Күһүҥҥү сөрүүн тыал суол кытыытыгар үүммүт иинэҕэс хатыҥнартан сэбирдэхтэри тамныыр. Дьокуускай куоракка тоҕо эрэ күһүн өрүү курус. Ыксаабыт массыыналар асфальт быылын өрүкүтэн сыыйылыннара ааһаллар. Куорат киинигэр дьэндэйбит сэттэ этээстээх дьиэ иннигэр джип массыына кэлэн тохтоото. Массыына иһиттэн икки эдэр уолаттар түстүлэр.
Сарсыарда дьахтар долгуйбут эмиэ да өрүкүйбүт лыҥкынас саҥата: «Утуйа сытар да, түүн хаска кэлбиккитий?», — диирэ иһиллэр.
Ньургун утуйбута буолан сыттыгар умса түһэн сытта. Бу билбэт ыалын дьиэтигэр соһуччу кэлэн хаалбытыттан иһигэр кэмсинэ, кыбыста саныы сытта.
Күһүҥҥү чэбдик сарсыарда Ньургун үөрэнэр сирин ГУК диэки хааман истэҕинэ, иннигэр джип массыына хорус гына тохтообута. Түннүк оргууй аһыллан сыыйылыннарбыта уонна эдэр киһи өҥөс гынан: «Ньургуҥҥун дуо?» диэн ыйыппыта. Ол күнтэн ити джиптаах уол уонна Ньургун ыкса доҕордуу буолбуттара. Кинилэри ситимниир арай тымырдарынан сүүрэр биир хаан этэ. Бу Ньургун бииргэ төрөөбүт убайа Саша диэн номнуо үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, биир тутаах тэрилтэҕэ инженердиир уол этэ.
Ньургун оҕо сааһа өрүс уҥуор баар биир кыракый нэһилиэккэ ааспыта. Соҕотох ийэ тапталыгар бигэнэн ааспыт сырдык оҕо сааһа билигин устудьуон буолбутун кэннэ минньигэс түүл курдук көстөрө.
Ньургун кыахтаах, үс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрдүс уол оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оччолорго УЗИ өҥөтө суох кэмигэр, дьиэ кэргэн кыыс оҕону көһүппүт үөрүүтэ туолбатаҕа. Инньэ гынан, Ньургуну, баара суоҕа биэс ыйдааҕар, ийэлээх аҕата сүбэлэһэн баран, оҕото суох чугас доҕотторугар иитиэх биэрбиттэрэ. Иитэ ылбыт ыал Сыроватскайдар бу уолу оҕолорун курдук ииппиттэрэ. Сэмэннээх Мотя оҕоҕо ис сүрэхтэриттэн ылларан, баардарын-суохтарын барытын бу оҕоҕо анаабыттара. Ньургун уон саастааҕар аҕата муҥхалыы сылдьан суорума суолламмыта. Онтон ыла ийэтэ Мотя оҕотун соҕотох ииппитэ. Тоҕо эрэ кини чугас дьүөгэтэ аахха, Ньургун дьиҥнээх төрөппүттэригэр, оҕону көрдөрбөккө, бэйэтин чуумпу, ыраас эйгэтигэр ииппитэ. Уолчаан үс бииргэ төрөөбүт убайдарын кытта алтыспакка улааппыта. Киэһэ ахсын ийэтин кытта остуоруйалаһар, кинигэ ааҕар этилэрэ.
Ол чуумпу сырдык эйгэ быыһын сэгэтэн, кини бииргэ төрөөбүттэрэ уолу буланнар, бу дьиҥнээх кини улаатыахтаах , түөрт хостоох куорат киинигэр баар дьиэҕэ аҕалбыттара. Ньургун кыра убайын Сашаны кытта түүҥҥү кулууп кэнниттэн үргүлдьү кэлсибитэ. Оттон ити саҥарар дьахтар, кини төрөппүт ийэтэ эбит. Ньургун кыбыстан саҥата суох сыппыта. Кини билигин тахсан туох диэҕэй. Биэс ыйдааҕар киниттэн аккаастаммыт төрөппүт ийэлээх аҕатыгар тугу этиэн билбэт этэ. Таах-сибиэ кэлсэммин диэн уол иһигэр кэмсинэ саныы сыттаҕына, Саша хос иһин өҥөйөөт: «Хайа, уһуктубуккун дуу, ийэлээх аҕабыт кэллилэр, тур, таҥын уонна тахсыах», — диэн онто суох кыбыстан сытар уолу ууга-уокка түһэрбитэ. Тэҥнэһиэ дуо, уол туран олоппоско сытар бэҕэһээҥҥи кулууп табаҕын, буруотун сытынан аҥкылыйар сибиитэрэтин уонна ыстаанын ылан кэтэн эрдэҕинэ, убайа Саша: «Тохтоо эрэ, пахай бу барыта буруо сыта, мэ, маны кэт» диэт, сырдык лаахтаах ыскааптан сабыс-саҥа спортивнай көстүүм ороон биэрдэ. Ньургун маннык мааны, фирменнэй көстүүмү көрөн иһигэр астына санаата. Ону таайбыттыы убайа: «Ньургун, ити убайгыттан эйиэхэ бастакы бэлэх» диэн маҥан тиистэрэ кэчигирэһэн убайа аһаҕастык мичээрдээтэ. Бу кыаһаан, чох хара харахтардаах орто уҥуохтаах эдэр киһи, Ньургунтан быһыылыын-таһаалыын атын этэ.
