Түргэн тэтимнээх аныгы үйэҕэ ийэ тылбыт туттуллар эйгэтэ биллэрдик кыараан иһэр. Төрөөбүт тыл киһи олоҕор, майгытыгар-сигилитигэр, таһыттан дэбигис көстүбэт-биллибэт өбүгэлэрин кытта ситими олохтооһуҥҥа суолтатын ситэ сыаналаабат, улахаҥҥа уурбат курдук буоллубут. Маннык быһыы-майгы салгыы бардаҕына, омук быһыытынан суураллар кутталбыт илэ-чахчы тиийэн кэлиэ. Дьэ, ол иһин сахабын дэнээччи, бэйэтин норуотугар сүрэҕинэн-быарынан ыалдьар киһи тоҕоостоох түгэннэри мүччү туппакка, кыаҕа кыайарынан, хайдах сатанарынан төрөөбүт тылга сыһыаны тупсарарга кыһаныахтаах, ол өттүгэр өйүн-санаатын ууруохтаах.
edersaas.ru
Олунньу ый үүннэ да, ийэ тыл, сурук-бичик күннэригэр бэлэмнэнэн барыллар. Биллэрин курдук, бу күнү 1996 сыл бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев олохтообута. Бу үтүөкэн бачыымы сэргээн, ЮНЕСКО 2000 сылтан олунньу 13 күнүн «Төрөөбүт тыл аан дойдутааҕы күнүнэн» биллэрбитэ. Дьэ, онон Одун Хаан таҥаралаах олунньу ый биһиэхэ, саха тыллаах дьоҥҥо, ураты суолталаах ый буолар.
Саха тылын нэдиэлэтэ биһиги үөрэхпит кыһатыгар – И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледжка олунньу 10-15 күннэригэр ыытылынна. Дириэктэри иитэр уонна административнай үлэҕэ солбуйааччы В.Н.Максимова салайааччылаах 9 киһиттэн турар хамыыһыйа үлэ былаанын торумнаабыта, саха тылыгар уонна литературатыгар ыытыллыахтаах олимпиадаҕа, үлэһиттэр уонна устудьуоннар ортолоругар ыытыллар таба суруйуу күрэҕин түмүктэрин таһаарыыга 3 киһиттэн састааптаах сыаналыыр сүбэ анаммыта. Манна, саха тылыгар чугас дьон быһыытынан, Уваровская О.А., Румянцева Т.В. уонна Байанаева П.Д. киллэриллибиппит.
Бэнидиэнньиккэ, о.э. олунньу 10 күнүгэр, үөрэнэр куорпус киирэр ааныгар оскуола иннинээҕи саастаах-оскуола оҕолорун салаатын уһуйааччылара: Эверстова Н.Ю., Васильева Ю.И., Сысолятина Р.Н., Фадеева С.Б., Протопопова Е.Н., Куличкина Л.П., Аввакумова У.А., Гурьева А.Н., Кирова М.И., Жиркова А.А., Уваровская О.А., Румянцева Т.В., Байанаева П.Д. сахалыы таҥнан, дэйбиирдэнэн, кытыан оту буруолатан, устудьуоннары уонна үлэһиттэри арчылаатыбыт, төрүт үгэһи тутуһан, остолобуойбут үлэһитэ Драгунова А.Д. буһарбыт минньигэс алаадьытынан дьоммутун күндүлээтибит.
Бу күн кэллиэс иһинэн үлэлиир араадьыйанан саха тылын нэдиэлэтигэр аналлаах биэриини ыыппыппыт, бастакы кууруска үөрэнэр Раиса Саввина 9 хомуһуннаах хоһооннортон талан, А.А. Иванов-Күндэ «Төрөөбүт тыл» хоһоонун ааҕан иһитиннэрбитэ.
Оптуорунньукка, олунньу 11 күнүгэр, уһуйааччы Уваровская О.А. устудьуоннарга дьыктаан суруйтарбыта. Барыта 36 киһи таба суруйуу күрэҕэр кыттыбытыттан, кыайыылаах таҕыстылар: Нам Бөтүҥүн кыыһа, 2 кууруска үөрэнэр Людмила Бочкарёва, бастакы куурус үөрэнээччилэрэ: Үөһээ Бүлүү Дьүллүкүтүттэн кэлбит Валерия Ботакова, Муома Чуумпу Кытылын кыыһа Алёна Кириллина. Биһирэбили Тааттаттан сылдьар Туймада Колесова ылла.
Сэрэдэҕэ бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Барамыгина И.Е., Винокурова Л.И. «Саха тыла – барҕа баайбыт» кинигэ быыстапкатын туруорбуттара, 30 устудьуоҥҥа Ийэ тыл күнүгэр аналлаах бибилэтиэкэ уруогун ыыппыттара.
Субу күн ыытыллыбыт дьыктааҥҥа 13 киһи бэйэтин билиитин тургутан көрбүтэ. Кыайыылаахтарынан: алын кылаас учууталларын уһуйааччыта Протопопова Е.Н., кэтэхтэн үөрэх салаатын сэбиэдиссэйэ Тюкянова Э.И., научнай-методическай отдел сэбиэдиссэйэ Сидорова М.П. таҕыстылар. Биһирэбили ыллылар: тьютор Неустроева А.И., устудьуоннар уопсайдарын баспытаатала Григорьева О.Н., биэссэрбит Фёдорова Л.С., устудьуоннары үөрэххэ ылыыга уонна выпускниктары үлэҕэ киллэриигэ үлэлэһэр методист Иванова А.В.
Маны таһынан бу күн устудьуоннарга «Төрөөбүт тылгын, литератураҕын төһө билэҕин?» олимпиаданы саха тылын уһуйааччыта Уваровская О.А. ыыппыта. Методист Суздалова И.С., тьютордар оҕолору тэрээһиҥҥэ кытыннарыыга үлэлэспиттэрэ. Барыта 42 киһи кыттыбыта. Кыайыылаахтарынан тахсыбыттара: Ньурбаттан сылдьар 1 кууруска үөрэнэр Архан Саида Куо, үһүс куурус устудьуоннара: Горнай улуус Маҕараһыттан сылдьар Андреева Нарыйаана, Дьааҥы Сайдыытыттан сылдьар Аммосова Марианна. Биһирэбилгэ тиксибиттэрэ: иккис кууруска үөрэнэр Чурапчы кииниттэн сылдьар Диодорова Анна уонна Филиппова Вероника, үгүс куурус устудьуоннара: Таатта Даайа Амматыттан сылдьар Игнатьева Мария уонна Ньурба Үөдэйин кыыһа Пермякова Айталина.
Чэппиэр күн Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах эркин хаһыата ыйанна (маны кэтэхтэн үөрэнэр устудьуоннар бэркэ кыһаллан-мүһэллэн оҥордулар). Үөрэхпит кыһатын салайбыт дириэктэрдэр: Ядреева Е.В. уонна Мурукучаева Н.П., билиҥҥи салайааччыбыт Никитина Е.В., бу күнү улаханнык суолталаан, саха тылын өрө тутааччыларга массыына биэрэн, киин куоракка ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиннэргэ сырытыннараллар. Быйыл да ити үтүө үгэс тутуһуллан, Прасковья Байанаева салайааччылаах «Ыллык» литературнай куруһуок көхтөөх чилиэннэрэ (Старостина Кристина, Птицына Александра, Винокурова Олеся, Ботакова Валерия, Оконешникова Ольга, Протопопова Саргылаана) Дьокуускайга киирбиттэрэ.
Аан бастаан Емельян Ярославскай аатынан Кыраайы үөрэтэр түмэлгэ сылдьан, билиибитин хаҥаттыбыт. Мусуой таас уораҕайын кэнниттэн историческай суолталаах, бэйэтэ эмиэ ураты эйгэлээх мас дьиэҕэ тахсан, Диана Осипова ааспыт кэм кэрчиктэриттэн Емельян Яросвлавскайга сыһыаннаах чахчылары олус сиһилии, умсугутуулаахтык билиһиннэрдэ. Ол кэнниттэн Национальнай Художественнай мусуойга кэрэ эйгэтин дуоһуйа, астына көрдүбүт. Уус харахтаах, айар куттаах, айылҕаттан айдарыылаах дьоммут үлэлэрин (олор истэригэр бэйэбит уһуйааччыларбыт, биир дойдулаахтарбыт, киэн туттар выпускниктарбыт үлэлэрэ бааллар) көрөн, улаханнык астынныбыт, киэн тутта санаатыбыт.
Дьэ, онтон Арчы дьиэтигэр сылдьан, Борис Михайлов-Айылҕан хааһахтан хостоон эрэр курдук, киһи эрэ сэргии истэр гына дорҕооннору сатабыллаахтык дьүөрэлээн, уустаан-ураннаан этэр-тыынар алгыһын улахан махталынан ылынныбыт.
