Кулун тутар 12 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин саалатыгар «Ийэ уобараһа — кинигэҕэ» хаартысканан бырайыак аһаҕас дьүүллэһиитэ бэрт сэргэхтик буолан ааста. Тэрийээччилэр бүгүн «Ийэ уобараһа — саха литературатыгар» диэн бырайыак бастакы түһүмэҕин ыыттылар.
edersaas.ru
Бу дириҥ ис хоһоонноох бырайыагы сүрүн өйөөччүлэринэн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ, Саха сиринээҕи кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигэ, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай тыйаатыра, А.С. Пушкин аатынан нуучча судаарыстыбаннай академическай тыйаатыра, «Подруги — Дьүөгэлиилэр» диэн СӨ дьахталларын аһаҕас форума буолбуттар.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ, ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи төрүт олохтоохторун тылларын институтун, филологическай факультетын уонна Дьокуускайдааҕы инновационнай кэллиэс устудьуоннара кытыннылар. Маны таһынан тэрээһин ыалдьыттарынан «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин, суруналыыс, бэйиэт Валериан Николаев, суруйааччы, СӨ култууратын туйгуна Василий Гоголев-Уйулҕан буоллулар.
«Ийэ уобараһа — кинигэҕэ» хаартысканан бырайыак салайааччыта Дария Филиппова киирии тылыгар бүгүҥҥү тэрээһин сценарийын сиһилии кэпсээтэ, бырайыак РФ бэрэсидьиэнин граннарын пуондатын өйөбүлүн ылбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, хаартыскаҕа түһэрээччилэр Евгений Урааҥхайы, Мичил Яковлевы билиһиннэрдэ.
Бырайыак тэрийэр кэмитиэтин чилиэнэ, ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи төрүт олохтоохторун тылларын институтун иккис кууруһун устудьуона Игорь Данилов дьүүллэһии кыттыылаахтарыгар «Ийэ уобараһа — саха литературатыгар» түһүмэххэ тэрийэр кэмитиэт 30 айымньыны киллэрбититтэн кыттааччылар 10 айымньыны талыахтаахтарын эттэ.
Ол курдук, испииһэккэ П.А. Ойуунускай «Сүрэх» кэпсээнэ, А.А. Иванов-Күндэ «Марба» кэпсээнэ, Т.Е. Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуһун» дыраамата, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» арамаана, Николай Якутскай «Төлкө» арамаана, Н.А. Габышев «Анфиса» кэпсээнэ, И.М. Гоголев «Хара кыталык» арамаана, Д. К. Сивцев-Суорун Омоллоон «Сайсары» дыраамата, Софрон Данилов «Киһи биирдэ олорор» арамаана, Н.А. Лугинов «Таас тумус» сэһэнэ, С.А. Попов-Тумат «Улуу кыыл тыына» сэһэнэ, С.С. Маисов «Ийэм кэпсиир…» арамаана о.д.а. айымньылар бааллар.
Тэрийээччилэр толору испииһэктээх анкеталары кыттааччыларга түҥэппиттэрин хас биирдии киһи, Игорь Данилов эппитин курдук, ийэ уобараһын хаартысканан көрдөрөргө 10-нуу айымньыны таллылар. Салгыы дьүүллэһии ыырын Саха информационнай агентство уонна «Подруги — Дьүөгэлиилэр» аһаҕас форум сайтарын нөҥүө кэҥэтэн, тиһэҕэр финалга 20 айымньы тахсыбытыттан, уон айымньы бүтэһиктээхтик талыллыахтаах. Бырайыак түмүгэр кыттааччылар талбыт уон айымньыларыгар ойууланар ийэ уобараһа хаартысканан дьүһүйүллүөхтээх.
Санаа атастаһыытыгар бырайыак тэрийэр кэмитиэтин чилиэнэ, «Молодо-зелено» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Мария Макеева Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 5 уолун атаарбыт Февронья Малгина туһунан суруйуу элбэҕин санатта. Манна кини уобараһа литературнай да курдук көстөр буолбутун этэн туран, быйыл Улуу Кыайыы 75 сыла туоларынан сиэттэрэн, Февронья Малгинанан сирэйдээн, уолаттарын уоттаах сэриигэ атаарбыт ийэ хомуллубут уобараһын оҥоруохха сөбүн эттэ.
Маныаха Мария Макеева этиитин сайыннаран, бу уобараска Сайсары эбэ кытылыгар баар Ийэ скверигэр турар Ийэ өйдөбүнньүгэ туһаныллыан сөбө этилиннэ.
Салгыы М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи төрүт олохтоохторун тылларын институтун устудьуоҥката Анна Аманатова: “Ийэ уобараһын хаартысканан дьүһүйүүгэ кэпсээни, сэһэни, арамааны, дырааманы эрэ буолбакка, хоһоону эбэтэр хас даҕаны хоһоону бииргэ холбоон туһаныахха сөп буолбатах дуо?” —— диэн бэйэтин санаатын эппитэ болҕомтоҕо ылылынна.
Санаа атастаһыыта көхтөөхтүк барда. Манна литературнай айымньылартан хаартысканан уобарастар ханнык хайысханан таҥыллыахтарын сөбүгэр икки сүрүн санаа баарын ырытыстылар. Ол курдук, бастакытынан, Ийэ уобараһа историческай кэмнэринэн бэриллиэн сөбө, иккиһинэн, уобарас социальнай кыһалҕа быһыытынан сырдатыллара тоҕоостооҕо этилиннэ.
«Ийэ уобараһа — кинигэҕэ» хаартысканан бырайыагы эдэр ыччат толкуйдаан, көҕүлээн олоххо киллэрэн эрэрэ хайҕаллаах. Бу бырайыак ыччат, дьон-сэргэ литератураҕа сыһыанын үчүгэй өттүгэр уларытара саарбаҕа суох. Ийэ уобараһын арыйыы, хаартысканан дьүһүйүү Ийэ чахчы даҕаны олох төрдө буоларын өссө төгүл бигэргэтэр. Манна Ийэҕэ таптал, ийэҕэ сүгүрүйүү, Ийэнэн киэн туттуу хаартысканан дьүһүйүллэр, Ийэ сырдык мөссүөнэ үйэтитиллэр.
“Саха сирэ”, edersaas.ru сайтка анаан Валериан НИКОЛАЕВ.
Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