«Ийэ дойдубун өстөөхтөн көмүскүөхтээхпин»

29.05.2020
Бөлөххө киир:

Саҥа үйэ, саҥа кэрдиис кэм үүннэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр, бүтүн Европаны фашизмтан босхолуур сэрии туһунан, былыр үйэҕэ буолан ааспыт сэриилэри туох да кытыга суох ахтарбыт курдук, «ааспыт үйэ 40-с сылларыгар буолбута» диэн эрэ ахтар кэммит кэлэн эрэр. Мантан кэлин ити сэрии киһи аймах устуоруйатыгар буолан ааспыт сүүһүнэн сэриилэртэн биирдэстэрин эрэ быһыытынан биллиэҕэ. Оннооҕор билигин ити сэриигэ Арассыыйаны кыттыгаһа да суох курдук көрдөрө сатааччылар хончоҥноһон эрэллэр…

edersaas.ru

СЭРИИ ДИЭН ТУГУН БИЛБЭТ ДЬОҤҤО…

Оттон биһиги көлүөнэбит оҕо сааһыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин сабыдыала сүҥкэн оруол­лаах этэ. Биһиги Ийэ дойду иннигэр бэри­ниилээх буоларга, кини но­­руоттарын кытта сомоҕолоһорго, хас биирдиибит Дьоруой буоларга дьулуһан иитиллибиппит.

Мин билигин санаан көрдөхпүнэ, САХА ОМУК биһиги кэккэбитигэр бииргэ тыыннаах сылдьыбыт ТИҺЭХ ДЬОРУОЙУН Николай Саввич Степановы кытта эн-мин дэһэн алтыһа, сэһэргэһэ сылдьыбыт дьоллоох киһи эбиппин! Оруобуна отут сыллааҕыта САХАЛАР өссө үс ДЬОРУОЙ буойуннанан өрөгөйдүүр кэммитигэр үһүөннэрин билиһиннэрэн уочаркалары бэчээттэтэммин бар дьоммор билиһиннэрбиттээхпин.

Хара маҥнайгыттан сэрэтэбин, Саабыс хаһан да ону гыммытым, маны гыммытым диэн сэһэргээбэт идэлээҕэ. Оннооҕор мин кини туһунан кинигэ суруйа сылдьарбын билэр эрээри, бэрт өр буолумматаҕа. “Сэрии диэн тугун билбэт дьоҥҥо, эһиэхэ ол кэп­­сээн да диэн…” диирэ. “Доҕорум Ньукулайым (Н.А. Кондакову этэрэ) баара буоллар, сэһэргэһиэх этибит” диэхтиирэ уонна өрүү уйадыйан ылара. Саабыстыын көрсүстэхпит аайы хайдах эмит эрийэн-муску­­йан, араас ыйытыылары биэрэн, үктэтэн даҕаны, сэрии кэминээҕи мүччүргэннээх сырыыларыттан билэн хаалыахха диэн соругу ту­­руоруммутум. Кинини кытта сорох кэпсэтиибин пленкаҕа уһулбутум уонна ону Бүлүүтээҕи норуот үөрэҕириитин мусуойугар туттарбытым. Онон бэрт элбэх ыйытыы, олуйуу-моһуйуу күүһүнэн Дьоруой сэриигэ хайдах-туох сылдьыбытын, хабыр хапсыһыылартан хайдах кыайыылаах тахсыталаабытын сэрэйиэххэ эрэ сөп түгэннэриттэн бэлиэтэнэр этим. Оччолорго “1990 сыл, балаҕан ыйа” диэн бэлиэтээбит эбиппин. Онно, дьэ, эмиэ туох эмит саҥаны мүччү туттараайабыный диэн, “эриһии” буолбута. Онон кини хорсун быһыытын, мүччүргэннээх сырыыларын туһунан аныгы көлүөнэ дьоҥҥо кэпсээтэхпинэ, мин кэпсиирим наада эбит дии санааммын, бу суруйан эрэбин.

БҮЛҮМҮӨТЧҮК

— Аан маҥнай сэриигэ ханна киирбиккиний?

