Ийэ сылынан өйөбүл

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова быһа сибээскэ тахсан нэһилиэнньэ ыйытыытыгар хоруйдаата.

edersaas.ru

Өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сыла биллэриллибитинэн ханнык, туох саҥа өйөбүллэр миэрэлэр баалларый диэн үгүс төрөппүт ыйытар. Миниистир Елена Волкова СӨ Ил Дархана Айсен Николаев дьиэ кэргэни, дьиэ кэргэн оруолун бөҕөргөтүүгэ анал этиитигэр эбии миэрэлэри иһитиннэрбитин, туһааннаах ыйаахха илии баттаммытын санатта.

“100 сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал Ил Дархан көҕүлээһининэн Саха АССР 100 сылынан, Ийэ сылынан хаһыс оҕотуттан, ыал дохуотуттан тутулуга суох, 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕоҕо барытыгар бэриллэр.

Бу тус сыаллаах хапытаалы ыларга икки ирдэбил баар — төрөппүттэр Арассыыйа гражданнарынан уонна Саха сиригэр регистрациялаах буолуохтаахтар”, — диэн миниистир эттэ.

Ону тэҥэ, оҕо иитэр дьиэ кэргэни өйүүр систиэмэҕэ туһаайыллыбыт быраап-нуорма аакталарыгар, биэстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни дьиэнэн хааччыйыыга уонна тупсарыыга болҕомтолорун ууралларын иһитиннэрдэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: babycenter.kiev.ua

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0