“Ийэ уонна кыыс” күрэскэ Усуйаанаттан Босиковалар кыайдылар
“Арассыыйа ийэлэрэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэҕэ “Ийэ уонна кыыс” күрэс аан бастакытын ыытылынна. Тэрээһини Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах фондата, “Саха” НКИХ уонна тыа хаһаайыстыбатын академията өйөөтүлэр. Кыргыттар аан дойдутааҕы, Ийэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күннэрин чэрчитинэн ыытылынна.
Күрэс икки түһүмэхтээх. Бастакы түһүмэххэ Ньургуйаана, Кира Босиковалар (Усуйаана), Доминика, Александра Егоровалар (Уус Алдан), Наталья, Мария Стуканевалар (Алдан), Валентина, Сайаана Новгородовалар (Чурапчы), Марта, Ангелина Макаровалар (Нам), Октислава, Айкуо Аргуновалар (Таатта), Туйаара, Виолетта Максимовалар (Горнай), Мария, Лина Федотовалар (Мэҥэ Хаҥалас) кытыннылар. Иккис түһүмэххэ түөрт паара кыайан, сарсыҥҥы күнүгэр “Саха” НКИХ аһаҕас эфиригэр кыайыылааҕы таллылар.
Ийэ оҕотун иһигэр илдьэ сылдьыаҕыттан кыыһын кытары быстыспат ситим үөскүүр, кып-кыра эрдэҕиттэн көрөн-харайан, бүөбэйдээн, бэйэтэ тугу сатыырыгар барытыгар үөрэтэн-такайан, кэргэн, ийэ буоларга бэлэмниир, улахан олоххо үктэнэригэр көччөх гынан көтүтэр. Онон бу күрэс сыалынан-соругунан бу духуобунай ситими көрдөрүү, ийэ кыыһын үчүгэй хаһаайка, кэргэн, ийэ буоларга иитэр сыралаах үлэтигэр уопсастыба болҕомтотун туһаайыы. Бу маннык күрэс Сунтаар улууһугар төрдүс төгүлүн ыытыллыбытын бэлиэтээтилэр.
—Бу күрэс эппиэтинэстээх төрөппүт оруолун үрдэтэргэ, дьоллоох дьиэ кэргэн элбииригэр туһуланар. Ийэлээх кыыс бииргэ сылдьан астыылларын, иистэнэллэрин, доруобуйаларын бөҕөргөтөллөрүн, дьоҕурдарын сайыннаралларын көрдөрөбүт, ол атын ийэлэргэ холобур буолуох этэ. Өрөспүүбүлүкэ хоту-соҕуруу өттүттэн, аҕыс улуустан кыттааччылар кэлбиттэрэ үөрдэр. Онон бу күрэскэ улахан суолта биэрэбит уонна үгэскэ кубулуйан, сыл ахсын ыытылларыгар баҕарабыт, — диэн “Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын салаатын бэрэссэдээтэлэ Прасковья Борисова бэлиэтээтэ.
Кыайыылаахтар Санкт-Петербург куоракка култуурунай-сырдатар туурга баран сынньанан, билэн-көрөн кэлиэхтэрэ.
Бу дьоро киэһэни ийэлээх кыыс — Лилия, Ольга Степановалар иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Ийэлэр бары кэриэтэ иистэнэллэр, ону-маны оҥороллор, астыылларын сөбүлүүллэр, үҥкүүлүүллэр, оҕуруот үүннэрэллэр, уопсастыбаннай үлэҕэ кытталлар эбит. Ол да иһин бэйэлэрин холобурдарынан оҕолорун иитэллэр. Үгүстэрэ элбэх оҕолоохтор. Новгородовтар сэттэ оҕолоохтор, бары ох курдук оҥостон кэлэн ийэлэрин, эдьиийдэрин өйөөтүлэр, олус бэркэ үҥкүүлүүллэр эбит. Стуканевтар түөрт оҕолоохтор, бары спортсменнар, хайыһардьыттар. Алдаҥҥа буолбут III Кыһыҥҥы көрүҥнэр спартакиадаларыгар 6 көрүҥҥэ уопсайа 9 мэтээли ылбыттар. Макаровтар биэс оҕолоохтор, хомойуох иһин, аҕалара суох буолбут. Аргуновтар улуустааҕы “Бастыҥ тиэргэн” күрэс кыайыылаахтара. Оҕолор музыканнар династияларын салгыыллар. Федотовтар түөрт оҕолоохтор, ыал ийэтэ эһэлэрэ оҥорбут биһигин ымыы оҥостон, сыа-сым курдук тутан, кичэллээхтик харайа сылдьар эбит.