— Арҕаа Украинаҕа. Умань куорат илин туһаайыытынан. Оборуонаҕа киирэн сыппыппыт. Бүлүмүөтүм олус ыйааһыннаах этэ. Бинтиэпкэ дуу, аптамаат дуу тутан баран атаакаҕа киирэр дьону кытта тэҥҥэ киирэр кыаҕым суох. Ботуруона суох кэмпилиэгэ 70-тан тахса киилэ. Биир лиэнтэтэ 10 киилэ, 200 ботуруон киирэр. Бастаан Корсунь-Шевченковскай төгүрүктээһинин бүтэрэ иликтэринэ тиийбиппит.

Куоракка сэриилэһии ыарахан. Эн аһаҕас сиринэн, уулуссанан киирэ сатаан дьүккүһэҕин, кини саһан туран хайа аанынан, түннүгүнэн ытара биллибэт. Этээстээх дьиэни кирилиэһинэн тахсаҕын, суолгун элбэх гранатанан солоноҕун.

Мин сөмөлүөтү ытыахпын наһаа баҕарар этим да, ыттарбат этилэр. Эйигин буллаҕына, пикируйдуур, үөһэттэн аллара нам­таан, ытан түһэр. Оруобуна биһиги, бүлүмүөтчүктэр, ытарбыт курдук ытар ээ. Ыраахтан өтүүнү субуйа тардыбыт курдук, көбүс-көнөтүк буору бурҕачытан кэлэр. Ориентируйдаан төрдүн көрө сытар киһи төкүнүс гынан биэрэр. Аастаҕа ол дии. Только ыраах тэ­­йиэххэ наада, буулдьата баҕар разрывной буолуо. Биирдэ эмит ориентир ылан баран ытыахха сөп ээ, зажигательнай элбэх буулдьа наада, биир буулдьанан таптыҥ да, уматаҕын.

— Биирдэ эмит ытан көрбөтөҕүҥ дуо?

— Суох буоллаҕа дии, ыттарбаттара ээ…

Ол буулдьанан алҕаска ньиэ­мэс танкистара көрөр түннүктэринэн түһэрдэххинэ эмиэ уматыахха сөп ээ.

— Бүлүмүөттүү сыттаххына, тааҥка утары кэлиитэ баара дуо?

— Биир эмэ түбэлтэ баара буолуо да, ыраах соҕус ини. Тааҥка ити гынан баран, алдьархай кэбирэх курдук буолааччы. Тааҥка утары анал граната­лаах киһи… Элбэх граната наада, ол таһаҕаһа баар ээ. Бириэмэтигэр аҕалаллара наада. Гусеницатын тоҕо тэптэрэҕин. Эбэтэр уматар суурадаһыны холбоон баран быраҕыахтааххын.

— Биир эмэ түбэлтэни кэпсээбэккин дуо?

— Ээ, ол миигин саллааттар быыһааччылар. Кинилэр ол сэптэри алдьатааччылар. Тааҥкалары утары киириилэрэ элбэх буолааччы гынан баран, мин эрэ буолуом дуо, саллаат элбэх буоллаҕа дии…

«ИККИС НҮӨМЭРДЭРИН» ТУҺУНАН

— “Иккис нүөмэр” диэн ааттанар дьонноруҥ сотору-сотору өлөллөрүн туһунан курутуйан ахтааччыгын дии. Сашка диэниҥ өрүһү туораан баран, дэриэбинэни ылыыга охтубут этэ дии. Ити хаһыс киһиҥ этэй?

— Маҥнайгым. Саша Читаттан сылдьар этэ. Кэлин дьон бөҕө солбуллубута, биэс-алта киһи… Доҕотторум Чехословакия, Венгрия томтордоругар хааллахтара… Сашам Румыния границатыгар, Молдавияны туораан баран. Буг өрүскэ өлбөккө таҕыстахпыт дии. Днепри эмиэ туораан баран, Прут өрүскэ снайпер тэһэ ытан кэбиспитэ. Ньиэмэс снайпера 300-350 миэтэрэлээх сиртэн ытан турар. Үрэххэ хаптайан түһэр тимир суол модьоҕотугар быылы бүрүммэтэх от бөлкөйө баарын көрбүтүм уонна уонча ботуруону таһаарбытым. Кэлин сүтэн хаалбыта, сал­­лааттар охтубат буолбуттара. Баран хаалбыта буолуо…

— Иккис киһиҥ кимий?

— Тимофеев диэн этэ. Ытыалаһыыга өлбүтэ, өстөөҕү ту­­руорсан истэхпитинэ, Венгрияҕа. Иккис киһиҥ өллөҕүнэ, атын киһини ылаҕын. Сири кытта сир буола сатыыгын. Үһүс киһим эмиэ бааһырбыта. Онтон төрдүс, бэһис дьон кэлбиттэрэ.

— Бастакы бааһырыыҥ?

— Уҥа атаҕым буута. Киһи кыһыйыах, күрүлүүр күн ортото табан турар. Снайпер эрэ, туох эрэ. Бүлүмүөппэр уонна бэйэбэр ­окуопа хаһа сырыттахпына. Саатар тобуктаан олорон үлэлээбитим ээ. Онтон, буулдьалар табыгыраспыттарыгар, хаптайан эрдэхпинэ таппыттара, аллара төбөбүнэн түһэн истэхпинэ, төбөбүн ха­­рыстыыр ­буоллаҕым дии. Молдавияҕа Бельцы куоракка диэри төттөрү тырылаан кэллэҕим ол. Ый кэриҥэ буолан баран чааспар тиийдим.

— Иккис бааһырыыҥ?

— Иккиһим — Венгрияҕа. Оскуолка. Окуопаттан тахсан өстөөҕү батыһан истэхпитинэ, сөмөлүөт буомбатын оскуолага таарыйда. Трансильванияны төлө түһэн баран, Венгрия хочотугар киирэн баран. Эмиэ атахпын, быттыкпынан, хата, кыратык. Оттон буомба харааран иһэрин көрдөҕүм дии. Онно чугаһаан биэрбэтэҕим, устунан буолаарай диэн сүүрбүтүм, онон өссө тэйиччи 10-ча миэтэ­рэлээх сиргэ түспүтэ да, таппата ээ.

— Буомба түһэн эрэрин көрдүҥ?

— Ээ, хараҕым кырыытынан ыһыктан эрэрин көрөн буоллаҕа дии. Күнүс этэ ээ. Мин сөмөлүөт иһэр өттүн диэки сүүрэ сатаабытым. Ол аата, буомбаҥ аһара түһүөхтээх буоллаҕа дии… Эмиэ бастакым курдук, ый кэриҥэ сыппытым. Онтон снарядка түбэспитим, ыйтан ордон баран Венгрияҕа Чехословакия кыраныыссатын диэки Будапешт куоракка эргиллибиппит, миномет снарядын ос­­куолактара санныбар, атахпар кэлэн түспүттэрэ.

Ити бааһырыы кэнниттэн Николай Степанов хас да судаарыстыба сирин-уотун тилийэ соһо сылдьыбыт станковай бүлүмүөтүттэн дьэ арахсыбыта. Ол туһунан ахтарыгар, дэлэҕэ да: ”Сордоон да биэрбитэ. Ол сэби кыанар эрэ киһи бостууктуур,” — диэхтиэ дуо… Санаан да көрдөххө, өстөөх эмиэ сууһарыылаах огневой точканы-бүлүмүөтү бултаһар буоллаҕа дии. Хайдах эрэ бэйэлээх ­иҥиирдээх буолан, 70-тан тахса киилэлээх сэби өлөр өлүү ардаҕын ортотунан сосуһан сордонноҕо буолла…

«В АТАКУ!»

— Ханна эрэ ыстыыктаһыыга түбэспитиҥ туһунан суруйбуттар этэ дии?

— Эчи суох, доҕор. Ыстыыктаһыы буолбатаҕа, буо­луохтаах этэ да, төттөрү чугуйбуттара. Психологическай атаака оҥорон утары киирэн испиттэрэ. Биһиэхэ «В атаку!» диэн буолла, биһиги бүлүмүөппүт хаалла, мин револьвердаах, ким туох сэптээх үргүччү бардыбыт. Ким хайдах сатыырынан, бирикээс буолла да ылыахтаах сиргэр тиийиэхтээххин…

…Өстөөх, киинэҕэ көстөр курдук, психическэй атаакаҕа киирэн испитэ. Тэбис-тэҥҥэ үктэнэллэрэ, субу тэпсэн ааһыах курдук биир ньыгыл кэккэ буолан дьу­­лаан үлүгэрдик тиҥиргэтэн иһэллэрэ. Окуопа модьоҕотугар ойон тахсыбыт хамандыыр ”В атаку!” диэн кылгастык, дьулааннык хамаанда биэрбитэ. Ким-туох сэптээҕин-сэбиргэллээҕин туппутунан, бары өстөөҕү утары саҥата суох түһүнэн кэбиспиттэрэ. Степанов револьвердаах эрэ этэ: маннык түгэҥҥэ бүлүмүөтү соһуспаккын. Бэрээдэгэ суох, ол эрээри хамсаабат халыҥ халҕаһа буолан сүүрэн испитттэрэ. Доҕотторо субу, саҥата суох, аҕылаһар, көхсүлэрин этитэр уонна ким эрэ, буулдьаҕа табыллан, ”һык” диэн баран охтон хаалаллара иһиллэрэ. Чугаһаатахтарын аайы, буулдьа хойдон испитэ. Биһиги дьоммут сыаптара иккитэ хаптайан сыта түспүттэрэ, тыын ылбыттара. Ол сытан көрдөхтөрүнэ, фашистар ыстыыктарын төбөлөрө күн уотугар сиэмэх үлүгэрдик килбэлдьи­һэллэрэ. Үһүс төгүлүн ойон туран, саба сырсан киирэн эрдэхтэринэ, ньиэмэстэр инники кэккэлэригэр иһээччилэр ньиэрбэлэрэ тулуйбата быһыылаах, хорус гына тохтуу түһээт, тилэхтэрэ харааран барыталаатылар. Инньэ гынан, кэнники иһээччилэр эмиэ буут биллэрдилэр.

Мин Саввич быһыта-орута кэпсээниттэн итинник хартыынаны ойуулаан көрө олордохпуна, киһим бэрт судургутук:

— Дьоннорбут төттөрү “драйдыы” турдулар. Аҕыйах киһилэрин ылан хааллыбыт, — диэн түмүктээн кэбистэ.

Ити Румыния кыраныыссатын чугаһыгар буолбут түбэлтэ үһү. Ким билиэ баарай… Баҕар, ити суос­таах көрсүһүүгэ, кырдьык даҕаны, ыстыыгынан сиһиктэһии буолбута буолуо. Ону кырдьаҕас буойун хойукка диэри түһээн кытта көрөн эрдэҕэ. Дэлэҕэ даҕаны, утуйа сытан, сэрии аймалҕанын саҕа­нааҕы курдук, ыһыытаан-хаһыытаан туран кэлэн соһуталыырын туһунан дьиэлээхтэрэ кэпсиэхтэрэ дуо. Сүрэх бааһа дириҥник сөҥөн сырыттаҕа…

МҮЧЧҮРГЭННЭЭХ КЭМНЭР

— Саввич, биир эмит өстөөҕү билиэн туппут­тааххын дуо?

— Ээ, биир, илиитин таптаран, ытар кыаҕын былдьаппыт ньиэмэһи аҕалбытым.

Мин итиччэ тылы ыһыгыннаран бараммын, Саабыһы дьэ эмиэ эрийдим: хаһан, хайдах этэй? Ким туох диэбитэй? Ону эн хайдах гынныҥ?

— Томскай диэн старшай лейтенант, Сибиир саллааттарынан киэн туттар киһи: “Степанов, кыра уҥуохтаах киһи, эн сыылан тиийэн ньиэмэһи тутан аҕал, биһиги уотунан көмүскүөхпүт. Дэриэбинэ нөҥүө өстөөх төһө күүһэ баарын билиэххэ наада”, — диэн бири­­кээстээбитэ. Бардаҕым дии сыыллан, киһим ыппат. Илиитигэр бааһыран ыарыыланан олорор. “Таҕыc, барыах!” диэтэҕим дии.

