Ийэни Күҥҥэ тэҥнииллэр, силигилээн сиппит, отун-маһын чэлгиппит, кыылын-сүөлүн дэлэппит, киһини-сүөһүнү өлбөт үөстээбит, кэхтибэт дьылҕалаабыт, эстибэт эркээйилээбит Сир Ийэни кытары сибээстииллэр. Оннук арчылыыр Аар Айылҕаны кытары арахсыспат биир айылгылаах буолан Күн күбэй Ийэ барахсантан ордук ким да суох! Ол да иһин ини Ийэ таптала хаһан да сөҕүрүйбэт, оҕолоругар уонна сиэннэригэр үйэттэн үйэҕэ хаалар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр.
Оннук сөҕүрүйбэт үйэлээх тапталы, дириҥ ытыктабылы И.Н.Яковлева – Дмитриева ылыан ылбыт эбит. Махтанары сатыыр үтүө куттаах-сүрдээх оҕолору төрөтөн, ыччаттары үөрэтэн. Ирина Николаевна төрөппүт оҕолоро, үөрэппит ыччаттара Саха сиригэр Ийэ, Сунтаар улууһугар Дьиэ кэргэн сылларыгар сөп түбэһиннэрэн саахымат түһүлгэтин тэрийдилэр.
Үйэлээх тапталы ылбыт ийэ
Ирина Николаевна Яковлева – Дмитриева диэн кимий? Эһиэкэй ырыалаах Элгээйи сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо, элбэх оҕолоох ийэ, математика учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, өрөспүүбүлүкэ, зона, оройуон саахымакка хас эмэ төгүллээх чөмпүйүөнэ, призерэ.
Ирина Николаевна 1927 сыллаахха Сунтаар Элгээйитигэр күн сирин көрбүт. Учууталлары бэлэмниир үнүстүтүүт кэнниттэн үлэлээбит. Онтон салгыы педагогическай үнүстүтүүт физмат факультетын бүтэрбит итиэннэ 1946 сылтан 1980 сылга диэри Элгээйи уонна Сунтаар оскуолаларыгар оҕолору математикаҕа үөрэппит. Педагогическай үлэтин Дьокуускайга кэлэн түмүктээбит.
1957 сыллаахха П.К.Яковлевка кэргэн тахсыбыт уонна 56 сыл дьоллоохтук олорбут. 4 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт. Улахан оҕото Георгий Петрович Яковлев техническэй наука дуоктара буолбута, Саха сиригэр алмааһы кырыылыыр промышленноһы төрүттээбитэ. Төрөөбүт Сунтаарын улууһугар баһылыктыы сылдьыбыта. Үс кыыһа үрдүк үөрэхтээхтэр, билигин үлэ бэтэрээннэрэ. Ирина Николаевна 9 сиэнэ үрдүк үөрэхтээхтэр, бары үлэһиттэр. 10 хос сиэннээх.
Саахымакка Дьокуускайга үөрэнэ сылдьан үлүһүйэн туран дьарыктаммыт. Турнирдарга кыттан бириистээх миэстэлэргэ тиксэр буолбут. Дойдутугар тиийэн нэһилиэк дьахталларыттан биир бастакынан бастакы разряд нуорматын толорбут. Оройуон күрэхтэһиитигэр уһун кэмҥэ иннин кимиэхэ да биэрбэтэх.
Ийэ саахымат тула түмэр
Улуус таһымнаах, ийэ сырдык кэриэһигэр аналлаах күрэхтэһии Элгээйи орто оскуолатыгар буолан ааста. Ону мин Күн күбэй Ийэҕэ таптал уонна махтал бэлиэтинэн сыаналаатым. Онно улуус 8 нэһилиэгиттэн 52 саахыматчыт кэлбит. Кинилэр ортолоругар оскуола 10 үөрэнээччитэ кэлэн күрэхтэспит. Ол аата саахымат кырдьыбатын, төттөрүтүн инникилээҕин, кэскиллээҕин кэрэһэлиир. Атыннык эттэххэ, аҕам саастаах уопуттаах дьонтон саахымат дуоскатыгар саҥардыы олорон эрэр 10-чалаах уолаҥҥа тиийэ киирсибиттэр.
Мин хас дуоска аайы, күрэхтэһии үс бөлөҕүнэн араарыллан ыытылынна, ким хайдах оонньообутун, хас очукуону ылбытын, ханнык партияны оонньоппутун, бастаабытын эридьиэстиир санаам да, былааным да суох. Аҕыйах түгэҥҥэ тохтоон санаабын этиэхпин баҕардым.
