Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра быйылгы Тыйаатыр сылыгар бэрт тахсыылаахтык үлэлээн эрэр.
edersaas.ru
Ол тыйаатыр сотору-сотору премьера туруорарыттан көстөр. Сүрүн режиссер, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров киһини толкуйдатар сонунтан сонун испэктээги туруорарын көрөн: «Бу хаһан барытын үспүөйдүүрүй?» —диэн сөҕөҕүн эрэ.
Бу күннэргэ тыйаатыр артыыстара «Мин кырачаан Таҥарам» («Мой маленький Бог») диэн Екатерина Ткачева айымньытынан саҥа испэктээги туруордулар.
Бастаан утаа, туох кистэлэ кэлиэй, тыйаатырга баппат саала иһэ толору оскуола оҕолорун көрөн баран, испэр: «Бу дьон айдааран, испэктээги сүгүн көрдөрбөттөрө буолуо», — диэн сэрэхэчийэ санаабытым. Онтон биирдэ өйдөөн көрбүтүм, арай саала иһэ — уу-чуумпу. Мэктиэтигэр, ким да тыыммат курдук. Көр, оҕо испэктээги дууһалыын ылынар да буолар эбит!
Биллэн турар, үгүс көрөөччү бу испэктээкилгэ бэйэтин олоҕун көрбүтэ чахчы. Ис хоһооно үйэлэр тухары уларыйбат мөккүөр — обургу оҕо уонна төрөппүт икки ардыларыгар сыһыан.
Крейзи кыысчаан (толору аата, баҕар, Кристина, Катерина, Оля да буолуон сөп, обургу оҕолор бэйэ-бэйэлэрин бу саастарыгар итинник ааттаналлар дии) ийэтин уонна кылааһынньыктарын кытта тапсыбакка бэйэтигэр киһи хараҕынан көрбөт Таҥарачаанын ойуулаан, киниэхэ санаатын арыйан, баҕа санаатын толорторо сатыыр. Бу хартыына — үгүспүт оҕо сааспытыгар олорон ааспыт чахчыбыт. Бука, кимиэхэ эрэ хатырык сыыһа, кимиэхэ эрэ өрүс тааһа — баар этэ эбээт үгүспүтүгэр итинник Таҥарачаан…
Крейзи (арт. Сардаана Вырдылина) ийэтин (СӨ култууратын туйгуна Анна Флегонтова) кытта уустук сыһыанын режиссер (СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров) олус да табатык ойуулаабыт. Кыыс уонна ийэ тус-туспа сцена икки муннугар бэйэлэрин тус-туспа эйгэлэригэр — көмпүүтэрдэригэр бүгэн олоруулара — аныгы үйэ ыалын бүгүҥҥү олоҕун көстүүтэ. Борук-сорук, киһи кута тохтообот эйгэтэ — ийэлээх кыыс тус-туспа бүгэн олорон, олохторо итинник ааһан иһиэх чинчитин туоһута. Биирдэ эмит уун-утары көрсөн кэпсэтээри гыннахтарына, уопсай тиэмэлэрэ суох буолан, ыһыытаан-хаһыытаан кэпсэтэргэ күһэллэллэр. Төрүөтэ — бэйэ-бэйэлэрин өйдөспөттөр.
— Эн хантан харчы кэлэрин билбэккин! Барыта бэлэмҥэ сылдьаҕын! — үгүс төрөппүт бу тыллартан бэйэтин билэрэ чахчы.
Кылааһынньыктара кинилэртэн атын толкуйдаах кыысчааны бэйэлэригэр эмиэ ханыылаабаттар. Оччотугар бу кыысчаан ханна барар? Биллэн турар — уулуссаҕа… Кини дьолугар, эмиэ кини курдук, арааһа, эмиэ дьонун кытта тапсыбакка буолуо, уулуссаҕа тахсыбыта быданнаабыт саастыы уолу билсэр. Икки соҕотохсуйбут дууһалар, хата, бэйэ-бэйэлэрин кытта биир тыла суох өйдөһөллөр. Кинилэри кырачаан көстүбэт Таҥара ыкса сибээстиир…
Кыыһа кыыһыран баран, ааны хайа быраҕан түүннэри тахсан барбытыгар, ийэ эрэйдээх дууһата айманан, оҕотугар социальнай ситим нөҥүө тугу суруйбута улахан экраҥҥа тахса турара — олоххо баар көстүү. Онон Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара туруорбут бу испэктээктэрин төрөппүттэр эккирэтэ сылдьан көрүөхтэрин наада.
Оттон оҕолор санаалара хайдах эбитий? Испэктээк ортотугар, сөбүлээбит түгэннэригэр ытыстарын таһыналларыттан сылыктаатахха, оҕолор наһаа уйан дууһалаахтара, олох араас өрүттэрин хайа баҕарар ырытар дьоҕурдаахтара көстөр. Испэктээк бүтээтин кытта, чуумпуран олорбут оҕолор ытыстарын тыаһа хабылла түстэ. Мин оҕолору кытта анаан көрсөн санааларын ыйыталастым.
