Ийэ күнүнэн иһирэх хоһооннор

Бөлөххө киир:

Анна Иннокентьевна Николаева-Лэгэнт ХИФУ Мэдиссиинэ институтун пропедевтическай уонна факультетскай терапия кафедратын кэбиниэтин сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 2001 сылтан хоһоон суруйар.

edersaas.ru

“50 сааспын туоларбар бу олохпор туох туһалааҕы оҥордум дии саныы сылдьан, эмискэ Наталья Михалева-Сайа “Үрүҥ түүн” хоһооннорун хомуурунньугун ааҕан баран, наһаа да сөхпүтүм. Сыыйа-баайа хайдах эрэ иэйии киирэр курдук буолан, уонча хоһоону суруйбутум. Инньэ гынан, үбүлүөйүм киэһэтин кэнниттэн кылааһынньыктарбар, төрөппүттэрбэр алааһым ахтылҕаныгар анаабыт хоһооннорбун ааҕан иһитиннэрбитим”, – диэн Анна Николаева кэпсиир уонна Арассыыйа Ийэлэрин күнүнэн ийэҕэ анаабыт хоһооннорун бэлэхтиир.

Ийэм мичээрэ

Ийэм истиҥ мичээрэ

Иҥмит эбит – мин нарын дууһабар,

Ийэм илиитин сылааһа

Иҥмит эбит – мин уйан сүрэхпэр.

Ийэм мааны майгыта

Хаалларбыт эбит – бар дьоҥҥо махталы,

Ийэм сайаҕас санаата

Сахпыт эбит – бар дьоҥҥо сылаас сыһыаны.

Ийэм истиҥ мичээрин

Мин билигин да суохтуубун,

Ийэм истиҥ мичээрэ

Миэхэ мэлдьи сыдьаайдын.

МИН ИЙЭМ

Мин ийэм үүттэх, итии, хойуу чэйин

Ахталлар билигин да үгүстүк.

Мин ийэм ынаҕын

Илгэлээх, сылаас үүтүн иһэн

Улааппыттарын өйдүүллэр үгүс оҕолор.

Мин ийэм түбүктээх, ыарахан үлэттэн

Чаҕыйан турбутун билбэппин,

Мин ийэм хотуулаах, самныбат санаата

Кыайара ээ ханнык да ыар кэмнэри.

Мин ийэм олоххо дьулуурун

Өйдөөммүн сөҕөбүн билигин,

Мин ийэм олорбут олоҕо

Түстээбит эбит – олоххо тулууру.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru cайт

Николай Иннокентьев уруһуйа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0