Саабыс өстөөх буулдьатын аннынан күрүлүүр күнүс, сири кытта сир буола сатаан сордонон, мүнүүтэ, сөкүүндэ ахсын өлө сыспыт түбэлтэтин кэпсээтэҕэ ити.

— Саамай мүччүргэннээх, ыксаабыт, саллыбыт кэмиҥ ханна этэй, билигин, сэрии ааспыта ырааппытын кэннэ, са­­наан көрдөххүнэ?

— Оһуобай куһаҕан Австрияҕа этэ, онно власовецтар чаастарын утары түбэспиппит. Сатаан обо­руоналанар, маскировкаланар уонна олус киитэрэй этилэр. Ким даҕаны билиэн бэриммэт этэ, бүтэһик гранаталарын, буулдьаларын бэйэлэригэр хаһааналлара.

— Николай Саввич, ити комбатыҥ Аристарх Иванович: ”Сэрии хонуутугар эр санааны уонна героизмы биирдэ эрэ көрдөрбөтөҕө. Олорго туоһу буолбут мин баарбын”, — диэн суруйар эбит дии. Крапивин эн сырыыларгыттан туох тү­­бэлтэлэри көрөн итинник суруйарый?

— Оттон ол өрүһү туораабыппын, онно төһө өстөөх хаптайбытын көрдөҕө дии. Уонна оттон кини тааҥкатыгар олорсо сылдьыбытым, онно өстөөхтөр ыталларыттан чаҕыйбакка, оборуонаны хайдах ыла охсорбун, утары уоту аһар түргэн дьаһалларбын көрөн эрдэҕэ дии. Биирдэ өстөөх табыгастаах баҕайы таас будкаҕа сытан, уулуссаны быһа аһардыбакка ытыалыы сыттаҕына туораабыппыт. Бүлүмүөтү эрдэ быанан баайан баран, уулуссаны туоруу сатыыр саллааттары кытта сосуһан, быһа сүүрэн тахсыбыппыт. Саллааттар үксүлэрэ охтон хаалбыттара… Биһиги бүлүмүөппүтүн соһон ылбыппыт уонна доҕотторбутун иэстэспиппит.

Белоруссияҕа төрөөбүт нуучча киһитэ Иван Туптову кытта Николай Саввич биир взводка, биир ротаҕа сулууспалаабыттара. Карпат хайаларыгар буолбут биир хапсыһыыга иккиэйэҕин эрэ ордон хаалбыттара. Туптов ити ротаҕа сылдьан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбута.

ХОРСУННАР ХОРСУННАРА

— Дьон харса суоҕун сэрии былаһын тухары син көрүстэҕиҥ дии? Кимнээҕи сөҕө саныыр этигиний?

— Ити Крапивиннаах, капитан Шерстовитовтаах 40-с сыллардааҕы Чапаевтар этилэр, өстөөҕү хайаан да кыайыахха эрэ диэн толкуйдаах дьон этилэр. Өстөөх тааҥкаларын утары киирэн булгуччу уматан тахсар этилэр.

Санаан да көрдөххө, Николай Саввич ити дьону кытта бииргэ сылдьыбыт буоллаҕына, ол кэпсэнэр хапсыһыыларга кинилэри кытта аттыларыгар, бииргэ сырыттаҕа дии. Ол да иһин ити дьон киэнэ хорсуннара, харса суохтара биһиги киһибитигэр сүгүрү­йэр уонна хара өлүөхтэригэр диэри сөҕөн-махтайан, ахтан-санаан суруйар эбит буоллахтара…

— Бастакы мэтээли ханныгы ылбыккыный?

— «За отвагу» мэтээл бэрил­лиэҕэ диэбиттэрэ хааллаҕа дии.

— Уордьаҥҥын?

— Украинаҕа, Буг өрүһү туорааһыҥҥа. Араанньы буолуом иннинэ туппутум, Венгрияҕа.

Хонууга сэриилэспит ордук. Бүлүмүөттээх киһи киэҥ сири-­уоту былдьаһар. Кэлин апта­маат, бинтиэпкэ сэбилэммитим. Мотоциклетнай полк баар этэ.

