Уһук Илин түөрт эрэгийиэнигэр (Саха сирэ, Чукотка, Бурятия, Сахалин) федеральнай бүддьүөттэн Ийэ хапытаалыгар эбии 130 тыһыынча солкуобайы көрүөх курдуктар. Ол туһунан РФ үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Максим Топилин иһитиннэрдэ.
Билигин федеральнай Ийэ хапытаалын суумата 453 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Кэлэр сылтан манна эбии 130 тыһ. солк. биэриэхтэрин сөп. Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала буолбатах, федеральнай бүддьүөттэн кэлэр үп.
Соторутааҕыта министиэристибэҕэ Уһук Илин эрэгийиэнигэр төрөөһүнү элбэтэргэ туһуламмыт миэрэлэри эбии киллэрэр туһунан кэпсэттилэр. Холобур, үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ биирдэ бэриллэр босуобуйаны эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин икки бүк сууматыгар тэҥнээн ааҕыллыахтаах.
Быһааран биэрдэххэ, Арассыыйаҕа 2012 сылтан үһүс оҕоҕо биирдэ бэриллэр босуобуйа төлөнөр. Босуобуйа кээмэйэ – тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнэһэр. Ол гынан баран, төрөөһүнү элбэтэр сыалтан, эрэгийиэннэргэ барыларыгар биэрбэттэр. Төрөөһүн коэффициена иккиттэн аҕыйах буоллаҕына эрэ, бэриллэр. Оттон Саха сиригэр төрөөһүн коэффициена иккиттэн элбэх буолан, бу босуобуйаҕа тиксибэт этэ.
Оттон билигин Уһук Илин бу түөрт эрэгийиэнигэр төрөөһүн коэффициенын аахсыбакка, 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үһүс оҕоҕо икки бүк улааппыт босуобуйа төлөнөр буолла диэн Максим Топилин эттэ. Онно Саха сирэ хапсыбыта үөрүүлээх. Үһүс оҕоломмут төрөппүттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын сэргэ, бу биирдэ бэриллэр босуобуйаны эмиэ ылыахтара.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru