Ийэ хапытаала: Быйылгы уларыйыылар

Бөлөххө киир:

Владимир Путин Анал этиитин кэнниттэн, Госдуума Ийэ хапытаалын кэҥэтэр, уларытар туһунан сокуон барылын үһүс ааҕыытыгар ылынна. Онон, сүрүн уларыйыы чэрчитинэн, хапытаал харчыта улаатта уонна бастакы оҕоҕо бэриллэр буолла. Бу сыалга уопсайа 325 миллиард солкуобайы көрдүлэр.

edersaas.ru

Ийэ хапытаалын суумата 2016 сылтан үрдээбэккэ турбута. Былырыыҥҥы кээмэйэ – 453 тыһыынча  солкуобай этэ. Бастакы былаан быһыытынан, 2007 сылтан 250 тыһыынча солкуобайтан саҕалаан, 2018 сылга 500 тыһыынча солкуобайга тиийиэхтээх диэн этэ да, кириисис буолбутунан, тохтотон кэбиспиттэрэ. Ол да буоллар, уон сыл иһигэр 81% үрдээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Быйылгыттан Ийэ хапытаала, дьэ, үрдээн, 466 617 солкуобайга тэҥнэстэ. Ону тэҥэ, 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха), дьиэ кэргэттэр эмиэ бу сууманы ылар буоллулар. Онтон иккис оҕолоругар 150 тыһыынча солкуобайы ылаллар, уопсай суумата 616 617 солкуобайга тэҥнэһэр.

Бастакы оҕолоро бу сыл иннинэ, иккис оҕолоро 2020 сылга төрөөбүт буоллаҕына, тута 616 617 солкуобайы ылаллар. Үһүс уонна онтон кэлэр оҕолоро 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөтөҕүнэ (өскөтүн Ийэ хапы­таалын сэртипикээтин ыла илик буоллахтарына), эмиэ 616 617 солкуобайы ылаллар.

Сэртипикээти биэрии судургутуйда

Иккис уларыйыы чэрчитинэн, сэртипикээти төрүүр дьиэттэн тахсарга тута ылыахха сөп буолла. Урукку курдук 15 күнүнэн буолбакка, уһаабыта 5 күн иһигэр сэртипикээти биэрэри быһаарыахтаахтар. Биэрии хаамыыта эмиэ судургутуйда – урукку курдук са­­йабылыанньа суруллара ирдэммэт. ЗАГС отдела электроннай порталлары туһанан, Биэнсийэ пуондатыгар оҕо төрөөбүтүн туһунан иһитиннэрдэҕинэ, ол сөп буолар.

Үсүһүнэн, Ийэ хапытаалын бырагыраамата 2026 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһаан биэрдэ. Ону тэҥэ, сыл аайы суумата үрдээн иһиэ диэн дьоку­тааттар эрэннэрэллэр. Ийэ хапы­таалын оҕону иитэ ылбыт, бэйэлэрин ааттарынан суруйтарбыт ­аҥаардас аҕалар эмиэ ылар бырааптаннылар.

Өссө биир суолталаах уларытыынан, Ийэ хапытаалын туһанар эйгэтин кэҥэтии буолар. Урут оҕо үөрэнэригэр, олорор усулуобуйаны тупсарыыга,  ийэ биэнсийэтин мунньуллар чааһын үрдэтиигэ, инбэ­лиит оҕолор социальнай адапта­цияларыгар эрэ туһанар көҥүллэнэрэ.

Билигин дьиэ туттарга, өрөмүөннүүргэ туһаныахха сөп буолла. Усулуобуйата – босхо туһанарга бэриллибит учаастакка бастайааннай олоруу ирдэнэр. Холобур, Уһук Илин гектаарыгар дьиэ туттар буоллахха, туһаныахха сөп.

“Судаарыстыба аҕа баһылыга оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ быһаччы көмөлөһөр соругу туруорар. Анал этиитин биир улахан көҕүлээһинэ буолар”, — диэн Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Чахчыта, ыал буолан баран, араас төрүөтүнэн оҕолоно охсорго тиэтэйбэт эдэр ыалларга бастакы оҕоҕо сэртипикээт бэриллэрэ биир дьоһуннаах төрүөт буолуон сөп.

Саха сиригэр 86 тыһыынча ыал ылла

Федеральнай Ийэ хапытаала олохтонуоҕуттан, өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 86 тыһыынча киһи ылбыт. Олортон 44%-ра толору туһаммыт. Саамай элбэх сэртипикээт 2009 сыллаахха бэриллибит, ол сыл 8 913 дьиэ кэргэн ылбыт эбит. Холобур, 2018 сыллаахха 5 177 сэртипикээти ылбыттар. Ол аата иккис оҕо төрөөһүнэ 9 сыл устата намтаан иһэр диэххэ сөп.

Былырыын 4 965 ыал сэртипикээтин туһаммыт:

— олорор дьиэни тупсарыыга  3 934 (79,2%) сайабылыанньа;

— оҕону үөрэттэриигэ  586 (11,8%);

— ийэ биэнсийэтин мунньуллар чааһыгар 3 (0,1%);

— иккис оҕо төрөөбүтүнэн ыйдааҕы төлөбүрү ыларыгар 442 (8,9%).

Тоҕус ый түмүгүнэн, уопсай төлөбүр суумата 1 758,8 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспит.

Иккис, үһүс хапытааллар

Саха сиригэр үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьиэ кэргэн хапытаала 2011 сылтан төлөнөр. Суумата — 139 717 солкуобай. 2019 сыл түмүгүнэн, 3 137 дьиэ кэргэн уопсайа 405,4 мөлүйүөн солкуобай суумалаах сэртипикээти ылан, 2 984 ыал номнуо туһаммыт.

Ону тэҥэ, Уһук Илиҥҥэ 2019 сыл тохcунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт иккис оҕоҕо эрэги­йиэннээҕи Ийэ хапытаала бэриллэр буолбута. Бу хапытаал быйылгы эбиллибит суумата – 139 985 солкуобай.

Онон, дьиэ кэргэн үс оҕотугар үс хапытаалы ылыан сөп. Уопсай суумата – 896 320 сол­куобай. Манна оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр бырагыраамаларынан бэриллэр атын төлөбүрдэри эптэххэ, көмө суумата 2 мөлүйүөн иһинэн-таһынан буолар.

Арассыыйаҕа 9,5 мөлүйүөн ыал туһанна

2007 сылтан дойду үрдүнэн 9,5 мөлүйүөнтэн тахса ыал Ийэ хапытаалын ылан туһанна. Бу дьадайыыны утары охсуһарга биир көдьүүстээх ньыма быһыытынан биллэр. Тоҕо диэтэр, элбэх оҕолоох ыаллар үксүгэр кыаммат, тиийиммэт балаһыанньалаах буолаллар.

Ийэ хапытаалын, бастатан туран, олорор усулуобуйаларын тупсарарга ыыталлар. Ипотека бастакы усунуоһугар туттар бобуллар эрээри, кирэдьиит сууматыттан көҕүрэтиэххэ, дьиэ туттарга туһаныахха сөп, бу – оҕолоох ыалга улахан көдьүүстээх.

Сэртипикээти ылбыттартан 7,2 мөлүйүөн дьиэ кэргэн номнуо туһаммыт. Ол иһигэр 6,3 мөлүйүөн сэртипикээти олорор усулуобуйаны тупсарыыга ыыппыттар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0