Ийэ уонна оҕо аһылыгын туһунан кинигэ сүрэхтэннэ

Ааптар: 
17.04.2022
Бөлөххө киир:

Доруобуйа аан дойдутааҕы күнүгэр Перинатальнай кииҥҥэ “Дневник питания мамы и малыша” диэн ураты кинигэ сүрэхтэннэ. Бу Ийэ сылын тэрийии бырагырааматыгар киирбит биир сүрүн тэрээһин буолар.

Мэдиссиинэ, наука үлэһиттэрин кыттыгас бырайыактара

Бу иккис таһаарыы эбит. 2020 сыллаахха кинигэ “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи са­­лаатын көҕүлээһининэн аан бас­таан бэчээттэммит. Быйыл эбэн-сабан, ис хо­­һоонун байытан баран, хос бэчээттээтилэр. Ол эрээри, ахсаана олус аҕыйах – 500 устуука эрэ бэчээттэммит. Сыллата 13 тыһыынча кэриҥэ оҕо төрүүр буоллаҕына, ааптардар оччо ахсааннааҕы бэчээттэтиэхтэрин баҕараллар.

Бу көҕүлээһини 15-с Дьахталлар си­­йиэстэригэр этэн, резолюцияҕа киллэртэрбиттэр. Онон Ийэ сылыгар, Саха АССР 100 сылыгар бу үтүө саҕалааһын – кинигэ, бастатан туран, саҥа ийэ буолар кыргыттарга хас биирдиилэригэр тиксиэ диэн эрэнэллэрин биллэрэллэр.

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, кинигэҕэ мэдиссиинэ уонна наука үлэһиттэрэ кыттыһан үлэлээбиттэр. Ол курдук, олохтоох ааптардары сэргэ, Аһы-үөлү, биотехнологияны чинчийэр федеральнай киин нутрициологияҕа лабораториятын уонна
Н.А. Семашко аатынан Национальнай уопсастыбаннай доруобуйа научнай-чинчийэр институтун исписэлиистэрэ көхтөөх кыттыыны ылбыттар.

Онон кинигэ наука да, мэдиссиинэ да өттүнэн чинчийиллибит, хоту дойду но­­руоттарын үгэстэрин, төрүт аска култуураларын, олохтоох үүнээйини, аһы-үөлү учуот­таан оҥоһуллубут, олус баай ис хоһоонноох. Манна ийэ бэйэтэ уонна оҕото аһыырын күннүк курдук суруйан иһэр анал лиистэрдээҕин сэргии көрдүм. Ол эбэтэр, эдэр ийэ ааҕан эрэ кэбиспэккэ, күннээҕи олоҕор быһаччы туһанар, сурунар, кэтээн көрүнэр кинигэтэ эбит.

Эдэр ийэлэргэ сөпкө аһааһын, эмиий үүтэ оҕо доруобуйатыгар суолтатын, 3 сааһыгар диэри хайдах-туох аһынан аһатар ордугун, о.д.а. туһунан олус туһа­лаах уонна интэриэһинэй информация мунньуллубут.

“Доруобай ийэ –  доруобай оҕо”

Кинигэни хомуйан таһаа­рааччылартан биирдэстэрэ, СӨ Доруобуйа харыс­табылын минис­тиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай диетолога, ХИФУ Аһы-үөлү, доруо­буйаны чинчи­йэр научнай киинин салайааччы Ульяна Лебедева иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ “Доруобай ийэ – доруобай оҕо” бырагыраама үлэлиир. Бу бырагыраама норуот инникитин, үүнэр көлүөнэ доруобай буоларыгар туһулаан үлэлиир.

— Бастакы кинигэбит үс бастаах этэ, онно хат уонна эмтэрэр ийэ хайдах аһыахтааҕын, оҕону эмтэрии суолтатын, оҕону 1 сааһыгар диэри аһатыы туһунан суруллубута. Оттон бу иккис кинигэҕэ төрдүс баһы эбэн биэрдибит. Онно оҕо 3 сааһыгар диэри хайдах, тугу аһыахтааҕа киирдэ. Бу эдэр төрөппүттэргэ олус туһалаах, наадалаах. Бу кинигэни нутрициологтар, педиатрдар, акушер-гинекологтар, психологтар, этнопедагогтар бары кыттыһан, сүбэлэһэн суруйдулар, — диэн кини эттэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Васильев бастакы кинигэни дьон олус биһирээбитин туһунан бэлиэтээтэ.

— Бу олох ураты кинигэ буолар. Сөпкө аһааһын туһунан билиини, үөрү­йэҕи киэҥник тарҕатар суолталаах. Оҕо төрөөтүн бастакы ыйдарыттан, сылларыттан кини кэнэҕэски доруобуйатын туруга тутулуктаах буолар.

Биһиги балыыһабыт Доруобуйа харыс­табылын министиэристибэтин оҕону ийэ үүтүнэн аһатыыны өйүүр араас бы­­райыактарын, бырагыраамаларын олоххо киллэрэр былаһаакка буолар. 2012 сыллаахха балыыһабытыгар ийэ үүтүнэн аһатарга консультациялыыр-методическэй киин аһыллыбыта. Онтон сотору кэминэн балыыһаҕа Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ (ВОЗ) «Больница, доброжелательная к ребенку» диэн үрдүк ааты иҥэрбитэ. Балыыһа тиэргэнигэр ийэҕэ сүгүрүйүү бэлиэтин — оҕотун эмтэрэ олорор ийэ скульптуратын туруорбуппут, — диэн кини эттэ.

Түмүккэ

Кинигэни сүрэхтээһин онлайн көрүҥүнэн эмиэ ыытылынна. Онон үөрүүлээх түгэҥҥэ үлэлэспит дьон да, ийэлэр да киирэн көрдүлэр-иһиттилэр, санааларын үллэһиннилэр.

“Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын чи­­лиэннэрэ Перинатальнай кииҥҥэ кинигэлэри бэлэхтээтилэр. Инникитин өссө кэҥэтиллэн, эбиллэн тахсар түгэнигэр, хат дьахтар сөпкө аһыахтааҕын туһунан туспа бас киирэн биэриэҕин туһунан иһитиннэрдилэр.

Чахчыта, Ийэ сылыгар бу олус тупсаҕай көстүүлээх уонна баай, туһалаах ис хо­­һоонноох кинигэ хас биирдии саха ыалыгар баар буолара буоллар диэн санаалаах, сырдык ыралаах бу тэрээһинтэн төнүннүм.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ»

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0