Ийэ хапытаала – оҕолоох ыалга бэриллэр судаарыстыба өйөбүлүн биир көрүҥэ. Ийэ хапытаалын туһанарга анал сэртипикээт баар буолара ирдэнэр. Сэртипикээти сокуонунан бигэргэтиллибит хас да көрүҥүнэн туһаныахха сөп. Бүгүн ол туһунан сиһилии кэпсиэхпит.
Олорор дьиэни-уоту тупсарыыга, оҕо үөрэҕэр, ийэ биэнсийэтигэр (накопительнай), инбэлиит оҕоҕо аналлаах өҥөҕө, табаарга туһаныахха сөп. Маны таһынан, 2018 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ ыал иккис оҕотугар күн сирин көрдөрдөҕүнэ (эбэтэр ииттэ ыллаҕына), ый аайы бэриллэр көмө төлөбүр быһыытынан эмиэ ылыахха сөп. Барытын биир кэмҥэ эбэтэр чааһынан үллэрэн туһанаргыт – бэйэҕит көҥүлгүт. Холобур, сорох чааһын ыйдааҕы төлөбүр быһыытынан туһаныаххытын, сорох чааһын ипэтиэкэҕэ угуоххутун сөп.
КЭЭМЭЙЭ ТӨҺӨНҮЙ?
Быйыл, ол эбэтэр 2021 сылга, Ийэ хапытаалын кээмэйэ хаһыс оҕо ханнык сылга төрөөбүтүттэн (ииттэ ылбытыттан) тутулуктанан тыырыллар.
• Өскөтүн ыал маҥнайгы оҕото 2020 сылга диэри, оттон иккис оҕото 2020-2021 сс. төрөөбүт (ииттэ ылбыт) буоллаҕына, иккис оҕоҕо 639 431,83 солкуобай көрүллэр.
• Икки оҕо иккиэн 2020 сыл иннинэ төрөөбүт буоллахтарына, иккис оҕоҕо – 483 881,83 солкуобай.
• Ыал соҕотох оҕото 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ төрөөбүт буоллаҕына – 483 881,83 солкуобай.
• Маҥнайгы оҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ төрөөтөҕүнэ – 483 881,83 солкуобай, тута иккистэннэҕинэ – 155 550 солкуобай.
• Маҥнайгы уонна иккис оҕо 2007 сылга диэри төрөөбүт, оттон үһүс оҕо 2020 с. кэннэ күн сирин көрдөҕүнэ – 639 431,83 солкуобай
ХАПЫТААЛ ХАРЧЫТЫН ОҔО БЭЙЭТЭ ЫЛЫАН СӨП ДУО?
Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор уонна күнүскү үөрэххэ үөрэнэр 23 сааһыгар диэри ыччат биир эрэ түгэҥҥэ бэйэтэ ылара көҥүллэнэр. Өскөтүн оҕо аҕата эбэтэр ииттэ ылбыт киһи Ийэ хапытаалыгар бырааба тохтоотоҕуна, итиэннэ оҕо соҕотох төрөппүтэ – ийэтэ – бырааба быһылыннаҕына. Уопсайынан, оҕо ийэтэ да, аҕата да (ииттэ ылбыт киһи) Ийэ хапытаалын туттар бырааптара быһылыннаҕына, оҕоҕо бэйэтигэр бэриллиэн сөп. Сорох түгэҥҥэ манна эпиэкэ уорганнара кыттыһаллара ирдэнэр.
ИЙЭ ХАПЫТААЛЫГАР ХАҺАН БИЭРИЭХХЭ СӨБҮЙ?
Ийэ хапытаалын усулуобуйатыгар (оҕо төрөөбүт сылларынан үөһэ быһааран суруйдубут) хапсар түгэҥҥитигэр сэртипикээт ылар кыахтанаҕыт. Холобур, ыалга маҥнайгы оҕо 2007 с., онтон иккис оҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күннэрин кэннэ төрөөбүт буоллахтарына, тута сэртипикээт бэриллэр. “Госуслуги” порталга сайабылыанньа суруйан эбэтэр “проактивнай” ньыманан ылыаххытын сөп.
Сэртипикээт Ийэ хапытаалын туһанарга быраабы бигэргэтэр.
Сайабылыанньаҕа тирэҕирэн сэртипикээт суумата бигэргэнэр:
• бэйэҕитигэр табыгастаах ханнык баҕарар кэмҥэ: ипэтиэкэҕэ, инбэлиит оҕо адаптациятыгар аналлаах табаарга, оскуола иннинээҕи үөрэххэ, иккис оҕоҕо (2018 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ төрөөбүт буоллаҕына) ый аайы көрүллэр төлөбүр быһыытынан.
• Үс сылынан: ипэтиэкэтэ суох дьиэни-уоту тупсарыыга, оҕо үөрэҕэр, ийэ биэнсийэтигэр (накопительнай).
САХА СИРИНЭЭҔИ ИЙЭ ХАПЫТААЛА
Өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ туһунан Ийэ хапытаала көрүллэр: ыал иккистэннэҕинэ, 190 тыһыынчаттан тахса солкуобай суумалаах харчыны судаарыстыбаттан көмө быһыытынан ылар. Федеральнайтан
уратыта диэн, Саха сиринээҕи хапытаал харчытын, холобур, массыына атыылаһарга туһаныахха сөп. Ил Дархан Айсен Николаев өссө 2019 сыл саҥатыгар “Оҕо төрөөһүнүн элбэтэргэ туһуланар эбии миэрэлэр” ыйаахха илии баттаабыта. Бу докумуоҥҥа олоҕуран өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын сууматын бигэргэппиттэрэ. Маны таһынан, маҥнайгы оҕо төрөөтөҕүнэ, биир кэмнээх уонна үһүс, төрдүс, онтон кэлэр оҕолор үстэрин туолуохтарыгар диэри ый аайы бэриллэр көмөлөр бааллар. 2019-2024 сс. оҕолоох ыалларга уопсайа 19,5 миллиард солкуобай федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көмө быһыытынан көрүллүөҕэ.
edersaas.ru