— Маньчжурияҕа тиийбиккитигэр?

— Быһаччы ытыалаһыыга сылдьыбатаҕым, танковай сэрии кэнниттэн сылдьыбытым. Дьоппуоннар алдьархай хорсун дьон, смертниктэр. Сөмөлүөтүнэн тааҥкаҕа кэлэн түһэллэр этэ.

— Хапсыһыылар кэмнэригэр эйигин быыһаабыт түбэлтэлэрэ бааллара дуу?

— Баар бөҕө буоллахтара ээ, арааһынай. Биирдэ өстөөҕү кытта уун-утары киирсиигэ биир нуучча уолун быыһаабытым. Сэриигэ эн-мин дэһии суох ээ. Бары биир ыал оҕотун курдук… Оннук санааны биһиэхэ ииттэхтэрэ дии. «Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуох­таахпын, Ийэ дойдубун өстөөхтөн көмүскүөхтээхпин» диэн, «Ийэ дойдубун босхолуохтаахпын, ол кэриэтэ бэйэм өлүөм” диэн баар этэ. Иккиһинэн, биһиги иитиллиибит: «үлэлээ — аһаа, билиэххэ-көрүөххэ, култууралаах буолуохха». Билиигэ тардыһыы баар этэ. «Үлэлээҥҥин, байылыат олоххо кэлиэхтээххин» диэн. Биһиги интернациональнай иитил­лиилээх дьон ­буоллахпыт дии. Мин оннук саныыбын. Үлэбитинэн-хамнаспытынан туох да куһаҕаны оҥорботохпут, ону устуоруйа сотуо суоҕа. Биһиги олохпут хаһан да умнуллуо суоҕа, холобур гыныахтара кэнэҕэски көлүөнэлэр.

… Дьоруойбут барахсан, арай туран кэлэн, бу билиҥҥи балаһыанньаны көрөрө буоллар, хайдах эрэ диэн анаарыа эбитэ буолла… Сэриилэспит толоонноругар төттөрү да дьүккүйдэҕинэ, боруога суох киһи этэ…

МИН МУҤУТУУР НАҔАРААДАМ

Көлүөнэни көлүөнэ солбуйар. Биһиги дьоруойдарбыт олохторун түмүгэ кэлэр ыччакка кэриэс буолан сөҥөн иһиэхтээх. Ити сэрии кэминээҕи көлүөнэ сүрэҕин үрдүк дьулуура, үөрбүт үөрүүтэ, эрэ­йэ-кыһалҕата норуот олоҕун кэр­диис кэмэ. Дьоруойдарбыт — биһиги киэн туттунуубут, атын омуктары кытта тэҥнээхпитин кэрэһилээччилэрбит. Кинилэр кэриэстэрэ, омук ийэ тылын кытта дьон уоһуттан түспэтин тухары, тыыннаах буолуоҕа. Дьоруой Н.С. Степановы кытта хаартыскаҕа хаҥастан уҥа үһүс ааптар турар. Ити хаартыска кэтэҕэр суруллубут:

“Ытыктабыллаах Николай Александрович!

Мин Кыайыы 45 сылыгар үс саха буойуттара 46 сыл буолан баран Аҕа дойду сэриитигэр сэмэй кы­­лааппытын киллэрбиппит үрдүктүк сыаналанан, дьолго, мин тыыннаах тиийэн үрдүк чиэскэ тиксэн, Кыһыл Сулуһу түөспэр иилинэрбэр киллэрсибит сэмэй кылааккын сүһүөхпэр сүгүрүйэн, нөрүөн нөргүйэн, ис сүрэхпиттэн махтанан туран бу фотоҕо “алҕаска” бииргэ күлүкпүт көстөрүнэн кэнэҕэһин да саныы, ахта сылдьаргар биэрэбин. Инникитин да ыраас сырдык са­­нааҕынан чиэһинэй дьон туһугар үлэлии-хамсыы сырыт.

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (илии баттааһына) 01.09.1990 с.

Бу хаартыска, бу истиҥ сурук мин муҥутуур наҕараадам буолар.

Николай КРЫЛОВ, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0