Ийэ сылын бэлэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Айсен Николаев Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын туолар үбүлүөйдээх сылыгар Ийэ сылын биллэрбитэ улахан социальнай суолталаах. Судаарыстыбаннай демографическай, дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр бу дьаһал үчүгэй эрэ өттүнэн дьайыаҕа уонна өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөһүнү элбэтэргэ төһүү күүс буолуоҕа.

Ил Дархан ийэ буолууну өйүүрү судаарыстыбаннай таһымҥа таһаарда. Өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун ахсаанын элбэтэри, дьиэ кэргэн туруктаах буоларын ситиһэри кини бу ыытыллар бэлиитикэҕэ инники күөҥҥэ тутар туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Тоҕо диэтэр, туох барыта ийэттэн, дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Дьиэ кэргэн туруктаах буоллаҕына, этэҥҥэ олордоҕуна, уопсастыба, судаарыстыба эмиэ туруктаах буолар. Ийэ баар буолан, оҕо эт-хаан, өй-санаа өттүнэн чэгиэн, чөл буолар, киһи бэрдэ буола улаатар. Ийэ барахсан төһөлөөх сыратын биэрэн, үбүн-харчытын, бириэмэтин, күүһүн харыстаабакка, оҕотун тапталынан угуттаан улаатыннарарын ким аахпыта, суоттаабыта баарай?

Оттон судаарыстыба ийэҕэ, дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөһөр сыаллаах. Ону өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн социальнай бэлиитикэҕэ төһө үп-харчы көрүллэрэ да туоһулуур. 2022 сылга социальнай бэлиитикэҕэ, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕириигэ, култуураҕа, физкултуураҕа уонна спорка 132,9 миллиард солкуобай көрүллүбүт, бу Саха сирин уопсай бүддьүөтүн 49,7%-на буолар.

2017 сыллаахха дойдуга биир бастакынан, Саха сиригэр Дьоруой Ийэ аатын сөргүппүттэрэ. Үрдүк наҕараадаҕа эбии 1 мөлүйүөн солкуобай бириэмийэ туттарыллар. Ону тэҥэ, I, II, III истиэпэннээх «Ийэ Албан Аата» бэлиэнэн сэттэ, аҕыс, тоҕус оҕолоох ийэлэр наҕараадаланаллар. Кинилэргэ 50, 75, 100 тыһыынча солкуобай суумалаах бириэмийэ олохтоммута.
Саха сирэ төрөөһүн көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ 1-кы, дойду үрдүнэн 6-с миэстэлээх, уокурукка нэһилиэнньэтин ахсаана эбиллэр соҕотох эрэгийиэн буолар. 2019 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 12 817 оҕо, 2020 сылга 13 097 оҕо, 2021 сылга 12 024 оҕо төрөөбүтэ (6145 уол, 5879 кыыс). Быйыл да мантан аҕыйаҕа суох оҕо төрүүрэ күүтүллэр. Тоҕо диэтэр, 2022 сылга төрөөбүт хас биирдии оҕо 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх тутуоҕа.

Ийэ уобараһын үрдэтэр сыаллаах”

Ил Дархан Айсен Николаев:

Үбүлүөйдээх сыл өрөспүүбүлүкэҕэ ураты сыл буолар. Ийэ сыла уопсастыбаҕа Ийэҕэ дириҥ ытыктабылы иҥэрэр, кини уобараһын киэҥник тарҕатар уонна өссө үрдүк үктэлгэ таһаарар соруктаах. Киһини, ол аата үүнэр көлүөнэни ийэ иитэр. Хотугу тыйыс дойдуга ийэ итии тапталынан, ытыһын сылааһынан угуттанан, күүстээх санаатынан кынаттанан, киһи-хара буолан, тыыннаах ордон кэллэхпит. Ийэ – дьиэ кэргэн тэбэр сүрэҕэ, дьиэҕэ сылаас эйгэни олохтооччу, кынат үүннэрэн көтүтээччи күндү киһибит. Ийэ дьоллоох буоллаҕына, уопсастыба эмиэ дьоллоох буолар.

Ийэ сылыгар кэккэ көмөнү киллэрэр уонна кэҥэтэр туһунан тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Ол курдук, 5-тэн элбэх оҕолоох ыалларга дьиэ атыылаһарга төлөбүр бэриллэр. Билиҥҥитэ уочаракка 1815 ыал турар, сыллата бу уочарат хамсыыра олус бытаан. 2012 сыллаахха бу бырагыраама үлэлиэҕиттэн, барыта 600-кэ ыал олорор усулуобуйатын тупсарбыт. Бу бырагыраамаҕа эбии үп көрөн, дьиэ ылалларын түргэтэтэргэ, биэс сыл иһинэн бу боппуруоһу быһаарарга бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаатым. Ону тэҥэ, биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ нолуогуттан толору босхолоноллор. Оттон оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэттэргэ төлөбүр суумата икки төгүл үрдүөхтээх.

Ийэ буолууга көмөлөһөр, киэҥник тарҕатар уопсастыбаннай түмсүүлэри гранынан өйөөһүн суумата икки төгүл үрдээтэ. Оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэттэргэ төлөбүрү эмиэ икки төгүл үрдэттибит. 2022 сылга төрөөбүт оҕолорго барыларыгар бэриллэр “100 сыл оҕолоро” хапытаал эмиэ үгүс дьиэ кэргэттэргэ дьоһун көмө буолуо, төрөөһүнү элбэтиэ диэн эрэнэбин.

Үс сыл иһинэн Дьокуускайга Дьиэ кэргэттэргэ уонна оҕолорго социальнай көмө киинэ тутуллуоҕа. Бу сылтан бырайыактыыр үлэтэ саҕаланар. Бу киин олох араас очурдарыттан ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэргэ, оҕолорго көмөлөһөр сыаллаах үлэлиэҕэ.

2022 сылга дьахталларга, ийэлэргэ саастарыттан, олорор сирдэриттэн, социальнай балаһыанньаларыттан тутулуга суох, бары өттүттэн болҕомто күүһүрүөҕэ. Холобур, Дьарыктаах буолуу кииннэригэр эбии үөрэнэллэригэр, саҥа идэ ылалларыгар, үлэ булалларыгар усулуобуйа оҥоһуллуоҕа. Кыыс, дьахтар доруобуйатын бөҕөргөтөргө саҥа бырагыраамалар үлэлиэхтэрэ.

Ийэ сылыгар уопсастыбаҕа күн-күбэй ийэҕэ дириҥ ытыктабылы, сүгүрүүйүүнү үөскэтиэхпит. Бу миэрэлэр оҕолоох дьиэ кэргэттэр олохторун тупсарыахтара, ийэлэр болҕомто күөнүгэр сылдьалларын билиэхтэрэ, дьоллоох буолуохтара диэн эрэнэбин.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0