Алгыстаммыт, арчыламмыт дьон үөрэ-көтө Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Төрөөбүт тыл күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһиннэри көрө кэллибит. Онно тиийэн оһуохайы сэргээтибит, ымсыыра көрбүт кинигэлэрбитин атыыластыбыт. Хоһоон ааҕааччыларга кыттыһан, «Отуу уотун» төрүттээбит Николай Рыкунов «Дьахталларга» диэн хоһоонун аахпыппын элбэх дьон сэҥээрэ истибититтэн олус долгуйдум. Ол кэнниттэн тобус-толору дьонунан туолбут киэҥ-куоҥ саалаҕа киирэн, Ийэ тылбыт күнүгэр анаммыт үөрүүлээх тэрээһини көрдүбүт. Бу курдук, олус табыллан, сүргэбит көтөҕүллэн, ийэ тылбыт дьону түмэр, сомоҕолуур сүдү күүстээҕиттэн астынан кэллибит. Суоппарбытыгар Пётр Яковлевичка, барыыны-кэлиини тиэхиньикэнэн хааччыйбыт А.А. Васильевка улаханнык махтанабыт.
Онтон бу күн кэллиэскэ Румянцева Т.В. Ийэ тыл күнүгэр аналлаах араадьыйанан биэриини ыыппыта. Ону таһынан кэллиэс бэтэрээнэ, РФ үөрэҕириитин уонна СӨ култууратын туйгуна Павлова Екатерина Павловна-Таҥара Кыыһа Туску кэлэн, 30-ча устудьуону хабан, «Айыы сарыалын сардаҥалаах үөрэҕин» «Ситим дьиэтэ» култуурунай-эстетическэй кииммитигэр ыытта. Ыччаты түмүүгэ кэллиэс иитэр үлэтин сүрүннээччи Матвеева Ф.М. ылсыһан үлэлээбитин ахтар тоҕоостоох.
Бээтинсэҕэ күнүс 2 чаастан, көрдөһүүбүтүн ылынан, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр оһуохайдьыт, «Дархан Этээччи» үрдүк ааты сүгэр В.В. Хорунов-Дьэргэлгэн кэлэн, оһуохайы оройуттан туттубут. Өбүгэбит үҥкүүтэ үс көлүөнэ дьону түмтэ, кэллиэс үлэһиттэрэ, устудьуоннар, бэтэрээннэр түһүлгэҕэ киирэн, алгыс тыллаах оһуохай тэтимигэр сэгэлдьийэ хаамтыбыт. Ол кэнниттэн хаартыскаҕа түстүбүт, ыҥырыылаах ыалдьыппытын 60 сааһынан эҕэрдэлээтибит, махтал сурукпутун уонна сэмэй бэлэхпитин туттардыбыт.
Субуотаҕа Н.М. Рыкунов аатынан Киин бибилэтиэкэҕэ номоххо киирбит биир дойдулаахпыт И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан сиэн балта, Арассыыйа тылбаасчыттарын уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, педагогическай билим хандьытаата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бочуоттаах бэтэрээнэ, Ойуунускай «Улуу Кудаҥсатын» француз тылынан саҥардыбыт улууспут Ытык киһитэ Лина Сабарайкинаны кытта көрсүһүүгэ сырыттыбыт. Тэрээһиҥҥэ саха тылыттан ураты турок, француз, нуучча тыллара эмиэ иһилиннилэр. Улуус, нэһилиэк салалтатыттан, үөрэх салаатыттан, оскуолалартан, чугас аймахтарын аатыттан Лина Михайловнаны 80 сааһынан истиҥник эҕэрдэлээтилэр, элбэх махтал тылларын эттилэр, сибэкки дьөрбөтүн, бэлэхтэрин туттардылар.
Биһиги Чаҕылҕаҥҥа анаммыт хоһооннору аахтыбыт.
Бэнидиэнньиккэ, олунньу 17 күнүгэр, тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыттар дипломнарынан наҕараадаланнылар, туоһу суруктары ыллылар. Ону таһынан алтынньы 27 күнүгэр ыытыллыбыт I өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо дьыктааныгар «туйгун» сыананы ылбыт 6 кыттааччы: Старостина Катерина, Нератова Анастасия, Петрова Александра, Аянитова Ольга, Васильева Кристина, Шадрина Варвара үөрүүлээх быһыыга-майгыга дипломнары туттулар, кыттыбыт атын 38 устудьуон сэртипикээттэри ыллылар.
“Саха сирэ” хаһыакка, edersaas.ru сайтка анаан
Прасковья БАЙАНАЕВА, Татьяна РУМЯНЦЕВА.