Дойду аҕа баһылыга Владимир Путин Ийэ хапытаалын 2021 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһатарга этии киллэрдэ.
Санатар буоллахха, Ийэ хапытаала Арассыыйаҕа 2007 сылтан үлэлиир. Бу уон сыл устата Ийэ хапытаала чахчы көдьүүстээҕин көрдөрдө. Дойду үрдүнэн 8 мөлүйүөн кэриҥэ дьиэ кэргэн сертификаты ылбыта, кинилэртэн 56 %-нара Ийэ хапытаалын үбүн-харчытын туһаннылар. Онон 4,7 мөлүйүөн дьиэ кэргэн ипотеканы толору эбэтэр сорҕотун төлөөн бүтэрдилэр. Ону тэҥэ 410 тыһыынча сайаапка оҕону үөрэттэрэргэ, 3,5 тыһыынча сайаапка ийэ биэнсийэтин эбэргэ ыытыллыбыт.
Инфляцияттан көрөн, Ийэ хапытаалын суумата сыл аайы улаатан испитэ. 250 тыһ. солкуобайтан саҕалаан, 2018 сылга 500 тыһ. солк. тиийиэхтээх диэн этэ да, кириисис буолбутунан, Ийэ хапытаала 2016 сылтан үрдүү илик. Ол да буоллар, уон сыл иһигэр 81% үрдээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох
Аан бастакыттан Ийэ хапытаалын болдьоҕо 2017 сылга диэри диэн этэ. Ол эрээри 2019 сылга диэри уһаппыттара. Онтон бу 2022 диэри уһаата.
Ону тэҥэ кыаммат ыаллар Ийэ хапытаалыттан ый аайы ылан туһаныахтарын сөп буолла. Холобур, оҕону икки ыйыттан саҕалаан, көрүүгэ-харайыыга, эбии үөрэтиигэ туһаныахха сөп. Ийэ үөрэҕин салҕыырыгар, эбэтэр үлэлии тахсарыгар билигин хапытаалтан туһааннаах сууманы ылан, чааһынай оҕо саадын, эбэтэр ньээҥкэ өҥөтүн төлүөн сөп.
Ангелина Васильева, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru