Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүнэн уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕар Опера уонна балет тыйаатырыгар үгүс дьон муһунна.
edersaas.ru
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина эҕэрдэтин сахалыы тылынан саҕалаата. Маны кини Бүлүүгэ төрөөбүт эбээм төрөөбүт тылынан аан маҥнай эттим диир.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата судаарыстыбаннай тыллар сайдыыларыгар улахан болҕомтотун уурарын ыйда. 2019 сыл Саха сиригэр – Сомоҕолоһуу, Арассыыйаҕа Тыйаатыр сылынан биллэриллибитэ. Тыйаатыр уонна тыл төрөөбүт тылы оннунан хаалларарга биир сомоҕо буолалларын эттэ. Төрүт омуктар тылларын кыһалҕаларыгар болҕомтону тардар инниттэн, Холбоһуктаах нациялар тэриллиилэрин генеральнай Ассамблеята 2019 сылы Норуоттар икки ардыларынааҕы төрүт омуктар тылларын сылларынан биллэрбитин санаттан.
“СӨ Конституцията – Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн сокуона, төрөөбүт тылынан үөрэниини хааччыйар. Бу мэктиэ булгуччу тутуһуллар. Саха сиригэр тыл бэлиитикэтин сайыннарыыга туспа бырагырааманан дьарыктанар тэрийэр кэмитиэт олохтонно. Манна ситэриилээх былаас уорганын үлэһиттэрин сэргэ, уопсастабыннас, дьокутааттар киирдилэр”, — диэн бэлиэтээтэ итиэннэ ийэ тылы таптааһын, ол тылынан кэпсэтии, үүнэр көлүөнэни төрөөбүт тылынан иитии – бу Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн соруга диэн ыйда, бириэмийэлэри, махтал суруктары туттартаата.
Сүрүн дакылааты СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Юрий Куприянов оҥордо. Өрөспүүбүлүкэҕэ тыл бэлиитикэтэ бары тыллары тэҥник туттан сайыннарыыга тирэҕирэрин ыйда, төрөөбүт тыл оскуолаҕа үөрэтиллиитин, сахалыы бэчээти сайыннарыыга туох үлэ барарын, Тыйаатыр сылынан былааннары кэпсээтэ. Арассыыйаҕа 190-тан тахса омук олорорун иһитиннэрдэ. Быйыл бэс ыйыгар Дьокуускай куоракка “Аан дойду омуктарын тылларын чөл хаалларыы уонна кибер эйгэҕэ тыл арааһын сайыннарыы: контекст, бэлиитикэ, быраактыка” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ ыытыллыахтаах. Манна кибер эйгэҕэ тылы уонна култуураны сайыннарарга үлэлэһэр аан дойду эспиэрдэрэ кэлэн кыттыахтарын иһитиннэрдэ.
2010 сыллааҕы биэрэпис чахчыларынан Саха сиригэр:
958528 киһи олороро,
967700 киһи олорор (билигин)
130-тан тахса араас омук
466 492 — саха
21 008 – эбэҥки
15 071 – эбээн
1906 — долган
1281 – юкагир
670 – чукча
Төрөөбүт тылларын билэллэр:
450тыһыынча — сахалыы
4802 – эбэҥкилии
5656 – эбээннии
1054 – долганныы
1281 – юкагирдыы
670 – чукчалыы
Ил Түмэн бэрээссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков тылы сайыннарыыга, харыстааһыҥҥа икки түгэни бэлиэтээтэ. Бастатан туран, сокуон, бырагыраама, мэтиэдикэ өттүнэн тылбытын көмүскэһиэхтээхпит диэн эттэ. Сүнньүнэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоох омуктар тылларын туруулаһыыга тиһиктээх үлэни ыытарын бэлиэтээтэ. Иккиһинэн, тыл эйгэтин туһунан. “Саха тыла бэйэтэ туспа литэрэтиирэлэнэн, туспа литэрэтииринэй тылланан, атын омуктары кытта тыл эйгэтигэр киирсиитигэр бу тылы туттар дьон ахсаана соччо элбэҕэ суоҕа улахан охсуулаах. Ааспыт үйэ устатыгар сүнньүнэн бэйэбит үгэс буолбут эйгэбитигэр (духуобунаска, култуураҕа, үөрэххэ, литэрэтиирэҕэ, искусствоҕа, бэйэбит дьарыктарбытыгар) тылбытын балайда тутан кэллибит. Онтон саҥа киирэр эйгэлэргэ (бырамыысыланнаска, наукаҕа, саҥа көрүҥнэргэ) киирэр тыллары саха тылынан бэйэбитигэр кыайан чугаһата иликпит. Ити тыллар туттуллуулара үксээн истэҕин аайы саха тыла туттуллар эйгэтэ кыараан иһэр”, — диэн ыйда. Оччотугар саха тылын туттуллар эйгэтин төһө кыалларынан кэҥэтиигэ, көмүскээһиҥҥэ уонна харыстааһыҥҥа үлэ барыахтааҕын эттэ. Онтон тахсар суолу кини тумус туттар инники көлүөнэ дьоммут эппит-тыыммыт, үлэлээбит үлэлэригэр, кэс тылларыгар көрөрүн иһитиннэрдэ.
Оттон С.А.Новгородов аатынан “Бичик” кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров: “Биһиги тылбыт, сурукпут-бичикпит инникилээх буоларын туһугар боппуруос син биир сытыытык турар. Тоҕо диэтэххэ, цифровой, электроннай эйгэ күүскэ киирбит кэмигэр, хомойуох иһин, үгэс буолбут кумааҕы кинигэ тирээһэ лаппа түстэ. Ол оннугар электроннай, цифровой эйгэҕэ, социальнай ситимнэргэ киирии нэһилиэнньэ өттүттэн элбэх. Онон бэйэбит тылбытын-өспүтүн цифровой эйгэҕэ киллэрэр сыал-сорук турар”, — диэн эттэ. Маныаха кинилэр “Бичик цифровой эйгэтэ” диэн мобильнай сыһыарыы оҥорбуттар. Ону тэҥэ мультимедийнэй кинигэлэри таһааралларын, оҕо ийэ тылынан сайдар кыахтааҕын ыйар.
Манна даҕатан эттэххэ, билигин, ирдэбил быһыытынан хас биирдии национальнай тылынан тахсар учуобунньуктар РФ Сырдатыыга министиэристибэтигэр бигэргэтиини ааһаллар. Ахсынньы бүтүүтэ аҕыс национальнай тылынан тахсар үөрэх кинигэтэ бигэргэтиини ааспыт, ол иһигэр сахалыы учуобунньуктар.
Цифровизация Саха сиригэр киэҥник тарҕанан эрэринэн, үгүстэр үлэни тастан киирэр эйгэҕэ, ону сахатытыыга ууруохха диэн эттилэр. Тастан киирэр тыллары, аныгы контены кэмигэр ийэ тылынан саҥардыбатахпытына, төрөөбүт тылбыт симэлийэр туруктааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru