Ийэ тыл күнүгэр бырабыыталыстыба Чурапчыга үлэлээтэ

13.02.2019
Бөлөххө киир:

Бүгүн сарсыарда Чакырга ситэриилээх былаас отчуота Ийэ тыл күнүгэр анаммыт тэрээһининэн саҕаланна. Суруйааччы Эрилик Эристиин аатынан Чакыр орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ сыанаҕа тахсан, Ийэ тыл күнүнэн эҕэрдэлээтилэр, Эрилик Эристиин айымньыларынан литературнай монтаж аахтылар, мустубут дьону арыылаах алаадьынан күндүлээтилэр.


Хадаарга алаадьылаах саламаатынан көрүстүлэр.

Миниистир Александр Атласов 1 Хомустаах нэһилиэк баһылыгынан үлэлии олорон, 2008 сыллаахха сайын Чурапчыга уот кураан турбутугар ходуһа көрдөөн тиийбит хаһаайыстыбаларга сир сыһыарбыт, онон чакырдар 400 туонна оту оттооннор, сүөһүлэрин кыстаппыттар. Чакыр олохтоохторо ону санатан тураннар, истиҥ махталларын биллэрдилэр итиэннэ үлэтигэр ситиһиилэри баҕардылар.
Чахчы сирийэн оттуур дьон этигит, мөлтөх үүнүүлээх сиртэн от бөҕөтүн баһаҥҥыт сөхтөрбүккүт, — диэтэ харда тылыгар миниистир. — Оннук да буолан, сүөһүнү-сылгыны чөл тутан олорор (киһи баһыгар 3,5 сүөһү тиксэр), агрокластер туттар, үлэни-хамнаһы хайдах тэрийэр туһунан кэпсэтэр, саҥа оскуола тутуутун туруорсар эбиккит.

Чакырдар агрокластер былаанын билиһиннэрэллэр.

Раиса Сибирякова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0