҥ… Бу дьүһүйүүбүн ийэбэр анаабыт ырыабынан уонна хоһооммунан түмүктүүбүн уонна бары ийэлэргэ дьолу-соргуну баҕарабын. Ийэ дьолун билии – бу күн анныгар сирдээҕи дьолтон саамай үрдүк дьол! Ийэ диэн сүдү ааты киртитимэҥ! Ийэ диэн сырдык, ыраас ааты өрө тутуҥ, харыстаан илдьэ сылдьык диэн алгыыбын!
ИЙЭМ
(ийэбэр Евдокия Иннокентьевнаҕа)
«Ийэм намчы бэйэтэ
Олус холку сэмэтэ,
Сырдык ыра сүбэтэ—
Ыраас олох сүмэтэ…
Бардам, албын олоххо,
Бэлэм далбар олбоххо
Талан олорботоҕун,
Онно тардыспатаҕыҥ!
Эн баайыҥ – үтүө суобас
Майгыгар баһыйара…
Истиҥ, иһирэх сылаас
Дьиэбит иһин кууһара».
ТУЙААРЫМА
Майгыҥ мас балаҕаны
Көмүс уорук оҥорор,
Хара ууну даҕаны
Өлбөт мэҥэ оҥорор.
Хос ырыата:
Эн кимҥин туоһулуура,
Олоҥхо – номох эрэ,
Айталы Куо, Туйаарыма –
Ити эн дьиҥнээх бэйэҥ.
Сэмэй, көнө сигилиҥ
Өс хоһооно буолбута,
Уйан-нарын сүрэҕиҥ
Чуор хомусчаан буолбута.
Иэдээҥҥэ түбэһэҕин –
Эн холкугун, им дьимҥин,
Үрдүк дьолго тиксэҕин –
Дьоҥҥунаан үллэстэҕин.
“Саха сирэ”, edersaas.ru сайтка анаан Александр ДУНАЕВ