Ийэ тылын көрсө үөрэнээччилэргэ ыалдьыттаатылар

10.02.2018
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа с. лиссиэйин 7-с кылааһын үөрэнээччилэригэр кылааһы таһынан ааҕыы уруога бу да сырыыга ордук интэриэһинэй уонна соһуччу буолла.

edersaas.ru

Ол курдук, кинилэр “Чолбон” сурунаал “Сэмсэ” сыһыарыытыгар тахсыбыт биир дойдулаахтарын – “Таммахтар” литэрэтииринэй түмсүү чилиэннэрин айымньыларын билистилэр, санааларын атастастылар, ырыттылар.

“Таммахтар” салайааччылара, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Августина Хабарова:

“Оҕолор аахпыт аҋымньыларын былдьаһа-тарыһа кэпсээтилэр. Сорохтор өссө кэпсии туран, кылаас оҕолоругар туһаайан араас боппуруостары биэрэн сэргэхситтилэр. Лиссиэй үөрэнээччилэрэ биэс бөлөххө хайдыһан үлэлээтилэр. Кинилэр айымньыны ааҕаат, тута ырытыыга бэркэ үлэлииллэрин бэлиэтии көрдүм», – диэн кэпсээтэ.

х х х

Августина Хабарова “Таммахтар” литэрэтииринэй холбоһук салайааччытынан 2007 сылтан айымньылаахтык үлэлиир. Ол да инниттэн, саха тылын учуутала буоларын быһыытынан, айар үлэҕэ үөрэнээччилэрин көҕүлүүрэ. Бэйэтэ сүүрбэччэ кинигэни өрөспүүбүлүкэ араас кыһаларыгар бэчээттэттэ.

1989 с. улууска Даниловскай, Толомон, Күндээр, “Таммахтар” ааҕыыларын ыыппыта. Августина Хабарова толкуйдаан уонна бэйэтэ көҕүлээн ыыппыт бу тэрээһиннэрэ саха оҕотугар төрөөбүт тыл сүмэтин иҥэрэр, айар-тутар дьоҕурун сайыннарар соруктаахтара саарбаҕа суох.
«Таммахтар» улуустарын оскуолаларын кытары ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр. Ыҥырыы туттулар да, үөрэ-көтө кэлэн кытталлар.

Быйыл номнуо Ф.Г.Охлопков аатынан  Майа с. уонна Дмитрий Таас аатынан Хорообут орто оскуолаларыгар ыалдьыттаатылар. Аны Майатааҕы лиссиэйгэ, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар ыҥырылыннылар.

«Таммахтар» ону таһынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах литэрэтииринэй тэрээһиннэргэ куруук кытталлар. Айан ырааҕыттан толлубакка, бэл Үөһээ Бүлүү курдук ыраах дойдуга тиийэн, бэйэлэрин айар талааннарын билиһиннэрэн, олохтоохтор махталларын ылан тураллар.

Надежда ЕГОРОВА, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0