Ийэ хапытаалын эмтэнэ барарга туһаныахха сөп

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын эмтэнэ барарга айан ороскуотугар ыытыахха сөп дуо? Ил Түмэҥҥэ бу туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар.


Бу боппуруоһунан Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова дьарыктанар. Кини этэринэн, тохсунньу 25 күнүгэр көннөрүүлэри, этиилэри ылынан баран, сокуон олоххо киириэхтээх.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала 2011 сыллаахха олохтоммута. Билиҥҥи кэмҥэ суумата 139 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала суумата сыл аайы улаатан иһэр.

2011 сылга — 100 000 солкуобайга;

2012 сылга – 106 200 солкуобайга;

2013 сылга – 112 784,40 солкуобайга;

2014 сылга — 119 325,90 солкуобайга;

2015 сылга — 125 888,8 солкуобайга;

2016 сылга — 133 190,35 солкуобайга;

2017 сылга – 139 716 солкуобайга тэҥнэспитэ.

Ийэ хапытаалын оҕо үөрэнэригэр, эмтэнэригэр, олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга, ипотека төлөбүрүгэр, массыына ыларга, хаһаайыстыбаны сайыннарарга, оҕолортон биирдэстэрин куруорка сынньатарга туттуохха сөп. Ону тэҥэ бу сууматтан 15 тыһ. солк. ылан, ханнык баҕарар наадаҕа туттуохха сөп.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0