Ньургун хостон тахсыбыта, дьиэ кэргэн бары мустан остуол таһыгар куукунаҕа үмүөрүспүттэр этэ. Икки улахан убайа Сашаттан арыый эттээх соҕустар, номнуо эдэр саастарыгар истэммит буоланнар, арыый саастаах соҕус көрүҥнээхтэрэ. Ньургун сирэйин сууралана-сууралана куукунаҕа киирбитэ, кинини утары бэйэтин сааһыгар эдэр көрүҥнээх, толору эттээх-сииннээх сырдык дьахтар утары кэлэн кууһа түспүтэ. Ол кууһан турдаҕына, кыаһаан сирэйдээх орто уҥуохтаах киппэ киһи, куустуһан турар уоллаах ийэни курдуу кууспута. Дьахтар уйадыйан харахтарын уутун соттубута уонна: «Оҕом сыыһа, Ньургунум эр киһи буолбуккун дии…» диэт бөтөн ылбыта. Аҕалара уолун санныттан таптайбыта уонна: «Ньургун, түөрт уолбун төрдүөннэрин көрөр дьоһун дьолу билэр эбиппин», дии-дии көхсүн этиппитэ. Ити Василий Тимофеевич долгуйдаҕына көхсүн этитэр үгэһэ эдэр эрдэҕиттэн баара. Ийэ киһи Галина Ивановна долгуйбут тэтимин ыһыктыбакка, номнуо тардыллан турар мааны остуолга тиийэн ону-маны көннөрбүтэ буолбута. Оттон Ньургун барахсан муммут кус оҕотун курдук толору дьиэ кэргэн сүпсүлгэнигэр алҕас кэлэн хаалбыттыы санаммыта. Икки улахан убайдара, бырааттара аанньа аһаабакка дьарамайын хаадьылаабыттара. Бу сүпсүлгэнтэн, дьиҥнээх төрөппүт дьиэ кэргэнин атыҥырыы санаабыт уолчаан, хаста даҕаны тахсан сүүрэн хаалыан саараабыта. Кини ииппит ийэтин Мотяны санаан кэлбитэ. Кини ийэтэ таба курдук нарын харахтарынан имэрийбиттии көрөр. «Ньургун, чээйдиэх» диэн судургутук ыҥырааччы. Кини хаһан даҕаны өрүкүйэн аймаммат. Холку, наҕыл. Оттон аҕата биир оннук чуумпу киһи этэ. Уолчаан бу туран кыл түгэҥҥэ арааһы санаан аһарбыта. Арай чахчы, кинини ииттэрэ биэрбэтэх буоллуннар, дьылҕата хайдах салаллыа эбитэ буолла. Эмиэ бу Саша курдук атаах, мааны таҥастаах, барбах эрэ джип массыынанан сүүрдэ сылдьыа бэйэкэтэ эбитэ дуу. Кини ийэлээх аҕата кыахтаах ыал, тоҕо киниттэн, буолаары буолан мурун бүөтэ кыра уолларыттан аккаастаммыттара буолуой? Ону санаан кэллэҕинэ, Ньургун тыына хаайтарар. Бачча сааһыгар диэри билбэккэ сылдьыбыт кистэлэҥиттэн абара саныыр. Кини өйдүүр, үөрэххэ киирэн кылааһын оҕолорун кытта бэлиэтээн кэлбит киэһэтигэр, ийэтэ эргэ хаартыскалардаах альбому дьыбааҥҥа тэлгэтэн олорор этэ. Уолчаан үөрэн чаҕылыйан киирбитигэр, ийэтэ: «Ньургун, кэлэн көр эрэ, бу эн биэс ыйдааххар» диэн ол курус кэпсэтиини саҕалаабыта. Уолчаан бу иннигэр олорор саамай чугас, саамай күндү киһитэ кинини төрөппөтөҕүн билбитэ. Тоҕо бүгүн, кини сөбүлэһэн, киниттэн аккаастаммыт ыалга хонон турбутун кэмсинэ санаабыта. Ийэтин Мотяны аһыммыта. Ийэтэ уолун атаара туран: «Убайдаргар чугаһыы сатаар…» диэбитэ. Онтон ис сүрэҕэр, дууһатыгар чуумпу мучумаан баара. Кини долгуйар уонна куттанар