Настя Иванова, 8″г» кылаас үөрэнээччитэ санаатын бу курдук үллэһиннэ:
— Обургу оҕолорго олус сөптөөх испэктээх. Биһиги кылааспытыгар 29-пут. Кыргыттар ахсааммытынан уолаттары баһыйабыт. Мин испэктээккэ Крейзи ийэтэ: «Кыыһым иитиитигэр туохха сыыспытым буолуой? Ханнык кэмҥэ мин кинини өйдүөхтээх, өйүөхтээх кэммин мүччү туппутум буолуой?» — диэн санааҕа ылларбыт түгэнин ордук сөбүлээтим. Үгүс төрөппүт оҕото киниэхэ наадыйар кэмин куоттарымыан наада. Дьолго, мин ийэбинээн бэйэ-бэйэбитин толору өйдөһөбүт. Бу испэктээккэ кыыһа ийэтигэр бэйэтин баарын биллэрэ сатыыр. Хайдах эрэ: «Ийээ, мин аттыгар баарбын дии, миигин өйдөөрүүй, мин диэки хайыһыый…» — дии сатыыр курдук. Ол эрээри саастара араастаһар, иккиэн олох атын-атын эйгэлээх буолан, өйдөспөт түгэннэрэ үгүс. Ол эрээри ийэтэ кыыһын, саамай чугас киһи быһыытынан, хайдах сатанарынан өйдүү сатыахтаах этэ. Бу испэктээги ийэ обургу оҕотун кытта иккиэн кэлэн көрөллөрө ордук эбит.
Уйгун Макаров, 8-с кылаас үөрэнээччитэ, маннык санаалаах буолла:
— Испэктээк саамай сүрүн тыына, күүстээх өрүтэ — Крейзи төрөөбүт күнүгэр бэйэтин ис дууһатын арыйыыта уонна ийэтин кытта этиһэригэр иккиэн: «Туохха сыыстыбыт?» диэн толкуйга кэлиилэрэ. Испэктээккэ биһиги сааспытыгар төрөппүттэрбитин кытта сыһыаҥҥа үгүстүк көстөр өрүттэри туораттан көрдүбүт. Кылааспытыттан 16 киһи буолан кэлбиппит. Киһини толкуйдатар испэктээк. Арааһа, бу кэнниттэн кылааһынан ис хоһоонун ырытыһарбыт буолуо.
«Наһаа үчүгэй испэктээк!» — диэн 20 №-дээх орто оскуола үөрэнээччилэрэ испэктээги эмиэ олус сөбүлээбиттэрин туһунан эттилэр.
Оҕолор биир санаанан: «Маннык ис хоһоонноох испэктээктэр элбэхтэрэ буоллар, үөрүүнэн сылдьыахпыт этэ», — диэтилэр.
Оттон икки оҕолоох төрөппүт, икки сиэн тапталлаах эбээтэ Екатерина Попова испэктээк туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
— Оҕону обургу сааһыгар тиийбитин кэннэ моһуонун көннөрө сатыыр олох сыыһа. Үлэнэн эрэ үлүһүйбэккэ, тугу да хаалларан туран, оҕо кыра сааһыгар кини эйгэтинэн олоруохха наада — киинэҕэ, тыйаатырга сырытыннаран, оҕо ооннььуур сирдэрин кэриттэрэн, тэҥҥэ хаҥкылаан, хайыһардаан. Оччоҕо оҕоҥ эйиэхэ олох убанан, эйиигин кытта биир санаалаах буола улаатар. Мин оҕолорум кыраларыгар кинилэр олохторунан олорор этим. Ол онтум улаатыыларын саҕана түмүгэ көһүннэ. Үлэтинэн олорор төрөппүт оҕотугар кыра эрдэҕинэ болҕомтотун уурбата да, сааһырыытын саҕана тоҥуй сыһыаны ылара чахчы. Бу испэктээк ол оннукка тиийимэҥ диэн төрөппүттэри үөрэтэр. Онон оҕолордоох төрөппүттэр бу испэктээктэн уруок ыла хайаан да сылдьыахтарын наада.
Испэктээк кылаабынай дьоруойа Крейзи оруолун толорбут артыыска Сардаана Вырдылина, биллэн турар, үлэтин түмүгүттэн астыммыта киһи хараҕар быраҕыллар.
— Наһаа үчүгэй көрөөччүлэр! Бастаан утаа толору сааланы көрөн баран, салла санаабытым. Онтон уу-чуумпу буолбутугар, көрөөччүм мин дьоруойбун ылыммыта, кинилиин биир санаалааҕа тута биллибитэ. Көрөр саалаттан сценаҕа оннук оҕолуу сылаас, ыраас, истиҥ тыын илгийэн кэлбитэ. Онон испэктээк премерьатын көрөөччү ылынна, мантан инньэ бу испэктээк бэйэтин көрөөччүтүн булууһу диэн олус үөрдүм, — диэн санаатын үллэстэр эдэр артыыс.
Дьэ, онон, ааҕааччым, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын «Мин кырачаан Таҥарам» («Мой маленький Бог») испэктээкилигэр хайаан да сырыт диэн сүбэлиибин. Бу испэктээк кэнниттэн обургу оҕоҕун эбэтэр сиэҥҥин олох атын хараххынан көрүөҕүҥ.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар сырыттаҕым аайы, мин биири бэлиэтии көрөбүн. Тыйаатыр дириэктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Матрена Павлова испэктээх иннинэ көрөөччүлэрин киирэр ааҥҥа хайаан да үөрэ-көтө көрсөр. Оттон тыйаатыр уус-уран салайааччыта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ народнай артыыһа Алексей Павлов испэктээк саҕаланыан иннинэ көрөөччүлэрин сценаҕа тахсан хайаан да айхаллыыр, кылгастык буолаары турар испэктээги билиһиннэрэн баран, тыйаатыр артыыстарын айар үлэлэриттэн көрөөччүлэр дуоһуйууну ылалларыгар баҕарар. Бу — айар куттаах кэргэннии Павловтар тыйаатырдарыгар тапталларын, бииргэ «эн-мин» дэһэн үлэлиир кэллиэгэлэригэр убаастабылларын бэлиэтэ. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын кэлэктиибэ биир дьиэ кэргэн курдук тыыннааҕа салайааччылар тыйаатырдарыгар, көрөөччүлэригэр, кэллиэгэлэригэр чугас сыһыаннарыттан көстөр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.