Бэйэни билиһиннэрии түһүмэҕэр эрдэ видеоматырыйаал устан кэлбиттэрин экраҥҥа көрдөрдүлэр, дьиэ кэргэннэрин, сөбүлүүр дьарыктарын, дьиэлэрин-уоттарын, хаһаайыстыбаларын туһунан кэпсээтилэр. Чахчы да, бу маннык иллээх, түмсүүлээх, олоххо көхтөөх ыаллар үгүс дьоҥҥо холобур буолар кыахтаахтар. Ийэлэр уонна кыргыттар бары да олус талааннаахтар эбит! Бальнай үҥкүүгэ тиийэ бары үҥкүүлээн тэлээрбиттэрэ көрүөххэ олус да кэрэ этэ! Максимовтар олус долгутуулаахтык ийэ туһунан хоһоон аахпыттарын көрөөччүлэр сэргээтилэр.
Кулинарнай түһүмэххэ 8 мүнүүтэ иһигэр салаат уонна бутерброд оҥоро охсорго күрэстэстилэр. Судургу курдук эрээри, дьүүллүүр сүбэ киэргэтиитин, амтанын эмиэ учуоттаата.
Оҕону иитии, дьиэ кэргэн туруктаах буолуутун туһунан ыйытыылардаах түһүмэххэ ийэлэр толору хоруйдары биэрдилэр. Арай, кыыһыҥ баттаҕын оруосабай өҥүнэн кырааскаланнын? Табыллыбатах тапталтан эрэйдэнэр буоллун? Уоран табахтыырын биллэххинэ, хайыыгын? Көмпүүтэртэн арахсыбакка олорор буоллун? Саастыылаахтарын кытта сатаспатаҕына? о.д.а. ыйытыылары биэрдилэр. Оттон кыргыттар: дьиэ кэргэн диэн тугуй? Хас оҕолонуоҥ этэй? Ийэҕин кытта доҕордоһоҕун, кистэлэҥҥин кэпсиигин дуо? о.д.а. ыйытыыларга хоруйдаатылар.
Кэлэр түһүмэххэ бары да олус талааннаахтара көһүннэ. Үгүстэр үҥкүүлээтилэр, ыллаатылар. Октислава Аргунова тааска сытан көрдөрдө. Дьүүллүүр сүбэ оҥоһуктарын илдьэ кэлэн быыстапкалаабыттарын учуоттаата.
Ону тэҥэ, 8 мүнүүтэ иһигэр бэриллибит матырыйаалларынан брошь оҥорон, иискэ төһө дьоҕурдаахтарын көрдөрдүлэр. Оттон спортивнай түһүмэххэ Стуканевтар тэҥнээхтэрин булбатылар.
Түмүккэ бэйэлэрэ тикпит таҥастарын кэтэн тахсан, хааман көрдөрдүлэр.
Бу киэһэни “Кэрэ ситимэ” уопсастыбаннай түмсүү ийэлэрэ, кыргыттара, «Сандал» үҥкүү ансаамбыла, «Нуурал» ырыа ансаабыла, эдэр ырыаһыттар кэлэн киэргэттилэр, элбэх ырыа да ылланна.
Сарсыныгар “Саха” НКИХ эфиригэр кыайыылааҕы таллылар. Манна ыраах хотугу улуустан кэлбит Ньургуйаана, Кира Босиковалар кыайыылааҕынан тахсан, Санкт-Петербурга сынньана барар путевканан наҕараадаланнылар. Ньургуйаана урут Питергэ үөрэммит буолан, эдэр сааһын куоратыгар бараары үөрүүтэ муҥура суох.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Андрей Сорокин түһэриитэ.