Нэһилиэк олохтоох дьаһалтата, Элгээйи орто оскуолата улуус саахыматын федерациятын кытары сүбэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ саахыматын федерациятын сөбүлэҥин уонна өйөбүлүн ылан, И.Н.Яковлева – Дмитриева кэргэнин, кыргыттарын, үөрэппит оҕолорун кыттыһыннаран ити күрэхтэһиини ыыппыттар. Инньэ гынан таппыттар. Тоҕо диэҥ.
Өрөспүүбүлүкэ саахыматын федерацията (толорооччу дириэктэр П.А.Григорьев) Элгээйи оскуолатыгар саахымат 10 кэмпилиэгин, демонстрационнай дуосканы уонна саахымат кинигэлэрин бэлэхтээбит. Бу наһаа үчүгэй.
Итиэннэ Ирина Николаевна үөрэнээччитэ, Элгээйи нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, бу муус устарга 85 сааһын туолбут бу күрэхтэһии кыттыылааҕа Н.М.Семеновы эҕэрдэлээбиттэр, чиэстээбиттэр. Кырдьаҕас, бэтэрээн саахыматчыттарга Ил Түмэн Грамоталара туттарыллыбыттар. Киһи санаата аттаах да, оҕустаах да буолбатах дииллэр. Наҕараадаламмыттар төһө эрэ үөрээхтээтилэр, астыннылар буолла.
Манан сибээстээн маннык күрэхтэһиилэри уонна тэрээһиннэри, Ийэ уонна Дьиэ кэргэн сылынан, хайа баҕарар нэһилиэккэ ыытыахха, дьону-сэргэни, кырдьаҕастары үөрдүөххэ-көтүтүөххэ, сэргэхситиэххэ, таптал уонна махтал бэлиэтин хаалларыахха сөп эбит. Эмиэ ити курдук араас эйгэҕэ суолларын-иистэрин хаалларбыт Ийэлэрбит, эдьиийдэрбит сырдык кэриэстэригэр анаан. Араастаан манчыыктаан үөһээ турар тэрилтэлэри тардан, ол Ийэлэр уонна эдьиийдэр халыҥ аймахтарын кытыннаран.
Аймахтар бириистэрэ – мэлдьи үөрүүлээх
Аймахтары тардан диэн алҕас эппэтим. Холобур И.Н.Яковлева – Дмитриева кыра кыыһа Ирина Петровна блиц турнир кыайыылааҕар анал Чороон бириис ыыппыт. Инньэ гынан күрэхтэһии кэнниттэн баҕалаахтарга туорааһыннаах блиц турнир ыытыллыбыт. Ол аналлаах киэргэл эрэ буолбатах олоххо-дьаһахха күннэтэ туттуллар Чороон хаһаайынынан өрөспүүбүлүкэтээҕи саахымат федерациятын толорооччу дириэктэрэ Павел Григорьев буолбут.
Итини таһынан бары бастаабыттарга, күрэхтэһиини көҕүлээччилэргэ уонна тэрийээччилэргэ Яковлевтар дьиэ кэргэттэрэ уонна аймахтара бирилийээн бириистэри ыыппыттарын туттарбыттар. Дьэ, хайдаҕый!? Бу атыттарга холобур буолуон сөп этэ. Аймахтар бары саба түһэн, кыттыһан туруорбут бириистэрэ улахан үөрүүнү, соһуччу дуоһуйууну бэлэхтиэ этэ.
Кэриэс гынан илдьэ сылдьабын
Суруйуубун И.Н.Яковлева – Дмитриева кэргэнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Тэҥкэ нэһилиэгин, Сунтаар улууһун, СӨ Бочуоттаах олохтооҕо П.К.Яковлев этиитинэн түмүктүүбүн.
—Бүгүҥҥү турнир хас биирдии кыттааччытыгар, Сунтаар Элгээйи уонна Тэҥкэ нэһилиэктэри олохтоох дьаһалталарыгар, Элгээйи орто оскуолатын кэлэктиибигэр, күрэхтэһии тэрийээччилэригэр бэйэм уонна оҕолорум ааттарыттан махталбын тириэрдэбин. Тус олоххутугар ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, үөрүүнү, дьолу-соргуну баҕарабын.
Бэйэм начаалынай кылаастан саҕалаан саахымакка оонньуубун. Онтубун билигин даҕаны салгыыбын. Табаарыһым С.Е.Софроновы кытары ый аайы көрсөн саахыматтыыбын. Кэргэним Ирина Николаевнаны кытары оонньообут саахымаппынан. Онтубун билигин да кэриэс гынан илдьэ сылдьабын, -диир 97 саастаах Петр Константинович.
Ити курдук хамсык ыарыы хааччаҕар хаайтаран олорбут Элгээйи нэһилиэгин олохтоохторо эдэрдиин-эмэнниин саахымат тула мустан, көрсөн, сэһэргэһэн, күрэхтэһэн, астынан, дуоһуйан тарҕастылар.
Милан АФАНАСЬЕВ.