Бэс ыйын саҕаланыыта Горнайга ийэ-тайаҕы өлөрбүттэрин, икки оҕото быыһаммыттарын туһунан суруйбуппут.
Санатар буоллахха, Горнайдааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтигэр Бүлүү федеральнай суол 151-с км тайах өлүгэ сытарын уонна аттыгар икки оҕото сылдьалларын туһунан иһитиннэрии киирбитэ. Иниспиэксийэ үлэһиттэрэ тута тиийэн бэрэбиэркэни ыытан, тайах саанан ытыллыбытын быһаарбыттара. Икки нэдиэлэлээх оҕолоро ырааппатахтар этэ. Бастаан биирин эрэ туппуттара. Иккис айылҕатын быһыытынан куоппут. Бэс ыйын 7 күнүгэр түөрт киһилээх биригээдэ тахсан, анаан-минээн көрдөөн, иккиһи булбуттара.
Ийэ-тайаҕы өлөрбүт дьону көрдүү сылдьаллар диэн буолбута. Ол билигин хайдаҕын-тугун СӨ айылҕа харыстабылын министиэристибэтин булка управлениетын сүрүннүүр исписэлииһэ Анатолий Поповтан ыйыталаспыппытыгар, «Холуобунай дьыала тэриллэн, Горнайдааҕы полиция көрдүү сылдьар. Кимнээх эргимтэлэриттэн сылдьыбыттара син биллэр эрээри, сөптөөх дакаастабыл суох эбит. Онон билигин да көрдүү, ирдэһэ сылдьаллар», – диэн кэпсээтэ.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru