2024 сыл олунньу 1 күнүттэн федеральнай Ийэ хапытаалын суумата 7,5 %-нан үрдүөҕэ. Маны тэҥэ, бу хапытаал сэртипикээтин туһана илик дьиэ кэргэттэргэ эмиэ үрдүөхтээх.
Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 55 540 дьиэ кэргэн сэртипикээттэрин өссө толору туһана иликтэр.
Холобур, Ийэ хапытаалын сууматыттан сороҕун эрэ туһаммыт буоллахтарына, хаалбыт чааһа 7,5% үрдүүр. Онтон биирдэ да туһана илик буоллахтарына, индексация кинилэргэ саамай үрдүк буолар. Ол эбэтэр, сэртипикээттэрин туһана илик дьоҥҥо 44 тыһыынча солкуобайынан үрдүөҕэ.
Онтон кэлин төрөөбүт иккис оҕоҕо үрдэтиллибит Ийэ хапытаала анаммыт уонна ону туһана илик буоллахтарына, индексация 58 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.
Олунньу 1 күнүттэн федеральнай Ийэ хапытаалын суумата бастакы оҕоҕо — 631 тыһыынча солкуобай буолуоҕа. Иккис оҕоҕо үрдэтиллибит хапытаал — 833,8 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.