этэ. Санаатыгар, уолчаан киэҥ килэйбит-халайбыт дьиэлээх, кыахтаах төрөппүттэригэр тиийэн, убайдарын кытта алтыһан ийэтин соҕотохтуу хаалларыах курдуга. Ол да буоллар, кини сүрэҕин чопчутугар, Ньургунугар дьолу эрэ баҕарара. Бу эбит этэ ийэ истиҥ, бэринииилээх, муҥура суох таптала. Ол кини төрөппүтүгэр дуу төрөппөтөҕөр дуу буолбатах. Кини киһи-хара гынан иитэн, биэбэйдээн улаатыннарбытыгар этэ. Уолчаан ийэтин кууспута уонна: «Ийээ, куттаныма, мин эйигин хаһан даҕаны быраҕыам суоҕа. Кинилэр миигиттэн аккаастаммыттара. Оттон мин эйигиттэн хаһан да акаастаныам суоҕа» диэн киэҥ, хара харахтарынан ийэтин утары көрбүтэ. Дьахтар сымнаҕас илиилэринэн уолчаанын иэдэһин имэрийбитэ уонна: «Этэҥҥэ сылдьаар, төлөпүөннээр өрүһү туораатаххына» диэн эппитэ.
Ньургун ийэтин хаһан да таҥнарыа суоҕа. Ол таҥнрыыны кини бу дьоҥҥо истиҥник сыһыаннаһарга көрөрө. Онон кинини кууспут төрөппүт ийэ илиилэриттэн улаханнык уйадыйбатаҕа. Ама, бу мин ийэм үһү дуо диэбиттии ыраахтан бэйэтин кэтээн көрбүтэ. Ыал дьон, дьэ, остуолга олорбуттара. Ньургуну ортолоругар олордубуттара. «Аһаа, кыбыстыма», — дии-дии ийэтэ уолугар ас арааһын чугаһаппыта. Микроволновка оһоххо сылытыллыбыт бэрэскини убайдара сүөгэйгэ былаан сиэн мотуйаллара. Ньургун бу өлгөм астаах остуолтан тугу булан аһыан билбэтэҕэ. Кини санаалыын мунан хаалбыта. Ханнык эрэ киинэҕэ оонньуу сылдьар артыыс курдук санаммыта. Аат харата чэйин сыпсырыйаат, остуолтан ойон турбута уонна: «Мин уопсайбар бардым» диэбитэ. Уол эмискэ ойон турбутун соһуйбуттуу көрбүттэрэ. Ол онно кыһамматаҕа буолан Ньургун атаҕын таҥаһын кэтээри аан таһыгар чугаһаан кэлбитэ. Ол туран хараҕын кырыытынан көрбүтэ, ийэтэ салапааҥҥа бэрэски уган эрэрэ. Аҕалара уолга утары хааман кэлэн: «Олорон чээйдии түһүөххүн, ийэҥ наһаа долгуйбут ээ» диэбитэ. Ити «ийэҥ» диэн тыллартан уол сүрэҕэ аһыйбыта. Кини ийэтэ онно бэйэтин чуумпу олоҕор аймана, саҥата суох долгуйа олордоҕо. Үс уол амарах ийэтэ аккаастаммыт оҕотун аайы долгуйбат ини дии санаат, дьахтар куукунаттан тахсыыта уол таһырдьаны былдьаспыта. Таһырдьа тахсаат, сибиэһэй салгыны түөс муҥунан эҕирийбитэ уонна туохтан эрэ куотардыы сүүрбүтэ. «Кыыс буолбатахпын иһин аккаастаммыттара…» диэн батыһар санаалартан куотар курдуга. Бу сүүрэн истэҕинэ, кэннигэр массыына сигналлаабыта. Ити кыра убайа Саша этэ.
Ньургун, дьиэбитигэр төннүөх, бачча эйигин булан баран, аны ыыппаппыт. Дьиэ кэргэҥҥэр эргиллибит курдук санан», — диэбитэ. Онуоха Ньургун убайын утары көрбүтэ уонна: «Мин уопсайбар барыам, Саша, миэхэ билигин чахчы ыарахан. Барыта атын. Кэлин төлөпүөннэһэ сылдьыахпыт» диэн этээт, кэлбит автобуска сүүрэн киирбитэ. Арай төлөпүөнэ тыаһаабытыгар көрбүтэ, ийэтэ эрийэр эбит.
Алло, дорообо ийээ, — диэн ииппит ийэтин куолаһын истэн дьэ, уоскуйбута. Онуоха ийэтэ:
Тоойуом, хайа, көрүстүҥ дуо. Өсөһүмэ Ньургун. Ити төрөппүт дьонуҥ, кинилэртэн тэйимэ. Эн соҕотох буолбатаххын. Убайдаргын кытта биир сутурук курдук тутус тоойуом, — диэн кини санаатын таайбыттыы уоскутар тыллары эппитэ.
Ийээ, эн олох долгуйума, саҥа дьылы уруккубут курдук иккиэн эбэлээхпитин кытта бэлиэтиэхпит. Икки ый хаалла, — диэн атыны кэпсээн барбыта. Ситим аннараа өттүгэр наҕыл куолас долгуйан бөтөн ылбыта. Ити ийэтэ барахсан Мотя ытыыр этэ. Кини оҕо төрөтөр дьолун төһө даҕаны билбэтэр, уйаҕас, аһыныгас санаалаах уол оҕону иитэн таһаарбытыттан үөрэн ытыыра. Ньургун ийэтин куолаһын истэн биллэ эрдийбитэ. Ийэтэ сөпкө этэр. Бииргэ төрөөбүттэриттэн чахчы, тэйэрэ сыыһа. Хаан биир буоллаҕа. Ол хааны уунан сууйбаккын.
Сырдык дьыбааҥҥа хараҕын уутун сотто-сотто, эргэ альбому арыйталаан көрө уол төрөппүт ийэтэ Галина саҥата суох олороро. Онно саҥа төрөөн тахсыбыт Ньургун, ийэтин түөһүгэр сытара. Бу саһаран эрэр хаартыскаҕа ийэ уонна оҕо бииргэлэр этилэр. Дьахтарга эмискэ ол 18 сыллааҕы оҕотун минньигэс сыта муннагар кэлэргэ дылы буолбута. Ытаан эйээрэр куолаһа иһиллэргэ дылыта…
Дьахтар төрдүһүн уол оҕоломмута. Оҕото суох доҕотторо истэн: «Кыыска баҕарбыт дьоҥҥо эмиэ уол оҕо кэлбит, уолгутун биһиэхэ биэриҥ», — диэн оонньуу былаастаан эппиттэрэ. «Онньообутуҥ оҕус буолар» диэн өс хоһоонунуу, ханнык санааҕа баһыйтаран бэһис ыйыгар диэри эмиийин үүтүнэн эмсэхтээн кэлбит кырачаанын туора дьоҥҥо утары ууммутун, олорбутун тухары өйдөөбөтөҕө. Бэйэтин ол курдук бырастыы гымматаҕа. Онуоха, кэргэнэ да улаханнык утарбатаҕа. Ол оҕотун биэрбит күнүттэн кини сүрэҕэ уоскуйбатаҕа. Дьүөгэтинээн Мотялыын мед кииҥҥэ уол үстээҕэр көрсүбүттэрэ. Ньургун чоҕулуччу көрөн кырачаан бэйэтэ тоотойо хаамарын ымсыыра көрбүтэ. Оҕотун, сүрэҕин чопчута курдук саныыр эһээхийин мүлчү туппутун онно дьэҥкэтик өйдөөбүтэ.
Дьахтар бу курдук 18 сыллааҕы хаартыскалары сыымайдыы олордоҕуна, кэргэнэ Василий кэлэн оргууй санныттан кууспута.
Хомойума, доҕоччуок, уолбут этэҥҥэ эрэ сырыттын. Мотялаах Сэмэн ити оҕону иитэр дьылҕалара тардан, ол сыл биһигиттэн арахпатахтара. Оҕолорун сүтэрбит, аны хаһан даҕаны оҕоломмот буолбут доҕотторбутугар бэйэбит чыычаахпытын бэлэх ууммуппут. Ньургун кэлин өйдүөҕэ дии саныыбын, — диэн холкутук саҥара олорбута. Эрин саҥатыттан куруук уоскуйар Галина, бу да сырыыга уоскуйан, өрө эрэ тыыммыта. Арай иһигэр олоҕун 18 сылын ким эрэ былдьаабыт, уоран ылбыт курдуга…
Дьылҕа диэни ким билбитэ баарай. Барыта ыйаах буоллаҕа дуу…
Оттон таһырдьа салгын биллэ ырааһыран, дьайҕаран, күһүҥҥү көмүс кыырпахтарынан ыспахтыыра. Инникитэ биллибэт тыргыллар олох аартыгар Ньургун эрэллээх этэ. Ол эрэл хаһан баҕарар тапталтан, ийэ күүстээх тапталыттан бигэнэн үүнэн тахсар бар дьоҥҥо, кэрэ аҥарга, төрөөбүт дойдуга уонна төрөппүт оҕоҕо…
Ульяна ЗАХАРОВА.